Түөрт нэдиэлэ буолла куоракка үөрэнэ сылдьар бастыҥ оҕото Ороһустубаҕа хайаан да тахсыам диэн сурук ыыппыта. Онтон бэттэх туох да сураҕы, арай куоракка дьаҥ баар диэнтэн атыны, истэ илик.
Тоҕо эрэ түүн аанньа утуйбат, куһаҕаннык түһүүр, сүрэҕэ мөхсөр буолла.
«Оҕом сыыһа, күннээтэр күнүм, ыйдаатар ыйым, чыычааҕым, сүрэҕим хайдах буоллаҕай? Огдоомо хаалтым уонча сыл буолла, ол тухары түүннэри-күннэри, сайыннары-кыһыннары кэтэһэрим-манаһарым кини этэ. Ол көмүһүм, кэлиэх буолан баран, тоҕо бу кэлбэтэ… Төһө да сордоннорбун, эрэйдэннэрбин, кинибин санаатахпына, бөҕөхсүйэрим, сүрэҕим-быарым үөрэрэ, ытыы олорон уоскуйарым: кини сынньатыа, сынньаныам диирим… Бу оҕом киһи буолара ыраах. Эрэйдээҕим сыыһа туой эмиэ убайын кэтэһэр ээ».
– Тоойуом, тугу утуктаан муҥнана олороҕун? Утуйуоххун.
– Ийээ, убайбын кэтэһэбин, хартыыналаах кумааҕы, кэмпиэт аҕалыах буолта.
Ийэтэ эрэйдээх хараҕын уута тигэ олорор этэрбэһигэр «топ» гына таммалыыр…
– Ийээ, тоҕо ытыыгын? Оччоҕо мин эмиэ ытыам… – уонна кууһа түһэн, уол оргууй ийэтин уоран көхсүттэн сыллыыр.
Ийэтэ хараҕын сотто-сотто:
– Чыычааҕым, чэ мин ытыам суоҕа, баран утуй. Убайыҥ сотору кэлиэ, аргыс табыллыбатаҕа буолуо, кэһиитин хартыына, нуучча аһа аҕалыа, чэ баран утуй.
Оҕо эрэйдээх дойур-дайыр тирии таҥаһыгар сууланан утуйан буккуруур.
Түүн уһуна сүрдээх, кэтэстэр бараммат. Уот өссө имик-самык буолан иһэр. Эмээхсин, өтөр-өтөр үөһэ тыына-тыына, биир кэм тигэр. Арай үөлэһин тыаһа, кини санаатыгар, оҕотун үөрэ кэлэн ытаан-соҥоон эрэрин курдук улуйар. Онтон, куһаҕан санаатын аралдьытаары, сайыҥҥы сылаас күнү санаатарбын диэн, хараҕын быһа симэн, сирэйин саба туттан уотун иннигэр бүк түһэн олорор. Ол олордоҕуна эмискэ арай ааны киһи тоҥсуйан тобугуратар. Эмээхсин соҕотохто санаата ыраастыйа, хараҕа сырдыы, сүрэҕэ тиҥ-тиҥ тэбиэлии түһэр. «Оҕом сыыһа дьэ кэллэ!» – диэбитинэн, ааны аһа охсон биэрэр.
Уол: «Убайым!» – дии түһэр, ойон турар.
Аан тыаһа кыыкыр гына түһэр, туман, сырсан эрэр курдук, өрүкүс гынар. Дарайбыт сарыннаах, үллүбүт саҕынньахтаах эр киһи даадайан киирэн кэлэр. Этэрбэһин тыаһа кыычыр-кыычыр гынар, бэргэһэтин, үтүлүгүн кырыатын тэбиир уонна: «Тоҕо тымныытай, тыалай, доҕор!» – диэн чып-чыха атын киһи саҥата, уһаат иһигэр саҥарар курдук, лиҥкиниир.
Уол ийэтиниин тугу саҥарыахтарын булбакка, соһуйбут курдук, тураллар уонна туой аан диэки көрбөхтүүллэр, тыас иһиллииллэр. Суох, туох да тыаһаабат, ким да киирбэт, арай туртаччы кырыарбыт аан дьыл оҕуһунуу аҕылаан эппэйэр.
– Дьэ, эмээхсиэн, үчүгэйинэн кэлбэтим, куһаҕан сураҕы аҕаллым…
– Хайа оҕом?.. – диэн баран, эмээхсин хараҕын уута субурус гына түһэр.
– Оҕоҥ… дьаҥҥа… барбыт үһү, – диэн киириэхсит, иин иһиттэн саҥарбыт курдук, лиҥкиниир.
Эмээхсин, сүрэҕэ быһаҕынан аспыт курдук мөҕүл гынан баран, хаһыытыы түстэ. Уол кууһан туран, күһүҥҥү сэбирдэх курдук ибигирии-ибигирии,