Арай көрдөхпүнэ, лаампа уота сыыһа тыгарыттан эбитэ дуу, кини сылайбыт көрүҥнээҕэ.
– Үлэҕэр туох сонун баарый, барыта этэҥҥэ дуо? – диэн ыйыппытым.
– Үлэбэр – араас. Хайдах эрэ кэлин барыта күөрэ-лаҥкы курдук.
– Ол аата хайдах?
– Э-ээ, оттон тэрилтэбитигэр бииртэн биир моһол тахсан иһэр.
– Туох моһоло?
– Туох? Гараж умайда, биир үлэһиппит улахан аварияҕа түбэстэ, биир объекпытын халаатылар. Этэргэ дылы ууга-уокка киирэн биэрдибит.
– Чахчы моһуок эбит.
– Этимэ даҕаны.
– Эн санааҕар ити туох эрэ сэрэтии курдук буолбатах дуо?
– Ол аата хайдах?
– Оттон этээччилэр дии, туох эрэ быһылаан кэнниттэн киһи булгуччу толкуйданыахтаах, ыраастаныахтаах, мээнэҕэ туох да буолбат диэн.
Денис чочумча саҥата суох олоро түһэн баран эппитэ:
– Варя, эйиэхэ ити туһунан сыыһа кэпсээтим быһыылаах. Биирдэ баран эттэххэ, кыһалҕата суох киһи диэн суоҕа биллэр. Бырастыы гын. Ол эрээри эн биири өйдөө, мин эйигин ханна да сырыттарбын, туохха да түбэстэрбин мэлдьи саныыбын уонна онтон чэпчиибин. Ардыгар, бэл диэтэр, соһуйабын ээ, тоҕо итиннигий диэн? Эн наһаа үчүгэйгин, Варя.
Кини тахсаары аан аттыгар турдаҕына: «Денис, бэйэҕин харыстан», – диэбитим. Онуоха кини: «Эн эмиэ», – диэн хоруйдаабыта. Күөх харахтар, истиҥ мичээр… Мин тоҕо эрэ Денискэ ис дууһабыттан махтаныахпын баҕарбытым. Аан сабыллыбытын кэннэ «аныгыскы сырыыга кэпсиэм» дии санаабытым.
Ити кэнниттэн, уонча хонук буолан баран, Арина төлөпүөннээбитэ. Санаарҕаабыт куоластааҕа.
Конец ознакомительного фрагмента.
Текст предоставлен ООО «Литрес».
Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию на Литрес.
Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.