Тулаайах оҕо. Далан. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Далан
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-5328-5
Скачать книгу
Тура-олоро, күөстүү-астыы сылдьан, хайдах бултаабытын өрүкүйэн туран киниэхэ кэпсиир Даҕанчаны Бакамда таптаабыт, астыммыт харахтарынан көрөн олорбута. Сиэнэ ыыстаммыт түнэ сону тиирэ кэппит дараҕар санна, түөрт илии кэтит тирии курунан ыга тардыммыт синньигэс биилэ, дьабала этэрбэһэ, кырдьык даҕаны, уон сэттэ саастаах уу ньулдьаҕай оҕоҕо ончу маарыннаабат, сытыы-хотуу туттунуулаах сиппит-хоппут хоһуун буолбут этэ. Аҕатын Үрэни батан, туматтардыы иҥиир-ситии, сула таһаалааҕа, үрдүк уҥуохтааҕа, ийэтин утумнаан дьирикинэйдэрдии сымса, түргэн хамсаныылааҕа. Күн уота харааччы сиэбит дьирикинэйдэрдии кэтит сирэйигэр туматтар уордаах харахтара сабыччы көрбүт этэ, тартаҕар мунна, саҥа хараара тортуйан көстөр бытыга, толору уоһа эрдээх, ол гынан баран оҕолуу көрсүө, намыын көрүҥү биэрэллэрэ.

      Бакамда сиэнэ бултуйан киирбитигэр уонна кинини көрөн олорон үөрүөн үөрэрэ – туйах хатарар киһилэннэҕэ. Баай Хара тыа маанылаах кыылын түргэн атахтаах атыыр лөкөйү охторуу булчукка барытыгар – эдэргэ даҕаны, кырдьаҕаска даҕаны – олус үөрүүлээх суол буоллаҕа! Уол оҕо орто дойдуга арай атыыр тайаҕы бултаатаҕына хараҕа туолар, санаата астынар диир буолаллара.

      Аарыма лөкөйү хайыһарынан ситэн бултааһына Даҕанча этэ-хаана ситэн-хотон эрэрин көрдөрбүтэ. Бачча саас, быстан-ойдон олордохторуна, ас-таҥас кырыымчык кэмигэр бултуйуута кини дьолуолаах табаҕайдаах бастыҥ булчут буолуоҕун сабаҕалыыра. Оттон уол өлөрбүт тайаҕыттан үгүс эти сүгэн киириитэ кини долоҕойдоох туттуулаах, кыайыгас-хотугас киһи буолуоҕун эрэннэрэрэ.

      Эһэтэ оҕонньор, хаҥас диэки баран, кыһан мунньубут сигиритин аҕалан дэпсэҕэ куппута.

      – Чэ, тукаам, аһыах. Буспут буоллаҕына хотор.

      Даҕанча араан үрдүгэр ыйанан оргуйан дэбилийэ турар эттээх күөһү таһааран дэпсэҕэ уурбута уонна икки салаалаах мас атаранан этин хоторбута. Буспут эт, миин минньигэс сыта тунуйбута. Эһэлээх сиэн, быһахтарын ойутан таһааран, аһаабытынан барбыттара.

      Кинилэр аһыы олорон маннык кэпсэппиттэрэ:

      – Мин ити Туманнаах Түбэҕэ киирэр аартыкка турар бэлиэни кэнники кэмнэргэ кэлэ-бара куруутун хараҕым далыттан таһаарбат буоллум. Тоҕо эбитэ буолла, ол харахпар быраҕылыннаҕын аайы хайдах эрэ хааным оонньуур. Дьон кэлэр-барар аартыгар мээнэҕэ туруоруллубатах бэлиэ быһыылаах.

      Сиэнин ити тылларыттан Бакамда дьэбидис гына түспүтэ, тугу да саҥарбакка өр таалан олорбохтообута. Онтон дьиктэмин иһэ олорбут мас чохоотун киэр уурбута.

      – Ким хаалларбыт бэлиэтин мин хантан билиэмий, – диэн дьиэс-куос буолбута.

      Ол эрээри сиэнэ дэбигис арахса охсор санаата суох быһыылааҕа.

      – Эн миэхэ үчүгэйдик кэпсээ эрэ: мин туох дьонноох этибиний? Мин аны кыра оҕо буолбатахпын.

      Бакамда бу сырыыга букатын тугу да саҥарбатаҕа.

      – Мин аны улааттым, аҕам ким этэй? Ийэм ким этэй? Мин кинилэр тустарынан истиэхпин баҕарабын.

      Оҕонньор балачча сөҥүдүйэн олорбохтоон баран, дьэ, саҥарбыта.

      – Эн миигиттэн итинник ыйытыах