Куорат булчуттара. Иван Андросов-Айанньыт. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Иван Андросов-Айанньыт
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-4099-5
Скачать книгу
Булка, тиэхиникэҕэ сыһыанын этэ да барбаккын. Оттон Ньукулай сүрдээх балыксыт, булчут. Айылҕа оҕото буолан, кыһыннары-сайыннары бултуур көҥүллээх, айылҕаҕа туспа сыһыаннаах, көрүүлээх киһи.

      – Мантан хоҥнорбутугар халлаан тымныыта ама этэ, – диэн курумҥа (эһэни өлөрдөхтөрүнэ тэриллэр малааһын) мустубуппутугар Босс хайдах бултаабыттарын сэһэргээбитэ. – Анараа дойдуга тиийбиппит, 45 кыраадыс буолан соһуппута. Дойдулаах киһини көрсөн, хас буолан, тугунан тахсарбытын торумнастыбыт. Сирдээх киһи табаарыстара, нуучча икки уола, саата суох киинэҕэ уста тахсыахтаахтара, туохтара эрэ сатаммакка, табыллыбата. Онон алтыа буоллубут. Биир «Бураннара» ойуурга бааҕын маска хайа астаран турар үһү. Онон биир алдьаммыт «Бурантан» баах устан, биири сүүрдэн, дьэ, айаннаатыбыт. Дэриэбинэттэн ыраах сир.

      Улахан булка сананыы сиэрин-туомун бары да удумаҕалыыр буоллахпыт. Ол эрээри ыҥырбыт дьоммут барыы, бултааһын сиэрин-туомун оҥороллорун субу диэн көрбөтөхпүт. Баҕар, биһиги тиийиэхпит иннинэ бэйэлэрэ анаан тугу эмэ дьаһыммыттара буолуо…

      Босс кэпсээнин кыратык быһа түстэххэ, аҕыйах сыллааҕыта үлэбинэн Алдан улууһун уһаты-туора сылдьан араас дьону, оҕолору кытта көрсүбүтүм, сэһэргэспитим. Хатыыстыырга Степа Сидоров диэн ахсыс кылааска үөрэнэр уолу булчут быһыытынан билиһиннэрбиттэрэ. Чахчыта да, кини сылдьыбыт сырыытын, бултаабыт булдун истэн сөхпүтүм. Тыйыс дойду оҕото кыра эрдэҕиттэн булка-аска, тымныыга, үлэҕэ эриллэн, эр киһилии туттан-хаптан, маннык кэпсээбитэ:

      – Биһиги диэки тиэхиникэ мээнэ сылдьыбат. Онон булт син баар, ол эрээри ити сиргэ тиийиэххэ наада. Быһа холуйан, мантан 800 биэрэстэни айанныахха наада. Туох үчүгэй суола кэлиэй? Үксүн сатыы, табанан, кыһынын-сааһын «Буранынан» сылдьабыт. Атын сирдэртэн тымныыта сымнаҕас дииллэр эрээри, арааһата, сыыһаллар быһыылаах. Олус тымныылар түһээччилэр. Биһиги, айылҕа оҕолоро, олох кырабытыттан бултуубут. Родовой община буоламмыт, хас биирдиибит буулдьанан ытар сааны илдьэ сылдьарбыт сокуонунан көҥүллэммитэ. Сэттискэ үөрэнэ сылдьан, хаар түспүтүн кэннэ убайбыныын тыатааҕы арҕаҕын булбуппут. Баарын чинчилээн баран, тыаһа-ууһа суох төннүбүппүт. Онтон сарсыныгар ийэм, аҕам, убайым уонна мин буолан, түөрт ыппытын ылан, бултаһа бардыбыт. Арҕахха сытар «кырдьаҕаһы» бултуур туспа уратылардаах. Аара бүө буолар мастары быһаттаан, бэлэмнэнэн тиийбиппит. Ийэлээх аҕам сааларын бэлэм тутан турбуттара. Убайым биһикки бүө мастары арҕах айаҕар симпиппит. Сотору буолаат, сүр ыардык көҕүс тыаһа ньирилээбитэ. Онтон кыылбыт бүө мастары сүргэйэн, төбөтө сүр түргэнник быгыалаан барбыта. Бары бэлэм туран, ытыалаан сардырҕаттыбыт. Эмискэ уу чуумпу буолбута. Арҕах иһиттэн күөх буруо унааран тахсан, салгыҥҥа сайҕанан хаалбыта. Дьонум үөрэ түспүттэрэ. «Эһэкээннээх уол эбиккин», – дэспиттэрэ. Ол аата Баай Байанайбыт бэлэх ууммут үһү! Күөх буруо тахсара – кырдьаҕас «утуйбутун» бэлиэтэ эбит. Үгэһи тутуһан, саамай кыра саастаах буолан, арҕах иһигэр мин киирбитим. Бастаан утаа хабыс-хараҥа