Кыргыс толоонугар көрсүһүү. Данил Макеев. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Данил Макеев
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-6639-1
Скачать книгу
мастарын сулбурута тыытан, түөс быаларын сүөрэн, хомууттарын, сэдиэлкэлэрин устан аттарын сыгынньахтыы оҕуста уонна чугас соҕус үүнэн турар үөккэ сиэтэн илдьэн баайталаан кэбистэ. Охсоругар төннөн иһэн, арҕааҥҥы тыа баһыгар олорон эрэр күн уотуттан хараҕа саатан чарапчылана-чарапчылана төһө киэҥ сири оҕустарбыппыный диэн алааһы эргиччи көрдө. «Сотуонаҕым тостубатаҕа буоллар, бүгүн бүтэриэ эбиппин ээ» дии санаата уонна массыынатыгар кэлэн, дьааһыктан күлүүстэрин ылан тостубут сотуонаҕы өһүлэн киирэн барда. Балачча өр букунаһан устан ылла уонна аны икки төбөтүгэр иҥиннэриллибит тимирдэрин өһүллэ. Аҥы-аҥы барбыт сотуонах маһын аттарын баайбыт үөтүн төрдүгэр илдьэн кыбыта аста, онтон бүгүлэхтээн биир кэм өрө кэҕиҥнии турар аттар хоҥорууларыгар түспүт күлүмэннэри ытыһынан ньылбырыта сотоот, туомтуу баайбыт көнтөстөрүн төлө тарта. Эргилиннэрээт, хаҥас илиитинэн Буулуур сиһиттэн тайанан эрэргэ дылы этэ да, биирдэ ат үрдүгэр баар буола түстэ. Улаанай көнтөһүн уонна били тимирдэрин уҥа илиитигэр туппутунан отууламмыт сирин диэки сиэллэрэн дьигиһитэ турда.

      Отуутугар тиийэн аттарын лаглайбыт баай хатыҥҥа баайталаан баран, хап-хара буолуор диэри хоруорбут алтан чаанньыктан куруускаҕа чэй куттан ыймахтаата. Онтон эргэ куулга суулана сылдьар, Чохороон Сүөдэр өссө былырыын бэлэмнээбит хатыҥ мастарыттан талан ылан, саҥа сотуонах оҥорбутунан барда. Чохороон оҕонньор сотуонахха аналлаах хатыҥ маһы эрдэттэн суоран бэлэмнээн баран, сылы быһа хотон муостатын анныгар уган ииккэ сытыарар үгэстээх. Онтон сыыйа хатарар. Оччоҕо маһа ыыс араҕас дьүһүннэнэр, муос курдук кытаатар. Ол үрдүнэн дьэ ити тостон хаалар.

      Сотуонах баһыгар олордуллар, икки мас хамыйаҕы утары туппукка маарынныыр тимирдэри туттарар сурууп хайаҕастарын чүүччүнэн үүттүү олордоҕуна, Улаанай хонос гынан баран, Тыһаҕас Өлбүттэн киирэр аартык диэки көрө-көрө «һо-һо-һо» диэн иҥэрсийэн ылла. Баһылай үүттүүрүн тохтотон ол диэки көрбүтэ: биир аттаах киһи иһэр эбит. Өр-өтөр буолбата, холкуос бэрэссэдээтэлэ Уйбаан Дьэрэмиэйэбис дибдитэн тиийэн кэллэ. Атыттан түһэн сонос соҕус тииккэ баайа туран:

      – Дорообо, Баһылаай. Баһаам сири оҕустарбыккын дии, – диэтэ.

      – Дорообо, дорообо! Бүгүн бүтэриэм диэбитим да, сотуонаҕым тостон хаалла дии. Хайа, туох сонуннааххын, Туруйалаахтар төһө оттоннулар? – диэн биирдэрэ үлэлиирин кубулуппакка олорон туоһуласта.

      – Сонун суо-о-х, – диэн унаарытан баран, Уйбаан Дьэрэмиэйэбис оллоон таһыгар сытар дүлүҥҥэ олорунан кэбистэ. Иҥнэх гынан сонун уҥа сиэбигэр илиитин уган саппыйатын таһааран, хамсатыгар табах уурунна. Табаҕын уматтан, күп-күөх буруону үрэн унаарытан баран: – Туруйалаахтар син оттоотулар. Быйыл былырыыҥҥы курдук буолуо дуо, от үүнүүтэ арыый курдук, – диэтэ.

      – Сэриибит хайаата?

      – Ээ, дьэ кыргыһыы кытаанаҕа быһыылаах. Бэҕэһээ иһитиннэрбиттэринэн, биһиэннэрэ Өрүөл уонна Биэлгэрэд куораты босхолообуттар, – диэн баран чочумча саҥата суох олоро түстэ. Онтон көхсүн этитэн баран: – Биһиги холкуостан Мантылымыаҥҥа, Сиидэркэҕэ, Араатар Арамааҥҥа, Боккуойа уола Уһуннаайыга уонна эйиэхэ бэбиэскэ кэллэ, – диэтэ итиэннэ табаҕын буруотугар чачайан сөтөллөн хахсайда, ол быыһыгар сүүһүн аннынан уоран Баһылай диэки көрөн ылла. Киһитэ уһанарын тохтотон, сотуонаҕын үүтүн бэркэ сыныйан көрөн олордо, онтон ньилбэгиттэн мас сыыһын тэбии-тэбии туран чаанньыктан чэй куттан истэ уонна эмиэ табахтаары саппыйатын хостоото.

      – Хаһан барар үһүбүт?

      – Өйүүн оройуон киинигэр баар буолуохтаах үһүгүт. Өссө арҕаа ыытыллар аттары илдьэ киириэхтээххит. Биһиги холкуоска алта акка сыыппара түһэрбиттэр.

      – Хайа аттары ыытарга быһаардыгыт?

      – Билигин көлө барыта окко сырыттаҕа дии, хайыахпытый биригээдэлэртэн биирдии аты ыларбытыгар тиийэбит. Эн Улаанайгын илдьэ барыаҥ этэ, манна кинини кыайа тутан илдьэ сылдьар да киһибит суох курдук, – диэтэ бэрэссэдээтэлэ.

      Баһылай соһуйбут курдук киһитин диэки хайыһа түстэ, онтон тугу да саҥарбакка умса туттан олорон табахтаата. Балачча өр олорбохтоон баран, оргууй туран иһэн:

      – Массыынабын кимиэхэ туттарабын? – диэтэ.

      – Киһилии киһибит да суох. Сарсын Балааҕыйаны кэлээр диэбитим.

      – Улаанай оннугар хайа аты илдьэ кэлэрий?

      – Сөдүөт охсорго барар ат булан биэриэх буолбута. Буулуурдуун тэҥҥэ хаамсар атта булаар диэбитим.

      – Сарсын Арыылааҕы оҕустарыахтаах этим, бүгүн бу алааһы бүтэриэм дии санаабытым. Сотуонахпын оҥордохпуна бүтэрэн кэбиһэрим дуу…

      – Ээ, итини Балааҕыйа да ситэриэҕэ. Эн сотуонаххын оҥорон баран дьиэлээ, доҕор, – дии-дии Уйбаан Дьэрэмиэйэбис туран атын диэки хаамта.

* * *

      Аҕыйах хонугунан оройуон кииниттэн сэриигэ барааччылар сэттэ уонча аты сорохторун миинэн, үгүстэрин холбонон Ийэ дойдуларын көмүскүү кый ыраах сэриигэ аттаммыттара. Икки күн айаннаан өрүс кытылыгар, Ороссолуодаҕа кэлбиттэригэр уонча киһини, ол иһигэр Баһылайы, аттары көрөн-истэн айанныырга дьаһайан баран, атыттары Бэстээххэ илдьибиттэрэ. Баһылайдаах өрүстэн чугас, ортотугар туруйа хараҕын саҕа быыкайкаан көлүччэлээх балачча киэҥ хааччахха турар түөрт сүүсчэкэ аты көрбүттэрэ-истибиттэрэ. Итиччэ элбэх сылгы хааччах