Бакамда олорон аһарбыт олоҕун усталаах туоратыгар халыҥ тирии хайдарын, хара хаан тохторун көрбөхтөөтө. Бу быһылаан-өлүү үйэтигэр өргөстөөх үҥүүнү өрө туппут ол өрөгөйдүүр, кырыктаах батаһы кыбына сылдьыбыты ол кыайар диэн санааҕа кэлбитэ кини. Тиис-тиискэ, муос-муоска! Кимиэхэ да сытан биэримэ: өлүөххэр диэри өстөөхтөрдүүн өлөрсөн баран, өс кыайтарыаххар диэри кырыыстаахтаргын кытта кыдыйсан баран кырбастан!
Хааннаах өс! Бэйэтиттэн ситиспэтэххинэ бэдэриттэн ситис! Кинилэр умналларын саҕана, биһиги өйдүүрбүт саҕана буоллун!
Бакамда дьонуттан быстан туһунан олорбутун былаһын тухары биир эмэ сыл өлөр куттала суох олорбуттарын өйдөөбөт. Куруутун сэрэнии-кэтэнии, куруутун кыргыска бэлэмнэнии бары атын түбүгү барытын баһыйан, хааннаах көхсүнэн устар хонуктары бүөлээн олох үчүгэйин көрдөрбөтөҕө. Ол иһин Бакамда даҕаны, кини дьоно барылара даҕаны хааннаах өһө суох олох баар буолуо диэн санаан да көрбөттөрө. Ол иһин Бакамда Майынчы санаатын, баҕатын кыайан өйдөөбөтөҕө.
Ийэтэ Майынчы өлөөрү сытан уолун Даҕанчаны сыллаан-уураан ылан баран, бэйэтин тылынан тугу эрэ алҕаабыта. Ону кини өйдөөбөтөҕө. Майынчы охсуһуунукыргыһыыны букатын сөбүлээбэт буолара, бука, оҕом этэҥҥэ сырыт, охсуһууну-этиһиини тумун диэн кэриэһин эппит буолуохтаах. Бакамда дьирикинэйдэри, кинилэргэ кыайтарбыт атын биистэр тустарынан саныы үөрэммитинэн, кус сүрэх куттамсахтарынан ааҕара. Ол иһин кини сиэнин Даҕанча тымырдарынан туматтар туохха да бохсуллубатах модун, дохсун хааннара сүүрүгүрүөн баҕарара. Даҕанча аҕатын Үрэн хоһуун хаанын ситиһиэхтээҕин туһунан саарбаҕалыы да барбат этэ. Ол эрэ иһин кини бу хаалбыт олоҕун олорон кэллэҕэ. Ол эрэ иһин бу сиэнин ох курдук оҥордоҕо, кустук курдук куоһаатаҕа. Барыта ол эрэ иһин. Ол өһөгөйдөөх өс, улуу мөккүөр туһугар кини баччааҥҥа диэри тыыннаах олордоҕо.
Бакамда маҥхайа сатаан баран саһарбыт баттахтаах төбөтүгэр өйүн ханнык эрэ муннугар былыргы өбүгэлэр мөлтөх, иринньэх, куһаҕан оҕо төрөөтөҕүнэ хайаҕа, тыаҕа таһааран быраҕан кэбиһэллэрэ үһү диэн өйдөбүл иҥэн сылдьара. Оннук буолумуна даҕаны, сиртэн сиргэ үүрүллэн-үтүрүйүллэн, сыҕарыйан-куотан биэрэр дьоҥҥо, бэйэлэрин туруулаһан көмүскэнэр эрэ дьоннор туһалаахтара, иринньэх айах адаҕалара боҕуу эрэ буолаллара. Кини билгэлээн, чинчийэн көрдөҕүнэ, бадаҕа, кини сиэниттэн Даҕанчаттан киһи куһаҕана, киһи мөлтөҕө тахсыа суох. Баҕар, өлүүттэн өрүһүйэр, былаҕайга былдьаппат тумат омуктар охсор илиилэрэ, тэбэр туйахтара буолар, биис ууһун көмүскүүр хоһуун бэрдэ тахсыа. Аҕатын Үрэн, эһэтин Бакамда туйахтарын хатарыа – Үс Бэлиэлээх хоһуун буолуо. Ол да иһин Бакамда кинини үөрэтэ-уһуйа сатаата.
Эһэтэ сылтан сыл аайы мөлтүүр-ахсыыр этэ, оттон сиэнэ уол түргэнник улаатара, күүһүрэн-уоҕуран испитэ. Даҕанча улам ситэн, улахан дьонтон итэҕэһэ суох үрдүк уҥуохтаммыта, хонук хоннох, күн өрөөтөх аайы улам дараҕар сарыннанан, бүтэй бүлгүннэнэн испитэ. Кини сайынын-кыһынын тыаттан киирбэтэ: күн аайы Эргэнэ Хара