Тулаайах оҕо. Далан. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Далан
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-5328-5
Скачать книгу
тутан ылыах курдук, харса суох кэнниттэн түһүспүтүнэн барбыта. Кини урут тайаҕы бултаабатах буолан, үөрүйэх булчуттар Баай Хара тыа быһый атахтаах кыылын күнүс хаар ирбит кэмигэр, сылбыйаҕа, эккирэппэттэрин, түүнүн, хаар тоҥноҕуна, эккирэтэллэрин билбэт этэ.

      Тайах дириҥ хомурахха ыараханнык сүүрэрэ, оттон уол буоллаҕына, тоҥуу хаары букатын да бааһырпат кэриэтэ үрдүнэн халтарыйан элээрэрэ. Ол да буоллар лөкөй атахтара уһун, күүстээх этилэр, хаары тоҕута тардан, сиэлэн атаралаан, олус түргэнник, ырааҕынан атан куотан бара турбута. Уоллаах тайах, ол курдук, көс кэриҥэ сири барбыттара. Даҕанча бастакы омуна ааспыта, уоҕа хараабыта. Тайах тохтоон, кини тыаһын иһиллээн турбахтаабыт суолун көрбүтэ. Уурайбакка кэнниттэн эккирэтэн иһэллэрин билэн, буур, дьэ, аны тохтообот барыытын барбыт этэ.

      Даҕанча, тыын ыла, тохтуу түспүтэ. Аны кинини тайах биллэ, ол иһин мантан инньэ хайдах сонордуохтааҕын, дьэ, санаан ылбыта. Эһэтэ Бакамда этэр буолара, булка аҥаардас быһый быччыҥ, сытыы харах, бэргэн илии быһаарбат, олорго мындыр өй холбоһон булчуту улуу булчут оҥорор диэн. Даҕанча сылыктаан көрдөҕүнэ, тайах күүһэ-күдэҕэ сүрдээх, күнү да быһа сүүрэр кыахтаах быһыылаах. Оттон тайаҕы ыгылыппатахха, ыксаппатахха, тыа кыыла буоллаҕа, хаһан да ситэн өлөрүөҥ суоҕа. Кини, арай, эһэтэ үөрэппитин курдук, кэнниттэн эккирэппэккэ, таарыйан ааһыа диэбит сирдэригэр, тоҕойдоругар быһыта түстэҕинэ сатаныыһы. Инньэ дии санаан баран эмиэ тайаҕын кэнниттэн анньынан кэбиспитэ. Сотору буолаат, тайах уҥа диэки халыйбытын көрбүтэ. Кини адьас көнөтүк, иннин хоту барбакка, араастаан бургуйан куота сатыырга санаммыт быһыылааҕа. Даҕанча ону сэрэйэн буур иннин күөйэ уҥа диэки быһалыы ыстаммыта. Кырдьык, тайах үрэх тоҕойугар баар мөндөл сиринэн киирэн, кини иннинэ эрэ аҕай ааспыт этэ. Эдэр булчут тайах баран иһэр тосхолун таба таайбытыттан олус үөрбүтэ, санаата көтөҕүллүбүтэ. Мантан ыла уол уонна кыыл икки ардыларыгар харах симсиигэ маарынныыр унньуктаах уһун эрийсии саҕаламмыта: тайах түҥкэтэх симилэхтэринэн, ыт мунна баппат ыккыйдарынан араастаан эрийэн-буруйан, эккирэтээччититтэн куотарга дьулуһара, булчут уол кыыл ханна тахсыахтаах, быһа охсуохтаах сирдэрин сэрэйэн быһыта түһэттээн иһэрэ. Даҕанча ийэтиттэн утумнаабыт булчут дьирикинэйдэр хааннара уһуктубута: ол тоҕойдору, тумуллары, ханна баалларын кимтэн да ыйыппатаҕын, урут хаһан да көрбөтөҕүн иһин, этинэн-хаанынан сэрэйэн билэрэ уонна кэбэҕэстик булара. Бардар бараммат Баай Хара тыа барахсан устататуората биллибэт Улуу Маҥан Дуолга киирэн симэлийэр сирэ киэҥэ – икки чэгиэн иҥиирдээхтэр, сылайбат сындааһыннаахтар күрэс былдьаһалларыгар, күрэхтэһэллэригэр сөптөөх дойду буолан биэрбитэ.

      Күн арҕаалаабыта, саҕахха санньыйбыта. Хоту дойду сааскы күнэ киирбэккэ саҕаҕы эргиччи тула көтөрө, түүнүн да күнүскүлүү сырдык буолара. Ол эрээри тымныйбыта, күнүскү сылбыйа ааһан, ирбит хаар үрдэ тортуйбута. Икки улахан тумулаттар икки ардыларынан ааһар кыбычыын аартыкка, Даҕанча көрдөҕүнэ, тайах суола хааннаммыт