Кыргыс толоонугар көрсүһүү. Данил Макеев. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Данил Макеев
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-6639-1
Скачать книгу
күөх мууска «курх» гына батары биэрбитэ. Төһө да кырыйдар, бытаардар анньыынан тутта үөрүйэҕэ биллэрэ. Сотору соҕус саар ыаҕас айаҕын саҕа иэннээх, икки харыстан ордук дириҥнээх мууһу көйбүтэ. Онтон аҕылаан, сылайан анньыытын Лэпсэйгэ биэрбитэ. Ол кэмҥэ Ньукуус көйүллүбүт мууһу күрдьэҕинэн баһан кэбиспитэ. Аны Лэпсэй көйбүтүнэн барбыта. Ити курдук солбуйса сылдьан алларбыттара. Ойбон дириҥээн истэҕин ахсын мууһун баһар уустугурбута, Ньукуус сэниэтэ эстибитэ. Аны солбуһа сылдьан муустарын баһар буолбуттара. Кэмниэ-кэнэҕэс ойбоннорун түгэҕинээҕи мууска сиик биллибитэ. Охонооһой сонун устан хаарга тиэрэ бырахпыта уонна аҥаардас ырбаахынан, сэлиэччигинэн эрэ туран ойбон түгэҕинээҕи мууһу суптурута анньыбыта. Онуоха уу оннугар убаҕас бадараан быллайан тахсыбыта.

      – Оо, пахай! Манан төрүт да уута суох эбит… – диэн саҥа аллайбыта.

      Лэпсэй ойбону өҥөйөн көрөн баран:

      – Тыый! Бу күөл олус да уолбут… Манан хойуораары гыммыт дии, – диэбитэ.

      Бары ойбоннорун таҥнары өҥөйөн соҥуоран турбуттара. Ньукуус, ойбон тэһиннэр эрэ куйуурунан балыгы баһан ылыахпыт дии санаабыта, хап-хара бадараан быллайан тахсан кыһыытыттан хараҕын уута бычалыйан кэлбитэ. Охонооһой балачча саҥата суох туран баран:

      – Маннык уолбут буоллаҕына, балык баар сирин таба тайаннахха куйуурга кэлиэн сөп этэ, – диэбитэ.

      – Оннук. Ол эрээри балык кыстаан турар сирин таба тайанарбыт биллибэт, – диэн баран Лэпсэй үөһэ тыыммыта.

      Бастакы ойбонноруттан балачча тэйэн эмиэ хаары хоҥнорута анньан көрөн баран, ойбон аллараары хаарын ыраастаабыттара. Бары да сэниэлэрэ эстэн хамсаналлара бытаарбыта. Бу сырыыга бэрт өр сыралаһан ойбоннорун тэспиттэрэ. Ап-араҕас уу өрө булдьугураан тахсыбыта. Оҕонньоттор солбуһа сылдьан ойбон түгэҕин кэҥэппиттэрэ, Ньукуус сүүрүнэн мууһун баспыта. Сэниэтэ эстэн, илиитэ нукаай курдук буолбута, мууһун эһэригэр сүһүөхтэрэ мөҥөн, баран түһэ сыһар буолбута. Итинник сордонон син ойбонноругар куйуур батар буолбута. Охонооһой куйуур угар түөрэйин кэтэрдэн ойбоҥҥо батары биэрбитэ. Эргитэн иһэн:

      – Оо, манан даҕаны чычаас баҕайы эбит. Куйуурум түгэҕэр тиийэр, – диэбитэ.

      – Оччоҕо эмиэ халтайга эрэйдэнээхтээбиппит дии, – диэн Лэпсэй санаата түспүттүү сөҥөдүйбүтэ.

      Охонооһой куйуурун эргиппэхтии түһэн баран таһаарбыта бадараантан атын туох да суоҕа. Ону көрөн бары да санаалара түспүтэ. Оҕонньоттор салааскаҕа олорон саҥата суох табахтаабыттара, Ньукуус анньыы угар өйөнөн турбута. Аччыктаан иһэ курулуура, мэйиитэ эргийэрэ, табах аһыы сытыттан сүрэҕэ өлөхсүйэрэ. Онтун оҕонньотторго биллэримээри, кинилэргэ көхсүнэн эргиллэн, күөл киһи хараҕын саатырдар ньуурун симириктии-симириктии одууласпыта. Күн ортото буолбут быһыылааҕа, сааскы чаҕылхай күн уота киһи иэдэһин сылытара.

      – Ньукуус, тоойуом, кэл, манна олор,– диэн баран Охонооһой сонун суулуу тутан ойбонтон баһыллыбыт мууска уурбута. – Сынньана түһэн баран өссө биир ойбону тэһэн көрүөхпүт, –