Ити кэлин өттүттэн уол эһэтиттэн ол урукку ааспыт быһылааннаах күн туһунан бэркэ болҕойон истибитэ. Оҕонньор тугу да көтүппэккэ кэпсээбитэ, ийэтин Майынчы да туһунан умнубатаҕа.
– Чэ, билигин барыах, – диэбитэ Бакамда, сүгэһэр маһын ылан кэтэ-кэтэ. – Оҕу оннугар ууран кэбис. Хааннаах өс ситиһиллиэр диэри хайа суоруу баас буолан оспокко туруоҕа, хаан өс ситиһилиннэҕинэ кини ортотугар хараҕалана ытыллыбыт ох тостон түһүөҕэ, ону кытта хайа суоруу үмүрүччү оһуоҕа.
Даҕанча, ийэ-аҕа диэни билбэккэ улааппыт буолан, билигин эрэ истибит ийэлээх аҕатын туһунан букатын туспа дьон курдук саныы испитэ. Туора киһи туһугар сааһын тухары билбэтэх, баҕар, сааһын тухары түбэсиһэн көрсүө да суох дьонун кытта өлөрсөрүн туһунан өйдүүрсаныыр этэ. Эһэтэ кыра оҕо эрдэҕиттэн ыла кэпсиир урукку хоһууннар тустарынан умсулҕаннаах да үһүйээннэригэр кини биир суолу кыайан өйдөөбөтө – тоҕо, туох иһин өлөрсөллөрүн. Кини бастаан иһэр эһэтиттэн ол туһунан билигин эмиэ ыйыппыта.
– Эһээ, дьон тоҕо кыргыһаллара-өлөрсөллөрө буолуой?
– Иҥсэттэн, – Бакамда быһаччы быһаарбыта. – Орто Аан Ийэ дойдуну тутан турар иҥсэттэн. Атын дьон босхотун халаары.
– Оттон иҥсэрбэккэ олордохторуна?
– Дьон оннуктар, ону хайдах да гыммаккын: эн халаабатаххына, эйигин халыыллар.
– Биһиги кими да халаабакка, иҥсэрбэккэ олоробут дии.
– Биһигини ким да билбэт. Билэллэрэ буоллар сүгүн олордуохтара суоҕа этэ.
Сиэнэ уол саҥата суох барбыта, кини эһэтин этиитин эргитэ саныы, муна-тэнэ испитэ: «Хара тыа баай ээ, ол гынан баран тоҕо өлөрсөллөр, былдьаһаллар», – дии саныыра кини.
Оттон Бакамда санаата букатын атын этэ. Кини, кырдьыга, сиэниттэн атыны күүппүтэ: аҕатын туһунан, хааннаах илкээни туһунан истээт, өс-саас уотунан умайа түһүөхтээх этэ. Хата ол оннугар туох эрэ солуута суоҕу тылласта. Барар дуо хааннаах өһү ситиһэ? Ити барыта дьирикинэйдэр хааннарыттан. Аҕатын, туматтар хааннара баһыйбыта буоллар атыннык туттуо этэ, Бакамда кийиитэ Майынчыга эмиэ кыыһырара. Ол быыһыгар эмиэ даҕаны атын санаа киирэн тахсара: Даҕанча кыра оҕо эрдэҕинэ этиминэ бэйэтэ сыыста дуу? Оччоҕо, бука, кини тылыттан тахсыа суоҕа этэ. Оттон билигин, туматтар үгэстэринэн, аҕатын иһин тоҥ биистэртэн хаан өс ситиһэ барыа дуо?
«Уҥуохпун тутан бар»
Даҕанча буур тайаҕы уонна сырҕан эһэни бултуоҕуттан ыла улахан санааҕа ылларбыта. Кыылларын этин холомотугар таһар кэмигэр, эһэтин Бакамда хааннаах илкээни туһунан кэпсээнэ кини өйүттэн тахсан биэрбэтэҕэ. Онуоха эбии сааскы ичигэс, үтүө күннэр, уһуктан эрэр Айгыр Силик Айылҕа барахсан кини уутун уйгуурдубуттара, уйулҕатын көтүппүттэрэ – эдэр уолу ыраах ыырдар ыҥырбыттара, туспа дойдулар угуйбуттара. Даҕанча түбүктээх түүллэригэр, сырҕан эһэ арҕаһын түүтүн адаарыччы туппут курдук,