Ол күн киэһэ, үлэм кэнниттэн дьиэбэр чугаһаан иһэн, Дима 92-с сыллаах хара өҥнөөх «Чайзера» подъезд таһыгар турарын көрбүтүм. Нүөмэриттэн тута билбитим. Бастаан утаа, атын сир диэки туора хаамаары гынан баран туттуммутум. Тоҕо мин куттаммыттыы чугуруйуох тустаахпыный? Дьиэлээх киһи дьиэбэр киириэхтээхпин. Ити курдук бөҕөх санаалаах, хаамыыбын өссө түргэтэтэн биэрбитим. Дима массыынатыгар табахтыы олороро, ол аата ньиэрбинэйдээбит. Ньиэрбинэйдээн көрдүн. Мин сымыйанан атын сир диэки көрө-көрө аттынан ааһан истэхпинэ, кини саҥата иһиллибитэ:
– Варя, хайа билбэтэх киһи курдук ааһа тураары гынаҕын дуо?
Мин соһуйбуттуу:
– Хайа, эн эбиккин дуу? – диэбитим.
– Тоҕо хойутаатыҥ? – диэн массыынатыттан тахсан иһэн ыйыппыта.
– Дима, эн миигин чахчы да соһутаҕын! Биһиги туспа-туора дьон буолбатахпыт дуо? Уонна биирдэ баран эттэххэ, мин эйигин ыҥырбатаҕым.
– Биһиги аймахтыыбыт, умуннуҥ дуо? Хаһан кэлэрим көҥүлүм.
– Алҕаһыыгын.
– Чэ-чэ, манна аахса туруохпут дуо, дьиэҕэ киириэххэ. Кэпсэтии баар.
– Дима, миэхэ ыалдьыттар бааллар, тыаттан хоноһолор кэлбиттэрэ, – диэт, кирилиэһинэн өрө тахсыбытым уонна подъезд аанын «лип» гына бырахпытым. Мин өһөспүн Дима бэри бэркэ билэр. Мээнэҕэ даҕаны гороскоппунан оҕус буолуом дуо? Квартирабар киирээт, түннүк сабыытын сэгэтэн Дима «Чайзера» олбуортан тахсан эрэрин көрбүтүм. Һуу, хата барда. Ол кэнниттэн душтаммытым. Телевизоры холбообутум, сериал кэлэ турара. Аччыктаабыппын өйдөөбүтүм. Спагетти буһарыахпын баҕарбатаҕым, бэҕэһээ эрэ сиэбитим. Пельменим бүппүт. Арай кефир турара. Ыскаабым полкатын хаспытым. Сэрэйбит сэрэх, биир да кэнсиэрбэ, чипсы, эриэхэ суоҕа, морозильнигы өҥөйбүтүм, салапааҥҥа дөөдөччү симиллибит французскай куурусса таһыгар крабовай палочка сытара. Хайыахпыный, кефири кытта буулка сиэбитим. Ити курдук аһаабыта буолбутум… уонна устунан утуйан хаалбытым…
Эмиэ ити түгэн. Дима 92-с сыллаах «Чайзера» мин подъеһым аттыгар турара. Дима массыынатыгар табахтыы олороро, кини кэтэҕин олоруутуттан ньиэрбинэйдээбитин сэрэйбитим. Ньиэрбинэйдээн көрдүн. Мин билбэтэх курдук туттан аттынан ааһан истэхпинэ, Дима саҥата иһиллибитэ:
– Варя, хайа билбэтэх киһи курдук ааһа тураары гынаҕын дуо?
Мин соһуйбуттуу:
– Хайа, эн эбиккин дуу? – диэбитим. Онуоха кини массыынатыттан тахсан иһэн:
– Тоҕо хойутаатыҥ, ханна сырыттыҥ? – диэн туоһуласпыта.
– Дима,