һук! Ол эрээри, бэйи, дьэ уота арыый хамсаата: мас сыыһа эбии быраҕылынна. Ноо! Торбостор соһуйбут харахтарын уоттара көҕөрөн көһүннүлэр… Үгүстэрин! Уон ордуга биир торбос – сүүрбэ ордуга икки харах! Бии сарбаҥныыр оһох кэннинээҕи хараҥа, бии үллэҥниир муннуктааҕы хара арыый кирийэргэ дылы гыннылар.
Өйдөөн көрдөххө, бу аан дойду киэргэлэ, ньургун чэчирэ – икки атахтаах, иннинэн сирэйдээх бу хотон балаҕаҥҥа, иин иһигэр син биир эмиэ баар эбит. Оо! Кимнээхтэр, хайдах эрэ дьон, хайа эрэ муҥнаахтар буоллугут?
Тугуй, доҕоор?! Чөчүөккэлэрэ диэн буоллаҕа дуу?.. Аҥаар хараҕа суох, эрбэһин курдук сэрбэйбит баттахтаах, мас эмэгэт курдук уҥуох сирэйдээх, дьүһүнэ-бодото эмиэ дьахтардыы, эмиэ эр киһиэхэ дылы, онон-манан ыт тырыта тыыппытыныы тырыпыай-ирипиэй даба ырбаахылаах, тоҕуттан бараммыт торбос сутуруолаах атах сыгынньах киһи, Ороһустуба кэлбитин чахчы биллим, төрүөхпүн төрөөбүт киһибин диэххэ айылаах, оһох чанчыгар туох эрэ иччи курдук буолан баран хайдыбыт хамыйаҕынан эргэ күөс түгэҕэр куруппанан хааһылаан, үөрэ-көтө, туора-маары салаан, аһаан ньаҕарайдана олорор эбит. Бии кини мас бырахпыт. Дөксө арыый сырдаабытын кэннэ көрдөххө, хаҥас диэки орон көһүннэ. Ол ороҥҥо туох эрэ үллэҥнээтэ. Ханнык эрэ убаһа суорҕан элээмэтин саптыбыт биир оҕонньор сытар эбит. Дириҥ соҕустук ынчыктаан баран аргыый:
– Дьаакыап, бааргын дуо? – диэн ыйытта сытыахсыт.
– Баарбын, – диэтэ, хааһытын тобоҕун торбос муостатын баһыгар, долборук муннугар (кистэлэҥ умуһахтаах эбит) илдьэн уура-уура уонна хатырыгынан саба тардан кэбистэ.
Бу икки ардыгар оҕонньорбут түҥ-таҥ буолан барда.
– Күн төһө буолла? – диэн ыйытан саайда.
– Күн буолбатах, түүн ээ, – диэтэ Дьаакып. Ону биирдэрэ «түөртүүр ынах» диэн иһиттэ.
Бу түөһэйбит оҕонньор кимий диэтэххэ, кырдьык даҕаны күнүн саҕана оччотооҕу үйэҕэ киһи аатыран сылдьыбыт ааттаах Уот Уйбаан бэйэтэ этэ. Дьиҥ төрдө-ууһа быстар дьадаҥы, уус дьон этилэр. Хас да сыл устатыгар Лаамыга, тайҕаҕа сылдьыбыта. Онтон «көнөн» кэлэн, иккис ойоҕун киһиттэн арааран ылбыта. Бэрт сытыы өйдөөх, ыпсарыылаах, уоттаах тыллаах киһи этэ. Аҕа бэлэмигэр хаалбыт, ынах кэннин кэтиири эрэ билэр дьонтон атын киһи этэ. Сут дьылга уу таһаарар массыына оҥорторон, онон ходуһатын угуттаабыта. Быа миэлиҥсэтэ оҥорон, улуус бурдугун кини тартарбыта. Эдэр эрдэҕинэ көнөтө-туруорута, хоодуота да сүрдээҕэ үһү. Кыраттан сылтаан Семенов диэн сэтээтэли сирэйгэ биэрэн баран, дьыалаҕа ылларбакка, куотан хаалбыта үһү. Сааһын тухары, туох да үөрэҕэ суох эрээри, албакаат эбит. Чугастааҕы баайдар, куттанан, аахсар киһилэрэ кини эбитэ үһү. Ыраахтааҕы үйэтин саҕана сокуоннайын туолбут киһи барыта өлбүгэ сүктүн диэн мөккүһэрэ үһү. Күнүн саҕана ойууну, таҥараны даҕаны итэҕэйбэт курдук буолара. Сыылынай судаарыскайдары кытта доҕордоһор, кэрэхсээн кэпсэтэр кини этэ. Олор кинини «Сиимэнэбис» диэн ааттыыллара үһү. Кырдьыгынан, бу хараҥаҕа баттаппыт тыа сиригэр ахсааннаах киһи этэ. Оттон билигин,