Син биир күүтэр эбиппин…. Галина Нельбисова. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Галина Нельбисова
Издательство: Бичик
Серия: Билиҥҥи кэм прозата
Жанр произведения:
Год издания: 2011
isbn: 978-5-7696-3406-2
Скачать книгу
килбэйэ күндээрэ, аны ийэ дойдубун уйгуурдуом диэххэ айылаах, уоран, ууллан, нэлэйэ-хотойо аргыый устара ууһун, намыынын эбитин!

      Оччоҕо бэл үөһэ үрдүк халлааҥҥа үөрэ-күлүмнүү турар үрүҥ күн кэрэхсээн, аллара сатыылаан, таптаан, сыста түһэн, сиэркилэ таас гынан күлүм сандаа ньуурун көрүнэр.

      Эҥээриттэн туругурбут нуолур хампа өллүргэлээх, мотуок солко мутукча талбаалаах чэлгийэр дьарҕаатын тардыммыт чээл күөх тыата, ийэтин эйгэтин, уутун ортотун көрөөрү, сындыыс маҥан тойон мыраан хайатыгар умса-төннө түһэн өрө ыттан тахсан, чарапчыланан баран, ылы-чып, элээннии-сэлэлии онтон билиҥҥэ диэри одуулуу турар курдук эбээт!

      Оттон иһинээҕи иирэ талахтара ийэлэрин илгэтиттэн илэ үөрэн, эт-сүрэх сэбирдэхтэринэн илибирии мөхсөллөр. Арыытааҕы араас хампа отторо бастыҥалаах төбөлөрүн көтөҕөн, имнэрэ кэйэн, нусхаһа-күөгэйэ, үрүмэччи курдук, өрө көтүөххэ айылаахтык көй-күргүөм үҥкүүнү түһэрэллэр, көмүс симэх курдук ирбэнньиктийэ оонньууллар: талах быыһыттан тапталлаахтык көрдөллөр – кинилэр, от быыһыттан күлэ көрүстэллэр – кинилэр, эбэтэр килбигийбит кыыстыы мичээрдэрин кистээн бараннар, нус-хас гынан, нуоҕай төбөлөрүн хоҥкуталлар биитэр элэк гыммыттыы: «Бу эн барахсан ама эбэҥ илгэтин, быйаҥын билбэккэ кутуруйа-соҥуйа сылдьаҕын дуо?» – диэбиттии, иэдэстэрэ кыыһан, күлэ түһэн бараннар, иирэ күлүгэр саһан хаалаллар.

      Хор, ол курдук Өлүөнэ өрүһүм күн ортотун саҕана оттуун-мастыын күлэр, оонньуур!

II

      Оо, дьиктитэ-кэрэтэ бэрт Өлүөнэ эбэм сааскы сөрүүн түүҥҥэ! Күөх кууппал халлаан тохтор, оонньуур уоттаах мөһүүрэ бэргэһэтин кэппитин кэннэ, туох барыта – киһилиин-сүөһүлүүн – утуйбутун кэннэ, арай кини эрэ аргыый устарын кубулуппат. Сааскы түүҥҥү сөрүүн салгыны көй-най түөһүгэр көтөҕөн аҕалан, кут бороҥ суорҕанынан суулаан, кууһар-ууруур курдук күөгүлээн, удьурдаах сүүрүгэр биэбэйдээн, итир тыалынан хамсатан, ибир долгунунан бигээн, халааныгар, талааныгар нарылаан, дьоллоох уунан кими, тугу барытын кини утутарга дылы…

      Оччоҕо халлаан күлүмнүүр уот харах сулуһунуун кини хараҥа күөх толбонноох ньууругар түһэн, тырымныы бигэнэн, умсумахтаан бараннар, күллэ-күлбүтүнэн утуйарга, уостарга дылы гыналлар… Оттон Өлүөнэ эбэм биир кэм тохтообокко бара, уста турар… Онуоха нуктаан, нухарыйан эрэр бойбор хара тыата, утуктаабытын кэмсиммит курдук, сүүһүн аннынан көрөн, хам-бааччы сукуллан туран, аһыйа-соҥуйа, уоран ытыы хааларга дылы гынар. Бэл-бэл диэтэр добун халлаан көй хара хараҥатынан күөйэ-хаайа түһэн сабаары гынар да, син биир Өлүөнэ өрүс толбон күөх иэнэ, сир-халлаан ыпсыытынан нэлэйэ кэтирээн, күлүк таас курдук килбэйэ-томтойо көстөр. Оччоҕо буоллаҕына, куотан баран элэк гынардыы, кирис гына түһэр уонна уута кэлэн хаптайа сытар биэрэгэр тиийэн, илитиэпкэ хотуур истиэнэтэ туртас-кылбас гынарын курдук, ымаҥнаан ылбахтыыр. Эбэтэр кубулунан, түүҥҥү тымныыттан тоҥон, аргыый иттэ баран эрэрдии, хаптайа сыстаҥныы, төгүллүү долгуйа сыырыгар тахсар уонна тиийбит бэлиэтин биллэрэн, эстэр чаҕылҕан курдук килбэс гынан баран харааран, көҕөрөн, сүтэн, сыыйа утуйарга дылы