– Бүт! Барбыт киһи бардаҕа! – Арина куолаһа кытаанахтык иһиллибитэ. – Манна диэн эттэххэ, эн Димаҥ саҕа Дималар хас уулусса аайы ыһылла сыталлар. Хата миэстэни босхолоотоҕо дии. Үөр эрэ! Мин Трофимовтан арахсаат, дьэ биирдэ, олох төһөлөөх кэрэтин өйдөөбүтүм. Оттон ол иннинэ таах хамначчыт курдук этим: итини гын, маны гын. Ол аайы сүүр да сүүр! Кини буоллаҕына, дыгдаллан баран, дьыбааҥҥа күнү күннүктээн сытара. Фу-у!
– Арина, эн оҕолооххун!
– Эн да оҕолонуоҥ!
– Суох! Ы-ыы, ы-ы…
– Ытаан бүт, айака. Эн Димаҥ билигин дьоллонон, күннээн аҕай олордоҕо, оттон эн адьаһын тирээпкэҕэ кубулуйбуккун. Диманы өйгүттэн бырах!
Итини мин бэйэм да бэркэ өйдүүрүм эрээри, ол хайдах да кыаллан биэрбэтэ. Син биир, баҕарбатарбын да, санаам Димаҕа төннө турара. Оо, Дима туһунан санааларым (кыһыыта баар, үчүгэй эрэ санааларым) таҥаска сыстыбыт эрбэһин тэҥэ сүгүн-саҕын ылҕанан биэрбэттэрэ.
Димка хаһан эрэ мин олохпор, өйбүн-санаабын үлтү ытыйан, атын тулалыыр эйгэни бүүс-бүтүннүү сабардаан, соһуччу киирбитэ. Үчүгэй да этэ. Ол эрээри хаһан эрэ дьолтон туймаарбыппын, аны кэлэн, чыыстай сыанатынан төлүөх тустааҕым. Уруккутуттан уратыта диэн – төттөрү хайысхалаах эргиири барыахтааҕым.
Димка бэрт ыксаллаахтык көспүтүн кэннэ, киниттэн хаалбыт малы харса суох пакекка суулуу-суулуу бөх контейнерыгар кыыратарым. Кэннибиттэн хас саастааҕа, туох омуга биллибэт, хойуу бытык быыһыттан сүүрэлэс хараҕа эрэ нэһиилэ көстөр киһи түргэн үлүгэрдик ити пакеттарбын ойутан таһаарара уонна уп-улахан суумкатыгар симитэлиирэ. Биирдэ мин аҕыйах хардыыны тэйээт, эргиллэ биэрбитим. Онуоха киһим куттаммыт курдук көрөөт, тоҥхороҥнуу-тоҥхороҥнуу чугурус гыммыта. Махтанар дьүһүнэ эбитэ дуу, эбэтэр баҕар, акаары да дьахтар, бачча үчүгэй таҥаһы таах быраҕаттыыр дии саныыра эбитэ дуу, ким билиэ баарай? Оо, арай кини мин кыһалҕабын сэрэйбит буоллун? Суох буоллаҕа дии, топпут дьахтар кыратык эргэрбит таҥаһын быраҕар диэн өйдөбүллээҕэ чуолкай.
Кэмниэ кэнэҕэс Диманы санатар биир да мал тулабар хаалбатаҕа. Бүтэһик пакеппын ити киһиэхэ илиитигэр туттарбытым уонна «мантан ордук туох да суох» диэбитим. Онуоха киһим эмиэ быһаарыыта суох муннун анныгар тугу эрэ ботугураабыта. Кэлин мин кинини биһиги олбуорбутугар көрбөтөҕүм, ыларын ыллаҕа.
Ол эрээри дьыала итинэн бүппэтэҕэ. Утуйар хоско киирдим да, баҕарбатарбын да хараастан барарым. Кэп-кэтит орон үгүһү кэпсиирэ. Ити санаалар мин холкутук олорорбор, көҥүллүк тыынарбар мэһэйдииллэрэ. Ол иһин реклама хаһыатыгар «сыанатын аҥаарыгар утуйар орон атыыланар» диэн биллэрии биэрбитим. Тута эрийбиттэрэ. Саас ортолоох дьон кэлэн бастаан көрбүттэрэ, онтон сарсыҥҥы күнүгэр тиэйэн илдьэ барбыттара. Арааһа истэригэр соһуйбуттара буолуо, ханан да эргэрии бэлиэтэ көстүбэтэх, сымнаҕас матараастаах испанскай орону итиччэ чэпчэкитик биэрэр диэн. Баҕар мин балаһыанньабын тута сэрэйбиттэрэ буолуо. Ол эрээри, этэргэ дылы, тугу саныыллара кинилэр бэйэлэрин дьыалалара, оттон мин