Ааспыт ааспат амтана. Даана Сард. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Даана Сард
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-2868-9
Скачать книгу
трубкаҕа ыҥырыҥ диибин дуо? Суох-суох, мин итинник балаһыанньаҕа киириэхпин туох да иһин баҕарбатым. Ол иһин күүтэргэ эрэ тиийэрим. Күнүһүн үлэлиирим, сулууспалаах дьахтарга кубулуйарым. Оттон киэһэтин эротическай ис хоһоонноох киинэлэри холбуурум уонна Дениһи, кинилиин сылдьыбыт түгэннэрбин саныы-саныы, бэйэбин бэйэм таптыырым…

      Түмүгэр кимниин да бодоруспат буолбутум. Бэл Аринам кэллэҕинэ, кылгастык кэпсэтэ түһэн баран, араас биричиинэнэн дьиэтигэр ыытарым. Биллэн турар, кини тута сэрэйбитэ: «Табаарыстаммыккын быһыылаах, кэпсээбэккин даҕаны», – диэбитэ. Мин киниэхэ арыллыбатаҕым. Сүрэҕим кистэлэҥэ сэттэ күлүүһүнэн хатана сылдьара, туора киһи, төһө да дьүөгэ буоллун, онно киирэр ханнык да бырааба суоҕа.

      Күһүн-кыһын… Бириэмэни да билбэт буолбутум, тоҥнохпуна таҥаспын эрэ уларыттарым. Урукку курдук, бүгүн күн-дьыл хайдаҕый диэн халлаан уларыйыытын кэтиир миэхэ төрүт да наадата суох буолбута. Мин күнүм-дьылым испэр баара, мин ону чопчу билэрим.

      Саҥа дьыл тигинээн кэлбитэ. Мин ээл-дээл биир корпоративнай вечеринкаҕа сылдьыбытым, ону даҕаны аҥаарыттан күрээбитим. Арина Ороһуоспа кэмигэр Кытайга сынньана барар, сыаната улаханнык түспүт путевканы бэлэхтээри гыммытын, мин кыккыраччы аккаастаммытым.

      – Суох-суох, улахан баһыыба, ол эрээри мин ханна да барыахпын баҕарбаппын.

      – Уон күнү быһа оччоҕо тугу гынаҕын? – Арина кыараҕас харахтарынан миигин сөбүлээбэтэхтии одуулаабыта.

      – Сытыам, сынньаныам.

      – «Сытыам, сынньаныам», – дьүөгэм миигин эҕэлээх баҕайытык үтүктүбүтэ.

      – Кыыһырымаарыый…

      Саҥа дьыл түүнүн соҕотоҕун көрсүбүтүм. Кремлевскай курааннар өссө биир саҥа дьыл үүммүтүн биллэрэн лаҥкынаабыттарыгар, мин мууска турар шампанскайбын аспытым, утаппыт киһилии биир толору бакаалы иһэн кэбиспитим, онтон остолобуой ньуосканан «оливье» салааты баһа-баһа сиэбитим, бэркэ кыһаллан оҥорбут бүлүүдэлэрбин барытын алдьаппытым. Мин тапталым дьиҥнээх ыарыыга кубулуйбута, ол эрээри ити ыарыыттан ама эмп баар үһү дуо? Биир өттүнэн мин ити ыарыыттан босхолонуохпун олох да баҕарбат этим. «Буоллун» дии-диибин иккис салааппар түспүтүм. Салгыы аһыыр кыаҕа суох «Голубой огонегу» көрө сыппытым. Бииртэн биир, бэйэ-бэйэлэригэр маарыннаһар ырыаһыттар мускулла-мускулла ыллаа да ыллаа. Ити курдук сытан, телевизорбын да араарбакка, утуйан хаалбытым…

      Звоноктан уһуктубутум. Ааҥҥа звоноктууллара. Мин ыт оҕотун курдук аан диэки сүүрбүтүм.

      Денис миигин көрөн соһуйбута:

      – Түүнү быһа бачча айылаах тугу гынныҥ? – диэбитэ. Мин бэйэбин сиэркилэҕэ көрүнээт, кыбыстыбытым: бүрүчүөскэм ыһыллыбыт, косметикам ньаҕайдаммыт, былааччыйам кумаламмыт, эбиитин сыыһа сыппыппыттан сирэйбэр сурааһын хаалбыт. «Уой!» диэт, мин тута ваннаҕа ойбутум уонна итии уу анныгар турбутум. Аҕыйах сөкүүндэнэн көхсүбүттэн Денис күүстээх илиилэрэ миигин ыбылы кууспуттара…

      Арааһа ити түгэнтэн ыла мин Денистэн сыыйа-баайа тэйэн барбытым. Биллэн