Кыараҕас алаас үрдүгэр, тыа быыһыгар, кутуйах илдьи тыыппыт эргэ нэгин курдук быыкаайык тулаайах балаҕантан сэдэх соҕустук кыым тахса турар этэ.
Ким эрэ бурдук тардар быһыылаах – таас тыаһа кыыкырдыыр уонна им-дьим, атын саҥа-иҥэ биллибэт. Онтон дьиэ иһин өҥөйөн көрдөххө, биир бэрт ырыган, иҥиирэ эрэ күрэҥниир, көхсүгэр түөрт сиринэн түөн чэрдээх киһи, ырбаахытын устан баран, суол аанын чанчыгар бурдук тардан аала турар. Сирэйиттэн-хараҕыттан көрдөххө, санаарҕаабытыгар сөп киһи эбит, тааһын да тыаһа, кини бэйэтин санаатыныы, аргыый аҕай аалар.
Бу балаҕан иһигэр таас тыаһыттан ураты киһи кулгааҕа-хараҕа иҥнэрэ атын туох да баара биллибэт. Таас эрэ тыаһа, аргыый лоһугураан, чочугураан кэлэ-кэлэ, эмиэ аргыый аалан, кыыкырдаан барар.
Арай имик-самык умайа турар уот сырдаан ылбытыгар кыһайан көрдөххө, оһох чанчыгар биир аҕыс-сэттэ саастаах, чачархай баттахтаах оҕо мас ат оҥорон оччоһо олороро уонна биир чороччу улаатан эрэр кыыс оҕо, үстээх-түөртээх уолчааны көтөҕөн баран, атаҕын холумтаҥҥа ууран, хоруонан тымтыкка суруйа олороро. Оҕото уута кэлбит быһыылааҕа: дьааһыйан оҥоҥнуу-оҥоҥнуу, туой субу-субу уокка турар күөс диэки кылап гына көрөр этэ. Ийэлэрэ хаҥас ороҥҥо ыарыта сытара. Өтөр буола-буола дириҥ ынчыга иһиллэрэ.
Дьэ уонна им-дьим, борук-сорук.
Арай таас эрэ тыаһа аргыый аалан кыыкырдыыр, арай Охоноон эрэ санааргыыр этэ. Кини ревком буола сылдьыбыта, онтон сибиэркиирэ эбитэ дуу, эбэтэр дьахтара ыалдьан буолта эбитэ дуу, биитэр баттыгас эмиэ эргийэн, эмиэ хамначчыт буолан, киһи аатын ылбакка, сөптөөх өлбүгэ сүкпэккэ, баайдар атахтарыгар үҥэ, сааһым тухары оҕолордуун, ойохтуун муҥу-сору көрөрбүт кэллэҕэ диэн санааргыыра дуу? Дьэ тоҕо эрэ кини санаатын ыар былыт баттаабытын курдук этэ. Ревком буола сылдьыбытыттан куттана саныыр этэ да, мин туох даҕаны куһаҕаны оҥорботоҕум, норуот иннигэр сылдьыбытым, тугу тыыталлар үһү диэн бэйэтэ бэйэтин саататара. Ол икки ардыгар, саалаах-саадахтаах бандьыыттары санаатаҕына, этэ атый-атый гынара. Кини ол аймахтар бардамнарын, буруйа да суох киһи хаанын тоҕоллорун кэрэйбэттэрин билэрэ. «Табаарыстарбар күрүүр кыаҕым суох буолта абатын!» – диэн кини хараастан турбута.
Таас тыаһа дөксө улам бытааран барбыта. Бу икки ардыгар өйүгэр туох эрэ сырдык күлүм гына түспүтэ. «Оттон билигин күрээтэхпинэ? Хайыһар кэтэн баран, сис устун тус арҕаа, Дьокуускай диэки, түһэ турдахпына, дьоммор, кыһылларга? – диэн, хараҕа уоттанан, сирэйэ сырдаан кэллэ. Онтон балаҕанын иһигэр турарын өйдөөн кэлэн баран: – Оттон оҕолорум, ойоҕум эрэйдээхтэр…» – диэн, эмиэ төбөтүн санньыччы туттан, тааһын эмиэ аргыый тардан барда.
Сотору таас тыаһа уурайда.
Били имик-самык умайа турар уот, күлбүт курдук, чачыгырыы түстэ. Харахпар сыыс киирдэ диэххэ айылаах, ыһыырынньык чүмэчи остуол үрдүгэр чипчилиҥнээн кэллэ. Онуоха көрдөххө, киэһээ аһылыктарын аһаары олорбуттар. Оҕолор үөрүүлэрэ, күлсүүлэрэ диэн сүрдэммит. Били кыра, үстээх Төгүрүк диэн уолчаан: