Кыргыс толоонугар көрсүһүү. Данил Макеев. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Данил Макеев
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-6639-1
Скачать книгу
бастаан тугу да көрбөккө аан таһыгар таалан тура түстэ. Онтон сыҥааҕын быатын оннугар тигиллибит уунаҥнас эрэһиинэни эрийэ тутан баран төбөтүн оройугар иилбитин төлө тардан бэргэһэтин уһулла. Үөрүйэҕинэн ньилбэгэр охсуолаамахтаан тэбээтэ уонна аан чанчыгар таҥас ыйыырга анаан саайыллыбыт тимир көхөнү илиитин иминэн булан быатыттан иилэн кэбистэ. Бокоорон хаалбыт тарбахтарынан оргууй тимэхтэрин төлөрүтэн сонун уһулла уонна эмиэ илиитин иминэн бигээн ыйаата.

      Хараҕа сыыйа үөрэнэн аан таһыгар турар сымнаҕас бүрүөһүннээх олох маска сэрэнэн олордо, аҕылыы-аҕылыы хаатыҥкатын уһулла, таапачыкатын кэттэ. Онтон умса нөрүйэн уҥа илиитинэн ньилбэгиттэн тайанан, хаҥас илиитинэн таҥас ыйыыр ыскаап тутааҕыттан тутуһан турда. Оргууй аҕай бакаалаан остуолга тиийэн уокка холбонон куруук сылаас турар тиэримэстэн чэй кутунна.

      Күн уһаан, дьыбар тахсар буолбутун кэннэ оҕонньор таһырдьа тахсан чээччэйэн киирэр идэлээх. Бүгүн бастакы бэлиэтээһин буолбут, дьиэ муннугунан кырыыһаттан биир муус чопчу таҥнары ыйаммыт. Били ырыаҕа ылланарыныы сып-сырдык таммахтар кылыкын-кылыкын кылыйсыбыттар. Ньукулай ол таммахтары көрөн тоҕус уонус хаарбын уулларан күөххэ үктэнэр киһи буоллум ээ, быһыыта, диэн сүрдээҕин үөрэн киирдэ. Киһи кырыйдаҕына хас биирдии күнү таҥара бэлэҕин курдук ылынар буолар эбит. Кыһын күн уһууругар тиийбит киһи диэн баҕалааҕа, аны ити бастакы таммахтары көрөн күөххэ үктэнииһибин ээ дии санаата. Эмискэ «харк» гынан хаалбатаҕына, быйыл даҕаны хара сир устун хаамыыһы, саҥа тыллыбыт от-мас сүрэҕи-быары ортотунан сайан киирэр сытын, күн уотун эти-хааны сылаанньытар сылааһын билииһи быһыылаах. Бүгүн кулун тутар онус күнүгэр бэлиэтээтэ, ол аата аны биир ыйынан, муус устар уон күнүгэр күүскэ ириэрэн, уу-хаар тахсыбытынан барыаҕа.

      Оҕонньор ити курдук ону-маны саныы, итии чэйи иһэн бурулата олорон былыр, адьас оҕо сылдьан, балаҕан чаампытыттан таҥнары ыйаммыт бастакы чопчуну көрөн баран эмиэ күөххэ үктэммит киһи дии санаабытын өйдөөн кэллэ. Сэрии кэминээҕи аас-туор, ынырык кэмнэр этэ. Оччолорго кини баара-суоҕа уон үс эрэ саастааҕа ээ… Уонна итинник санаа киирбит эбит. Ыраах учаастакка сүөһү көрөн кыстаан олороллоро. Сэрии буоллаҕын үһүс кыһыныгар аас-туор олохтон балта, аҕыс саастаах Өксүү, ыалдьан өлбүтэ. Өксүүттэн үс сыл балыс, биэстээх Ааныска эмиэ нэһиилэ кыыкынаан сылдьара. Аҕалара сэриигэ барбыта, ийэлэрэ холкуос сүөһүтүн көрөн хараҥаттан хараҥаҕа диэри мөхсөөхтүүрэ. Хас да ыал, үксэ оҕо-дьахтар биир балаҕаҥҥа симсэн олороллоро. Эр киһилэрэ диэн арай хотон тас үлэһитэ, от-мас тиэйээччи алта уончалаах Тулламыкы оҕонньор этэ. Ньукулай, оччолорго Ньукуус, саас балаҕан чаампытыттан таҥнары ыйаммыт бастакы муус чопчуну көрөрүн саҕана астара төрүт быстыбыта. Нуорма бурдуктарын кэмчилээн күҥҥэ биирдэ уу судураай хааһы сииллэрэ. Хата, аҕыйах ынах төрөөн, кыра суорат баар буолан, нэһиилэ тыыннаах сылдьаллара. Ыал ыалынан хоргуйан өлбүттэрин туһунан ынырык сурахтары дьоно сибигинэһэн кэпсэтэллэрэ.

      Дьэ, итинник сыккыраһан