Тулаайах оҕо. Далан. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Далан
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-5328-5
Скачать книгу
саһар икки саспат икки ардынан саҕаҕы кырыйа көппүтэ, харах саатар чаҕылхай сырдык ылааҥы күннэр буолбуттара. Ол кэлин өттүттэн соҕурууттан, күн аннын диэкиттэн, илгэлээх ичигэс тыаллар сирилэччи үрбүттэрэ; чэҥ-муус тымныы тыынын хоту үтүрүйбүттэрэ. Ханнык да бэйэлээх хамыйахтаах баһан-сомсон барыа суох айылаах, сыһыылары-хонуулары барытын өрөһөлүү толорбут үрүҥ хаар уостан, кута-сүрэ көтөн, иҥэр-сүтэр аатыгар барбыта.

      Саас буолан күн уһаан, сырдаан, сылыйан, сэргэхчэбдик кэмнэр кэлбиттэрэ. Халыҥ хаарга хам баттаммыт мастар-оттор өр кэмҥэ сүгэн сыппыт үллүктэрин киэр илгэн, көнө түһэн, һуу гыммыттыы өрө тыынан тыыллаҥнаспыттара, үгүс салаалаах мутукча, сэбирдэх илиилэрин күн уотугар, күлүм-чаҕыл сырдыкка, көй салгыҥҥа тыраадыччы ууммуттара.

      Ол эрээри кыыдааннаах кыһын дэбигис арахса охсор санаата суоҕа. Саас, дьэ, кэллэ диэбит кэннэ итии күннэр эмиэ тымныынан солбуллубуттара, силлиэ-буурҕа ытыллыбыта: мөлдьөгөйдөртөн хаары хастаан куула сирдэргэ, аппаларга-хотооллорго халыҥнык тибэн дьаптайбыта. Ирэ-ирэ тоҥмут хаар анна көмүрүө буолбута, оттон үрдэ киһи атаҕа тобулу үктээбэт муус килиэ гына килэриччи тоҥмута. Муус Тоҥот кэмэ тиийэн кэлбитэ.

      Муус маҥан модун долгуттардыы дьаарыс-дьаарыс тоҥмут халыҥ хомурахтар үрдүлэринэн Даҕанча чэпчэки туут хайыһара, батары түспэккэ, олус аллаахтык халыһыйара: таҥнары киириилэргэ харса суох анньынан иһэрэ, оттон үрдүк эниэлэргэ, хайыһарын таба тыһынан оҥоһуллубут хадьааһына бигэ тирэх буолан, өрө сүүрэн тахсара. Харах саатар чаҕыл сырдыктан, иннигэр тэнийэ тардыллар киэҥ дуолтан, халыһыйар хайыһарын халысхан сырыытыттан санаата көтөҕүллэн, уол иннин хоту кыдьыгырбыттыы түргэнник тэбэн элэстэнэн испитэ. Кини, тоҥ биистэр курдук, илиитигэр биир эрэ эмпэрэлээх айаннаабат этэ, алаҥаалаах нимчикатын, сүүрэрбин мэһэйдээбэтиннэр диэн, көхсүгэр сүгэн баран, икки илиитигэр уһун тайах мас ылынан, онно чиэстэнэн, муус буола тоҥмут хаар үрдүнэн харса суох анньынан айанныыра. Ол иһин сырыыта олус сыыдам, олус түргэн буолара.

      Даҕанча хас да үрэҕи быһыта көтүтэлээн ааһыталаабыта, хас да дьопколорго кииртэлээн тахсыталаабыта. Ол тухары били бэбигирэһэр муус маҥан ыалыкылара да, эмискэ хомурах анныттан бурҕаллан тахсар ыас хара куртуйахтара да мэлийбиттэр этэ. Уол онтон мунчааран санаатын түһэрбэккэ, айаннаабытын курдук айаннаан испитэ, кини бүгүн бултуйуохтааҕар ис-иһиттэн эрэнэрэ. Эдэр булчут дьолуолаах, ол иһэн халыҥ сис ортотугар биир сүүнэ буур тайах соторутааҕыта аҕай ааспыт суолун көрө биэрбитэ. Даҕанча бастаан тохтоон, эмпэрэтин төбөтүнэн тайах хомураҕы тобулута үктэнитэлээбит суолун хайбыта, онтон төҥкөйөн, сөмүйэтинэн оймоон көрбүтэ: кыыл суола ириэнэх буолбута, бу сарсыарда ааспыт этэ. Даҕанча ону билэн, нимчикатыттан оноҕосторун ылан бэрийтэлээбитэ, хайыһарын быатын чиҥэтиммитэ, сүгэһэрин маһын көннөрүммүтэ, өрө уһуутаталаан, тыыллаҥнаталаан ылбыта уонна буур тайах кэнниттэн түһүммүтүнэн барбыта.

      Буур тайах Баай Хара тыа бастыҥ маанылааҕа, сүдү булда – күүстээх, быһый уонна сэрэх кыыл буоллаҕа эбээт! Кинини кэнниттэн эккирэтэн күдэн күүһүн көлбөнүтэн, модун уоҕун солбонутан, быһыйынан быһыйын баһыйан, ситэн тиийэн