Син биир күүтэр эбиппин…. Галина Нельбисова. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Галина Нельбисова
Издательство: Бичик
Серия: Билиҥҥи кэм прозата
Жанр произведения:
Год издания: 2011
isbn: 978-5-7696-3406-2
Скачать книгу
хара баалланар; күөх чуоҕур атыыр оҕус үҥкүрүйэн-күөлэһийэн эрэрин курдук, үллэр-түллэр долгунунан харбаһар; кыыһыран, хара халҕаһа хаастарын быһыта-хайыта тыытан, уордаахтык дьалкыйар; көхсө кыараан, көҥүл-босхо бараары, күүгэн, көлөһүн алла-алла, күүстээхтик күллүргүү-халлыргыы, күр таас хайатыгар тахсан түөһүнэн милкийэр. Үрүҥ күнү хаххалаан, хараҥанан сабардаан, буор дойду ньургун чэчир ыччатын ыксаппыт халлааҥҥа, хонноҕуттан-быттыгыттан аҕылаан, сиэлэ-кутуруга туруору ыстанан, ыйылыы-ыйылыы охсуһан эрэр атыыр курдук өрө-таҥнары мэҥийэн, үрүҥ баалынан үөһэ-аллара ыһа-ыһа, өрүтэ ыстана-ыстана, үллэ-түллэ, былыты быһыта сынньаары, чаҕылҕаны сабыта охсоору, үөһэ харбаһар. Онтон, кэлин тиһэҕэр тиийэн, бухатыыр киһи таас хайаҕа батыйатын үлтү кырбаан, курустаал таас ыйылыы-ыйылыы үлтү бытарыйан, үөһэ кыырайан эрэрин курдук, дьэҥкир уутунан ыһыахтанар.

      Оччоҕо буоллаҕына ол сир-халлаан уоттаах, уордаах оонньуутугар ол курдук уоҕа-кылына киирдэҕинэ, ханнык да улахан хараап аалы халҕаһатын анныгар киллэрэн тимирдэн баран, кырылас кумаҕынан көмөн, кэриэс уҥуох оҥоруохтаах.

      Оннук этиҥ, чаҕылҕан, өрүс, баал оонньуутугар, охсуһуутугар туох барыта, киһилиин-сүөһүлүүн, көтөрдүүн-сүүрэрдиин, оттуун-мастыын харахтарыттан уу-хаар баспытынан иһийэн ньимийэллэр. Арай эрэллээх эҥээр хара тыа илин эҕэрдэлээх халлааҥҥа иэҕэйэ-нусхайа, хоҥкуйа-тоҥхойо, үҥэн-сүктэн көрдөһөр. Онтон сүҥкэн өрүһүм кыайан-хотон, хараҥа былыт, эргэ олох ытыы-соҥуу, уостан эрэрин курдук, хараҕын уута саккыраан баран халбарыйар. Ол кэнниттэн өтүйэ, кыстык курдук былыттар өрүтэ үүнэн тахсаннар, арылык халлаан айыы сардаҥата дьэ арылла түһэрин кытта, Өлүөнэ өрүс күлбүт-үөрбүт көмүс ньуура эмиэ күлүмнүү оонньоон кэлэр.

      Онтон иһиттэн ыраас айыы сандаа сырдык салгын түһэн ийэ дойдубутун арчылыыр. Оччоҕо уруккутааҕар ордуктук улуу үрэҕим илгэтэ чэлгийэн, дьэрэлийэн, күөгэйэ долгуйан, дьиэрэһийэн-дуораһыйан, күлүмнүү күлэр эбээт!

      Хор, оннук үлүскэннээх сүүрүктээх, үс үллэр үөстээх, быстыбат быйаҥнаах, барҕа баайдаах биһиги, сахалар, Өлүөнэ өрүс эбэбит!

      1926

      Аанчык

      Сайыҥҥы киэһэ айдаана нам барда. Чэбдик кэрэ бараан түүн көй салгын буолан күөгэйэ көтөн кэлэн, алыптаах илиитинэн сыыйа, аргыый аҕай араҕас ими саба тутта. Аан дойдуну күлүк бороҥ кут-ньуолах сөрүүкэтэр суорҕанынан: «Чэ, оҕом, утуй, уоскуй», – диэбиттии, алгыы-таптыы саба тарта.

      Барыта сымнаата, чуумпурда. Хампа намыл тыа им-ньим баран, сүүһүн аннынан көрөн сургуллан турда. Көстөр ыырым, дойдум бүтүннүү даҕаны, ыйытан баран ылыммыкка дылы, ылы-чып барда. Күнүс оҕолор сөтүөлээн аймыыр уулара, таас кыырпаҕын курдук өрө сандаара ыһыллара тохтоон, үөл-дьүөл буолан, луҥкуран сытта. Сайылык буор сыбахтаах балаҕаннара кыччаан, намтаан, күнүс көрбөтөх киһи манна ыал баар буолуо дуо диэх курдук, иҥэн-сүтэн, күл курдук боруһан, хаптаһан тураллар. Онуоха, дьон баарын соруйан биллэрээри гыммыттыы, арай илин ыал түптэлэрин буруота ордук сырдаан, көҕөрөн, тыа баһынан халлаан сиигин курдук