Хоһуун таба олбоҕуттан ойон турбута, бэрбээкэйигэр тиийэр уһун тайах тириитэ саҕынньаҕын устан тиэрэ бырахпыта, көһүйбүт этин-сиинин көннөрө тыыллаҥнаталаабыта.
– Били баҕайы уол тоҕо кэлбэтий?! – диэн ас таһар уолун суохтаан обургутук иһиллэр гына саҥарбыта.
Хоһуун ол турдаҕына эмискэ тулатааҕы иһийэн турар сарсыардааҥҥы чуумпуга дапсылар тыастара лабырҕаспыттара, тула өттүттэн ох сыыгынас буола түспүтэ. Алаҥаалаах дьон кинини хайыы үйэҕэ төгүрүйбүттэр этэ уонна туох да харса суох ытыалаан кыырайдаан барбыттара. Хоһуун үҥүүтүнэн хаҥас өттүттэн кинини ытаары аҥаабыллаан эрэр уһун хара бэкир киһини быраҕан саайбыта, тиийэн киһи алаҥаатын кирсин лас гына быһа түспүтэ. Ол кэнниттэн, суптурута түһэр чупчурҕан охтортон аһартаан сиирэ-халты түһэртэрэ-түһэртэрэ, туох да сэп-сэбиргэл ылар кыаҕа суох, чурбука үрдүттэн аллара ыстаммыта, таас кэнниттэн быга түспүт кылгас маҥан таба сонноох киһини үрдүнэн ойбута. Киһи соһуйан хаптас гынаат, сыыһа тутан салгыны харбаан хаалбыта.
Үгүстүк киирэ-тахса үөрэммит сиринэн аллараа сарыы тордохторго киирэн кини дьонун сэрэтэр санаалааҕа. Ол эрээри өстөөхтөр кыргыһыыга үөрүйэх быһыылаахтара, кини суолун ол өттүн хайыы үйэҕэ быспыт этилэр. Ол иһин кини чурбука нөҥүө өттүнэн эрэ аһаҕас сир баарынан аллара түһэн, суордуу кылана-кылана, өрүс кытылынан сүүрбүтэ. Хоһуун кэнниттэн кылгас маҥан таба мэкчэкэлээх уонна уһун хара бэкир киһи тилэх баттаһа эккирэтэн тэбиммиттэрэ. Эккирэтэн иһээччилэр кыырт мохсоҕоллуу саҥаран чаҥырҕаһаллара, уҥа-хаҥас диэки бургуйар кыах биэрбэккэ, өрүһү таҥнартаран түһэ турбуттара…
Тугу да билбэккэ, сэрэммэккэ олорбут тордохтор кыайан утарыласпатахтара, саба түһээччилэр тулуппатахтара…
Ыкса киэһэ, барыта бүппүтүн кэннэ, соҕотох хаалбыт тиһэх тордоххо маҥан таба таҥастаах уонна хара бэкир киһи көтөн түспүттэрэ. Аан икки чанчыгар бэриһэн туран аастыйбыт баттахтаах кырдьаҕас оҕонньорго туһаайан:
– Оҕонньоор, бу сиргэ кэлэммит улаханнык бултуйдубут, улуу хоройкоону охтордубут, – диэбитэ маҥан таба таҥастааҕа туматтардыы бэрт ылбаҕайдык. – Үрүйэни үрдүнэн ойон эрдэҕинэ борбуйун иҥиирин быһа ытан боҕутуннардыбыт. Онон бу эһэбитигэр, кыра да буоллар, кэһиилээхпит.
Инньэ диэн баран киһи оҕонньор иннигэр этэрбэстээх даҕынньаны бырахпыта.
Оҕонньор, ол ынырык кэһиини көрөн, өр саҥата суох таалан олорбохтообута, онтон аргыый ыган таһаарбыта:
– Оо, ол иһин оҕом эрэйдээҕи маннык кэбилээбиккитин сүрэҕим сэрэйээхтээбитэ. Маҥан таба түүтэ ахсааннаах майаат омуктар тутайан өлөр улуу сут дьылларыгар оҕом отут ураһа киһини биир оҕунан иитэн кыстаппыта. Ол онно силиитэ быстан эһиэхэ ситтэрдэҕэ.
– Кырдьаҕаспыт, кэпсээ эрэ, Үрэн хоһуун ыччата-төрүөҕэ төһө баарый? – диэбитэ бастакы киһи.
– Туох