– Хайдах?
– Вертолетунан тиийэн быа кирилиэс түһэриэм этэ, киинэҕэ курдук… – Денис бэйэтин тылларыттан бэйэтэ күлэн ылбыта. Мин сөбүлээбэтэхпин биллэрэн, киэр хайыспытым. Куруук итинникпин, эр дьон эйэргэһээри гыннахтарына быһа баттыыбын. Оонньоспотуннар хайаабатыннар! Баҕар ол иһин да буолуо, ким да миэхэ сыста сатаабат, эр да дьон акаары буолбатахтар ини.
Тоҕо эрэ эмискэ бу олох билбэт киһим аттыгар турарбыттан бэйэбин олус табыгаһа суохтук санаммытым уонна дьиэбэр төннө охсуохпун баҕарбытым. «Ычча» диэн саҥам «барарга уолдьаста» диэн тэҥэ иһиллибитэ. Денис сирэйиттэн-хараҕыттан кини соччо барыан баҕарбатын сэрэйбитим. Ол эрээри хайыай? Төттөрү айаннаатахпыт дии. Суолу быһа эр дьонтон наһаа да тэйбиппин диэн толкуйдуу испитим.
Хас да хонон баран, библиотекаҕа тиийбитим. «Саха Сирэ» хаһыат былырыыҥҥы сыллааҕы подшивкатын көрдөөбүтүм. Бу хаһыат күһүҥҥү нүөмэригэр Денис туһунан матырыйаал тахсыбыт үһү. Ону кини Табаҕаттан төннөн иһэн быктарбыта: «Суруналыыс боппуруостары биэрбитэ, онтон таһырдьа таһааран, ханнык эрэ «УАЗ»-ик аттыгар туруоран, хаартыскаҕа түһэрбитэ. Хаһыакка бэчээттээбиттэригэр бэйэм да соһуйбутум. Дьиҥинэн, мин саҕа чааһынай тэрилтэлэрдээх коммерсант уолаттар элбэхтэр ини. Ааҕан баран бэйэбин бэйэм билбэтэҕим. Олох патриот курдук суруйбут этэ. Онтон, дьиктитэ баар, кыһын Тааттаҕа этэ дуу билэр дьоммор сылдьыбыппар, «эн тускунан хаһыакка аахпыппыт» диэн кэпсээбиттэригэр, хаһыаты ааҕар дьон өссө да бааллар эбит дуу диэн хата соһуйбутум».
– Оттон эн аахпаккын дуо?
– Бириэмэ суох.
Балайда хасыһан баран, мин наадалаах нүөмэри булбутум. «Инникигэ эрэллээхтик» диэн ааттаах дьоҕус соҕус кээмэйдээх матырыйаал балаһа аллара өттүгэр бэчээттэммит этэ. Хаартыскаҕа «УАЗ»-ик аттыгар күлбүт-үөрбүт сирэйдээх эр киһи турар. Кэпсэтии ис хоһооно бу киһи үлэтин тула. Тыа хаһаайыстыбатын специалиһа, хас да сыл совхозка үлэлээн баран, ыһыллыы саҕаламмытыгар, кредит ылан, бэйэтин дьыалатын саҕалаабыт. Ыстатыйа «Денис Егоров билиҥҥи кэм түргэн тэтимигэр сөп түбэһэн, эрэллээхтик инники хардыылаан иһэр» диэн аҕыйах тылынан түмүктэммит. Мин испэр Де-нис тохтоло суох бөтө сылдьар төлөпүөнүн, көмүс тиистэрин, кэтит биһилэҕин, сыапачкатын санаан ылбытым уонна сонньуйбутум. Билиҥҥи кэм геройа ама кини үһү дуо?
Нэдиэлэ буолан баран Денис төлөпүөннээбитэ.
– Иркутскайтан эрийэбин, командировкаҕа сылдьабын. Баҕар нэдиэлэ бүтэһигэр төннүөм. Оччоҕо көрсүөхпүт?
Ити этиигэ мин «суох» диэхпин тылым тахсыбатаҕа, быһаарыыта суох «көрүллүө» диэбитим. Онуоха киһим дьикти баҕайытык күлэн ылбыта. Трубканы ууран баран, мин тоҕо эрэ сүргэм көтөҕүллүбүтүн өйдөөбүтүм.
Бээтинсэ күн этэ. Ыарахан үлэ нэдиэлэтэ бүтэн, дьиэбэр киирээт, туох эрэ ыарахан сүгэһэри санныбыттан киэр бырахпыт курдук санаммытым. Оо, өссө уоппускаҕа диэри хайдах эмэ тулуйбут киһи диэн санаа төбөбөр элэс гыммыта… Сылайбытым, сүрэҕэлдьээбитим, хал буолбутум оччо