Булчуттар сарсыарда эрдэ турбуттара. Сып-сап аһаат, хайыһардарын анньынан, бултарыгар тахсыбыттара. Хомурах хаар үрдүнэн аргыый сыыйа тэбэн куула хотоолго киирбиттэрэ. Оҕонньор хотоол ортотугар баар балачча үрдүк томтор сири көрдө-көрбүтүнэн чуо барбыта. Онтон сүүсчэкэ хаамыыны ситэ тиийбэккэ тохтообута. Манна булчуттар хайыһардарын устубуттара. Даҕанчаҕа эһэтэ сибигинэйбитэ:
– Оол көстөр мэндир үллүгэс анараа, күн диэки өттүнэн айахтаах буолуоҕа. Эргийэн онно баран көр. Бүө маста ыл.
– Суох, эмиэ тугун маһай, – Даҕанча утары сибигинэйбитэ.
Сиэнэ туттуута-хаптыыта сыыдамсыйбытын, хараҕа уоттаммытын Бакамда астына көрбүтэ. Даҕанча сигэ кэлгиэлээх һэлии муоһа уһуктаах кылгас модороон үҥүүтүн туппутунан мастар быыстарынан элэҥнии турбута. Бакамда сүгэн испит алаҥаатын ылбыта, нимчикатыттан сулумах кустугу талан, онно туора ууран бэлэмнии тутан баран, сиэнин кэнниттэн аргыый аҕай сыҕарыйан испитэ.
Даҕанча толлугаһа суох буолан биэрбитэ: тэйиччи турар сэппэрээктэр быыстарыгар баар арҕахха чуо барбыта. Ону Бакамда эдэрэ бэрт буолан сэрэҕэ суох диэн сэмэлии да, куттана да санаабыта. Арҕах айаҕа дэбигис көстүбэт, урут көрбүт эрэ киһи кини иччилээҕин билэр гына, тахсар сирэ кытыан быыһынан кырыарбытын булчуттар иккиэн бэлиэтии көрө охсубуттара.
Даҕанча чэпчэкитик, сымсатык, тыаһа суох хаамара, арҕах айаҕар түргэнник тиийэ охсубута. Сиэнэ, дьирикинэй хаана, эһэтэ омнуолуу санаабытын курдук, оттомо суох буолбатах эбит этэ: аһаҕастык арҕах айаҕар турбакка, тоҕоостоох сир булан, сөп соҕус суон тиит кэннигэр туран арҕах иһин болҕойон одууласпыта. Эһэ дьон кэлбитин билбит сибикитэ тута биллибитэ: сир анныгар бэрт дириҥ, суостаах саҥа ньирилээбитэ. «Уһуктаары сэргэх сытар эбит буоллаҕа. Оттон уһуктаҕас эһэни өлөрөр күчүмэҕэй», –