– Дьаакыап, кэл, мэ – бу оҕонньор алаадьыта, бу бэйэҥ киэнэ, – диэн хотун икки сиринэн симилиэс абырахтаах, лааҕа бараммыт тимир тэриэлкэни уонна биир мас чохоону биэрдэ. Дьаакып кирик-харык туттан, тырыпыай ойон кэлэн, ылла.
– Бу оҕонньор киэнэ дуо?
– Туох акаарыный, доҕоор! Оттон мас чохооҕо оҕонньор киэнэ буолбат дуо? Таас тэриэлкэнэн далбардаттараары гынаҕын дуо? Эчи сууйуута да кыайтарбат, – диэтэ хотун.
– Хайа, даҕаар, аны хараҥаҕа тоҕо түһэн кэбиһээрэй, баран уотта тутан биэриҥ, – диэн тойон дьаһайда.
– Бэйи, мин киириим, – диэтэ бии альбом суруйар кыыспыт.
– Чэ, хорум эрэ, онно эмиэ тугу көрдөөн ол инчэҕэй хотоҥҥо киирээри гынныҥ? Ол үтүө эһэҥ сыыҥын-сыраанын тэпсээри дуо?
– Суох, мин эһэбэр киирбэппин ээ, Дьаакыпка уот эрэ тутан биэриэм этэ.
– Чэ сүгүн олор. Бар, нокоо, эн уотта тутан биэр.
Бии Уйбаанчык диэн көйгө уолбут, үөрбүт курдук, эттигиэт-эппэтигиэт диэххэ айылаах ойон туран тымтык умата охсон киирдилэр.
Төһө эмэ ыга баайыллыбыт ынахтар икки ардыларынан симсэн этэҥҥэ кэллилэр. Дьаакып ынах сааҕын балай эрэ бэллэйдээтэ да, кыһаммата, хата сылааһын таптыы истэ.
Оҕонньор хайыы-үйэҕэ утуйбут.
Дьаакып алаадьыларын киллэрэн былыргылыы ньахчаҕар, үс атахтаах дьоодьоҥнуу турар остуолга уурда уонна уотун оҥорон, хатырык эбии оттон баран алаадьытын ырытта. Оҕонньор киэнэ үс курупчаакылаах, ханнык эрэ арыылаах алаадьы буолла. Оттон киниэнэ түөрт курупчаакылаах буолла. Маны көрөн баран ымах гынарга дылы гынна, хараҕын туома кылахаччыйа түстэ. Кини оҕонньортон хайаан да ордорун сөбүлээччи, тэҥэ дуу, итэҕэһэ дуу буоллар, сарсыҥҥы күн сүөһүлэргэ бэрт дьаныардаах, үтүрүйүүлээх күн буолуо этэ.
– Эһээ, тур-тур, – диэтэ Уйбаанчык, оҕонньору тардыалыы-тардыалыы.
Оҕонньор уһугунна.
– Ким саҥараҕын? Оҕом Уйбаанчыккын дуо? Эйигиттэн атын ким миигин эһэм диэбит үһү, – оҕотун оройуттан аргыый сыллаан ылла. Уонна имэрийэ-имэрийэ: – Тоҕо киирдиҥ? – диэн ыйытта.
– Ээ, Дьаакыпка алаадьы киллэристим. Сарсын Ороһустуба үһү, инньэ гынан дьоммут алаадьы оҥорбуттара. Уонна, эһээ, мин эйиэхэ өлүүбүттэн бу икки алаадьыны киллэрдим уонна киэһэ дьонум утуйдахтарына алаадьыбын барытын киллэриэм, тииһэ суох киһи эн сиэҥ буоллаҕа дии, мин лэппиэскэ да сиэҕим, – диэтэ.
– Ээ, чыычаахпын даа! Миигин аһынар буруйдаах буолаҥҥын эн эмиэ көйгөлөнөн, сырдык үөрэхтэн матан, балбаах үлэһитэ буолан эрдэҕиҥ. Абатын даа, бу оҕом үөрэҕэ суох буолуох хара соро буоллаҕа! Аны кэлэн мин тугу гыныамый?.. Чэ, чыычааҕыам, алаадьыгын бэйэҥ сиэхтээ, мин өллөрбүн даҕаны өлүүм…
– Уйбаанчыак, чэ бар, таҕыс, дьонуҥ мөҕүөхтэрэ, – диэн Дьаакып дьаһайан киирэн барда, остуолун уот кытыытыгар тарта. Уокка