Уол муннун тыаһа утуйда быһыылаах. Оҕонньор, ону сэрэйдэ гынан баран, кыһаммата. Кини хоонньугар ыстанан тахсыбыт куосканы имэрийэ-имэрийэ, киниэхэ кэпсиир курдук, аргыый кэпсии сытта.
– Онтон дьэ күһүнүгэр от-мас сайын барахсан кэлиитигэр чэлгийэ симэммит күөх нуоҕай өллүргэтэ тохтон-хоронон барда, көҕөрөн көстөр торҕо тыа күкээрэн, сэндээрэн көстөр буолла. Сэмэнэп саҕана хас эмэ хонугу мэлдьи өһөөн-сааһаан туран ардах бөҕө түстэ. Күн-ый дьаабыта биллибэт буолла. Күөх халлаан күлэр ньуура сабыллан, хараҥаран, хараара сытыйбыт от түгэҕинэн отуу оҥостубут курдук, бүрүйэ сүүдүрүүннэннэ.
Дьэ ол күннэргэ мин Аанчыгым өлөр охтуутун охтубута. Күнүһүгэр ыалдьа-ыалдьа, уу баһа, ынах ыы сылдьаахтаабыт эбит. Ону биллэрбэккэ кистээбитэ. Кини ол хоргуһа дуу, хоргуппутун күүһэ эбитэ дуу, ону билбэтим. Ол түүнүгэр, сарсыарда таҥара сырдаан эрдэҕинэ, Аанчыгым быыһаммакка эрэ барбыта.
Билигин даҕаны, бу отут сыла туолан эрдэҕинэ, миэхэ бу баар курдук кини иэйэн-туойан, ынчыктаан кулуннуу мөхсө сытара…
Эрэйдээҕим сыыһа баттаҕын куруук тараанара, онтуката үрэллэн, биир кэм лаглаҕай гына иилистэн баран сыттыгар ыһыллан, туох да күүһэ-көмөтө суох, сирэйин ооккото муннуктанан, ыарыы бөҕө кэбилээн, дьүһүн-бодо буолан баран: «Өллүм, өллүм…» – диэн хаһыытаабыта, аймаммыта, дириҥ ынчыга сүрэхпэр билиҥҥэ диэри баас буолан сылдьар… Онтон бэттэх киһи ынчыгын тулуйан истибэппин.
Сиэх-сиэх курдук түҥ-таҥ тутан баарта сүрдээх этэ. Оҕо, дьахтар куттанан бары тыаҕа түспүттэрэ. Арай мин эрэ онно, абыраары, баһыгар олорбутум.
Онтон түүн үөһүн саҕана мэнэрик аҕаллыбыт. Туһа суох. Онтон ыксаан, киэҥ көҕүс кыараан, отоһут буллубут. Ол күтүр илиилэспитэ. Сол кини илиитин анныттан Аанчыгым кыа хаан ортотугар сытан барбыта… Ааттаспыт-эрэммит курдук хараҕын ооккотун сааһын тухары быһа симмитэ. Күлэр-үөрэр, ыҥырдахпына хайыһа түһэр бэйэтэ ыҥырбыппар, ытаабыппар кыһамматаҕа «сиэтигит ээ, абабын, тоҕо бу курдук кэбилээтигит?» диэх курдук этэ. Сиэбиттэр биһиги баарбыт. Сиэбит ийэтэ, аҕата бааллар. Кини оҕо… оҕо этэ, этэ-хаана ситэ илик