Кыргыс толоонугар көрсүһүү. Данил Макеев. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Данил Макеев
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-6639-1
Скачать книгу
ааһан иһэр тыыраахы, эмискэ «кыр-кыр-кыр, кырык-кырык, кырыак-кырыак-кырыак» диэн айманан, соһуччу сурахтан дөйүөрбүт курдук дьону уһугуннартаата. Ылдьыын Охонооһойдоох Мэхээчэ сирэйдэрин-харахтарын дьэ өйдөөн көрбүттүү хардары-таары сыныйан көрө-көрө:

      – Ыҥырбыт буоллахтарына барар буоллахпыт дии, – диэн баран отуу диэки хаампытынан барда. Дьоно бары саҥата суох кинини батыстылар…

* * *

      …Ынах ыллыгын кыйа лагласпыт кылбаа маҥан сотолордоох хатыҥнар биир да сэбирдэхтэрэ ибир гыммат, кыра да сиккиэр илгийбэт күнэ үүммүт. От-мас барыта өҥүрүк куйаастан улугуран, налыйан хаалбыкка дылы. Халлаан оройуттан сырайар күн уотуттан, бэл, үөн-көйүүр күлүк сиргэ хорҕойбут быһыылаах. Бырдах да дыыгынаабат, сахсырҕа даҕаны сааҕынаабат.

      Уу чуумпу…

      Арай, биирдэ эмэ күлүмэн эргийэ көтөн күүгүнээн ааһар, үрүмэ курдук чап-чараас кынаттаах тоноҕоччу хаппыт кииһилэ умнаһыгар түһэн ыла-ыла тыаһа-ууһа суох өрүтэ күөрэйбэхтиир, ыллык суол икки өттүнэн киһини түөһүн тылынан буолар гына өрө аспыт ап-араҕас сибэккилээх тимэх оттор үрдүлэринэн үс-түөрт муус маҥан үрүмэччи бэйэ-бэйэлэрин эккирэтиһэн ирбинньиктэнэллэр.

      Мэхээчэ итини барытын ис-иһиттэн кэрэхсии, манньыйа көрөн турдаҕына, эмискэ ким эрэ олус холустук саҕатыттан илгиэлээтэ. Ыбыс-ыарахан халтаһаларын нэһиилэ атытан көрбүтэ, өрүс баһыттан ыла массыынаҕа кэккэлэһэ олорон кэлбит Таатта киһитэ саҕатыттан сахсыйа турар эбит.

      – Оо, бу киһи эмиэ уутун кыаммата. Туох ааттаах уук киһигиний, доҕоор? Тур, бардыбыт, – диэбитэ истиэнэ нөҥүө саҥарардыы бүтэҥитик иһилиннэ, хотуомкатын уҥа санныгар быраҕынара уулаах дьэҥкир иһит нөҥүө көрөрдүү уҥа-хаҥас, туора-маара устаҥалаан ылла.

      Мэхээчэ уутугар аҥаарыйан мэндээрбит хараҕынан тулатын көрүммүтэ: дьоно бары туран үрүөтэһэн эрэллэр эбит. Уута кэлэрэ сүрдээх, мэктиэтигэр мэйиитэ минньигэс-минньигэстик эргийтэлээн ылар, халтаһалара сабылла тураллар, илиитэ-атаҕа адьас куҥ курдуктар. Ол иһин кыараҕас аанынан сүүһүнэн киһи хаһан үтүрүһэн тахсыахтарыгар диэри кыратык нуктуу түһэн ылар санаалаах төбөтүн эмиэ түөһүгэр бүк түһэрэн кэбистэ.

      Кини сөп-сөп күрүлүүр күнүс итинник уута кэлэн, чүмэчини саба туппуттуу эмискэ утуйан хаалар дьаллыктаах. Ол оннугар сотору-сотору түүнүн адьас утуйбат буолан хаалар. Оччоҕо хараҕын килэччи көрөн баран сытар, бара сатаан ыһыырынньык имик-самык уотугар тугу эмэ кыспыта, ат сэбин абырахтаабыта буолар идэлээх. Онтуттан сүрдээҕин эрэйдэнэр. Киһи барыта утуйа сыттаҕына, соҕотоҕун түҥкүнүү сылдьар туох аанньа буолуой? Оттон уута мунньулуннаҕына, күнүһүн уутун кыаммакка дьон күлүүтүгэр да барбыта элбэх. Былырыын өҥүрүк куйаас күн тэлиэгэлээх атынан отчуттарга өйүө илдьэн иһэн утуйан хаалбытыгар, ата үрэх оломугар тиийэн куйааһырҕаан иҥэһэ тэбэригэр диэри дириҥ ууга туораан тахсан турунан кэбиспит этэ. Көр, онно ыстаанын кэннэ илийдэр даҕаны, уһуктубатах ээ. Ааһан иһэр дьон түбэһэ түһэннэр атын кытылга сиэтэн таһааран баран, бэйэтин нэһиилэ уһугуннарбыттара.