Син биир күүтэр эбиппин…. Галина Нельбисова. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Галина Нельбисова
Издательство: Бичик
Серия: Билиҥҥи кэм прозата
Жанр произведения:
Год издания: 2011
isbn: 978-5-7696-3406-2
Скачать книгу
бэрт да сор, доҕоор! Көр сүнньүбүн быһа түһэ сыстым дии! Сатана сэбэ туох үөдэн буолан хаалла? Урут оттон бастыҥ сэппит аатырар этэ дии. Бу күһүн Өрөһөөк уларса сылдьан сырыытын уларытан кээспит эбит буоллаҕа. Ити тухары киһи киэнин аанньа ахтыбаттар. Бу маннааҕы ытаһата эмиэ түспүт эбит дии, быһыыта. Бар, нохоо, ыл ол маһы аҕал!

      – Бу маһы дуо?

      – Хараҕыҥ тэстээрэй, эн көрдөххүнэ, ити мас дуо? Мутук буолбат дуо?! Ону аҕал диибин эбээт, – дии-дии, сүрүн мас аллараа өттүгэр ытаһа оҥорон буугунаста, уоһун элээмэтэ тэллэллибит, көхсүн туома богдьоллубут. Оҕустара буоллаҕына алаас уҥуор сүөһүлэри одуулуу турда. Оттон уол: «Ити туйаарарга киһи буорунан быраҕан тириэрдиэ дуо?» – дии саныы турдаҕына, «Чэ бар!» – диэн саҥа иһилиннэ.

      Суха сырыыта арыый табылынна, оҕонньор эмиэ аа-дьуо сыыҥтыыр, холкутук унаарытан «һай-ай» диир буолла. Бу икки ардыгар үһүс эргийиилэригэр сухалара эмиэ тыҥырахтаан, өрүтэ тэбиэлээн, икки ойоҕоһунан оонньоон киирэн барда.

      – Бэйи, тохтот! Бу сэппит эмиэ иһигэр киллэрдэ, – диэтэ Хаампый. Били саҥа оҥорбут ытаһалара түһэн хаалбыт эбит, ону эмиэ кыыһырса-кыыһырса, көрдөөн көрдүлэр да булбатылар. Онтон сылтаан чэйдии таҕыстылар.

      Оҕонньор, чэйэ оргуйуор диэри ытаһатын оҥорон баран, сухатын тимирин ыраастаан көрө туран: «Хайа, бу сээбэспит букатын босхо барбыт эбит дии! – диэн соһуйда. – Ытаһалаатахха сатаныыһык», – диэн баран, хооһолдьуйан тиийэн, төҥүргэстэн мас хайа охсон аҕалан ытаһалаата. «Кытаанахтык киирдэр үчүгэй этэ», – дии-дии, маҕыйа-маҕыйа саайан дардырҕата туран көрдөҕүнэ, сухатын этэрбэһэ холбойон таҕыста. «Бай! Хайа, аны холбойон таҕыста дии!» – диэтэ оҕонньор уонна, буугунуу-буугунуу, ытаһатын быһан, сухатын оннун үүтүн устун олордон кэбиһэн баран отуутугар тиийдэ.

      – Бу ас оргуйбут буоллар таһаар эрэ.

      Уол уоттан чаанньыгын таһаарда.

      Чэйдээн бүттүлэр.

      Эмиэ киирэн хаамтаран хаахынатан бардылар. Дөрүн-дөрүн «һай-ай» диэн хаһыытыы-хаһыытыы, оҕонньор баттаан титирэстэһэ истэ.

      Тахсаннар эргийдилэр. Уол сатаан сиэппэтэ.

      – Киллэр! – диэтэ оҕонньор. Онтон, наһаа баран хааланнар: – Таһаар, таһаар! – диэн хаһыы буола түспүтүгэр, уол:

      – Эмиэ «таһаар» диигин, эмиэ «киллэр» диигин, – диэтэ.

      Онуоха оҕонньор:

      – Сатаан сиэппэт буола-буолаҕын, өссө этиһээри гынаҕын дуу, баранаак?! – диэн баран, оҕуһун эмискэ кымньыылаан «кус» гыннарда да, сүүрэр быата быһа ыстанна, уол төкүнүйэ түстэ, оҕус босхо барда. Дьэ айдаан, бардьыгынаһыы, ытаһыы бөҕө турда…

      Онтон эргийэн кэлэн бараннар оҕонньор:

      – Бу сырыыга арыылыахпыт, бу өттүнэн эргий. Ол төҥүргэһи аттынан, ол суоруулаах тиити көрдө көрбүтүнэн бар, – диэн ыйда. Аҕыйахтык хаамтараат, сонуок бүүрүгэр тиийэн: – Нохоо, тохтот, тохтот! Аны бу сэппит тобулу киирэн барда, – дии-дии, оҕонньор сухатын түөрүтэ баттыалаата… – һук! Хайа, аны хаптаһыммыт босхо тиийэн кэллэ… Чэ ити курдук, быата быстыбыт. Дьэ үчүгэй да өлүүтэ, доҕор! Бүгүн сатаан үлэлээбэт дьон буоллубут… Туох да буоссалааҕы оҥоппотубут. Мантыкабытын аны туохпутунан баайарбытый?