Кыргыс толоонугар көрсүһүү. Данил Макеев. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Данил Макеев
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-6639-1
Скачать книгу
үөскэ киирэн, бытааннык да буоллар сүүрүгү өксөйөн барбыта. Субу соторутааҕыта арахсыбыт кытылларын үрдүк мыраанын кэтэҕиттэн, үөскэ киирэн эрэр баарсаны тиһэҕин көрөн хаалыан баҕарбыттыы күн сырдык иитэ быган тахсыбыта…

      Баарсаҕа ыга симиллэн иһэр аттары туох аанньа аһатыы кэлиэҕэй. Биирдэ эмэ арыыга тохтоон аҕыйах хотуурунан ыксал бөҕөнөн от охсон баарсаҕа таһаллара. Онно да ыбылы симиллэн иһэр аттартан кытыыга турааччылар эрэ тииһинэллэрэ, ортокулар үгүстэрэ маталлар этэ. Уунан устан истэллэр даҕаны, аттарын уулатар кыахтара суоҕа. Биэдэрэнэн ууну баһа-баһа палубаҕа халыччы ыһалларын өтөҕөлөрүн быыһыттан сыпсырыйа сатаахтыыллара. Ити курдук киһилиин, сылгылыын улахан эрэйи көрөн Усть-Кут бириистэнигэр сүөкэммиттэрэ. Уһун унньуктаах айантан сынньата түһэр диэн суох буолбута. Эбии дьон кэлэннэр бириистэнтэн аттарын миинэрин миинэн, үүрэрин үүрэн айаҥҥа туруммуттара. Бэрт өр айаннаан Иркутскайга тиийбиттэрэ. Били, баарсаҕа суоһаан, аччыктаан бырдылара быста сыспыт сылгылар, хата, аара өл хабан арыый сэниэлэммиттэрэ. Тимир суол станциятыгар тиийэн аттарын аны поезка тиэйбиттэрэ. Вагоннарга тиэйии баарсаҕа тиэйэрдээҕэр өссө эрэйдээх буолбута. Аттар биир-биир сиэтэн киллэрэллэригэр сиргэнэн өрө мөхсүү бөҕө буолбуттара. Нуучча саллааттара обургулар уончалыы буолан саба түһэн, ыһыытаан-хаһыытаан, кырбаан төрүт да өйдөрүн таһаарбыттара. Ол да буоллар аҕыйах чааһынан тиэйэн бүтэрбиттэрэ. Вагоннара, хата, анал оҥоһуулаах – уу кутар хоруудалаах уонна от уурар күкүр курдуктаах этэ.

      Баһылай өрө мөхсө сылдьар Улаанайы нэһиилэ сиэтэн киллэрэн баайан баран, хоҥоруутуттан имэрийбэхтээн, арҕаһыттан таптайбахтаан ылбыта. Ата эт-этэ салыбырас буолуор диэри куттаммыт, уу чаккырас буола тириппит этэ. Сиэбиттэн суухара ылан үҥүлүтэн көрбүтүн сиэбэтэҕэ. Буспут сугуннуу көҕөрүмтүйэн көстөр бүлтэспит харахтарыттан бөп-бөдөҥ, ып-ыраас таммахтар мөлбөрүһэн түспүттэрэ. Иччитэ, ону көрөн, кэҥэриитэ кычыгыланан, хараҕа ууланан кэлбитин биллэримээри хаҥас ытыһынан сирэйин ньуххаммыта буолбута. Онтон вагонтан ыстанан түһэн тэйиччи соҕус күүтэн турар дьонугар сүүрэн истэҕинэ, кэннигэр Улаанай сайыһан кистээн дьырылатара иһиллибитэ…

      Улаанайы түөртээҕэр, сэрии буолуо икки сыл иннинэ айааһаабыта. Тоҥ үүт курдук араҕастыйан көстөр сиэллээх-кутуруктаах, арҕаһын диэки кытархайдаҥы саһархай түүлээх, уһун систээх, биир күдьүс мөкүнүк быһыылаах-таһаалаах соноҕоһу маҥнай быаҕа-туһахха үөрэппитэ. Онтон киһи тутарыгар-хабарыгар кыһаллыбыт буолбутун кэннэ ыҥыырдаабыта. Көнтөһүн баҕанаҕа кылгас гына ыга тардан, кутуругуттан күрүө ортоку сиэрдийэтигэр ыксары баайан баран, арҕаһын таптайбахтыы-таптайбахтыы бототун уурбута, онтон ыҥыырын саба бырахпыта. Соноҕоһо, хараҕын дьиэгэниччи көрөн, хаһыҥырыы-хаһыҥырыы мөхсөн көрбүтэ да туһа суох буолбута. Ыҥыыр холумун ыга тардарыгар өсөһөн ыйылыы-ыйылыы чохчоччу туттан туран, олус күүрэн ап-араҕаһынан бычык-бычык ииктээн тыккыраппыта. Уоскуйбутун