Барыта төгүрүччү им-ньим, барбах ат эрэ туйаҕа хаппыт суолга бытаан соҕустук лабыргыыр уонна туох барыта куйаастан буһан саспыкка дылы…
Эмискэ арай дьахтар саҥата: «Хабырыыс!» – диэн аргыый киһини ыҥырда.
Киһи «дьик» гына түстэ уонна «ээ, төрүт утуктуу иликпин» диэх курдук, муҥунан көрөн, эргиллэ хайыспыта – ойоҕоһугар, бурдук быыһыгар, кубаҕай сирэйдээх, ырбаахытын былаатынан бөрдөнө курдаммыт дьахтар, буруйдаах киһилии төбөтүн төҥкөччү туттан баран, сиэрпэтин биитин көрбөхтүү турар эбит.
– Ээ, Өкүлүүн эбиккин дуу? Бу манна тоҕо кэлэн тураҕын? – диэн били аттаах киһи ыйытта.
– Бу манна, Ньукунуордаахха, бурдук быстара ыыппыттара.
– Ээх дээ, – Хабырыыс атын хаамтара турда.
Өкүлүүн, бурдук күрүөтүн тахсан, били киһини атын ойоҕолуу, аргыый батыһа хаамта.
– Хабырыыс, мин эйигин көрбөтөҕүм өр даҕаны буолла… Былырыын арай түүн итирэн киирэн дэлби сынньан-мөҥөн баартыҥ. Онтон бэттэх букатын сылдьа иликкин. Кэлиэ дии санаан кэтэһэбин, күүтэбин да, кэлбэккин… Оннооҕор бу күһүн, дьиэм таһынан ааһан баран, киирэн тахсыбатаҕыҥ… Оо, Хабырыыс, сатаатар биирдэ сырыттаҕыҥ дуу! – диэтэ Өкүлүүн, сылгыһыт ыҥыырын төргүүтүттэн тутуһан иһэн.
– Ол мин эйиэхэ тоҕо сылдьыамый?
– Оттон биир кэскиллээх, ойохтуу-эрдии ааттаахпыт буолбат дуо?.. Сатаатар биирдэ киирэн тахсыбат буолаҥҥын… Хабырыыс, тохтоон бу күлүккэ сынньана, кэпсэтэ түспэппит ээ…
Итини этэ-этэ, Өкүлүүн, ааттаабыт курдук, киһини тобулу көрө-көрө, аны ат көнтөһүттэн тутан, сэргэ хааман истэ.
– Чэ бэйи, тохтуу да түһүөххэ син, – диэн Хабырыыс холку соҕустук атыттан түстэ. Кинилэр титирик күлүгэр олордулар.
Өкүлүүн сүрдээхтик үөрдэ, үөрүүтүттэн бэйэтэ кыбыстыбыт курдук, сир диэки көрөн баран мичиҥнии олордо.
Ол курдук саҥата суох олорбохтоотулар.
Онтон Өкүлүүн: «Хабырыыс, сатаатар биирдэ эмэ таарыйбат буолаҥҥын. Миигин ахтара буолуо диэн сүрэҕиҥ таайбат бэйэккэтэ дуу?» – диэтэ.
Хабырыыс хортууһун устан күөх дулҕа төбөтүгэр уурда уонна, сүүһүн көлөһүнүн сотто-сотто, эттэ:
– Ол тоҕо таарыйыамый? Туох да наадам суох. Ол бииргэ олоруохпут этэ диэхтиигин да, эн хараҥа муннуккар олорон миэхэ туох туһата кэлиэй. Туох эмэ үчүгэй астаах, хойуу чэйдээх буолан, киһини астыннарыаҥ дуу! Бэйэҥ билэҕин, мин син мааны буолбут киһибин, миэхэ үчүгэй ас, түс-бас кэпсээн-ипсээн, ыраас таҥас-сап наада. Мин оннуга суох биир да хонугу сатаан тэһийэн хонорум биллибэт…
– Билигин Кириһээн оҕонньорго бааргын дуу? Онно тугу гынаҕын?
– Онно баарбын. Сылгыһыт уол буолан, үрүҥ-хара түүлээҕин мин бөрүөрэбин, – диэн баран, Хабырыыс, сэргэх киһи быһыытынан, титирик мутукчатын тоһутан ылан көрө олордо.
– Бөрүөрэбин буолан, эн ат үрдүгэр олоро сылдьан