Куорат булчуттара. Иван Андросов-Айанньыт. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Иван Андросов-Айанньыт
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-4099-5
Скачать книгу
күһэлиннибит. Хас даҕаны маҕаһыынтан мэлийэн, арай ырыынакка тиийбиппит, кытайдар барахсаттар муус маҥан пенопласт мончуугу босхону эрэ үрдүнэн атыылаан ньамалаһа тураллар эбит! Биһиги, үөрүүнү кытта, уонтан тахсаны атыыластыбыт. Муус маҥаттар. Эҥин араас кэрэ дьүһүнүнэн кырааскалаатахха, бэртээхэй буолсулар. Эчи, илдьэ сылдьарга чэпчэкилэрэ да бэрт. Аны түргэнник куурар, ууга суураллыбат, кылабачыйбат кырааска көрдөөн, араас маҕаһыыннары кэрийдибит. Барыта ыксал. Дьиктиргиэхпит иһин, ханна даҕаны биһиги наадыйар кырааскабыт ордубатах. Бэл, маслянай кырааска көстүбэтэ. Арааһа, булчуттар бары маҥан мончуугу ылынан, кыраасканы бүтэрбиттэр быһыылаах. Олох ыксаатыбыт, субу барыахтаахпыт. Хайыахпытый? Кумааҕы килиэйин кытта ууга суураллар гуашь кыраасканы хото атыыластыбыт уонна айанната турдубут.

      Кустуохтаах сирбитигэр этэҥҥэ тиийэн, дурда туттан, эргэ мончууктарбытын ууга анньыталаан, бэлэм буоллубут. Көҥүл бастакы түүнүгэр Байанайбыт барахсан маанылаан, уонча куһу бултатта. Кус барыта кэлбит. Эбэбитигэр сис уута хас даҕаны сиринэн халдьыгыраччы киирэр буолан, уута түргэнник кэҥээн барда. Чахчыта даҕаны, киэҥ Эбэҕэ эргэ мончууктарбыт көстүүтэ суох буолан бардылар. Кустар биһиги эрэ мончууктарбытыгар наадыйбакка, онон-манан көтүүлэрэ элбээтэ. Дьэ, саҥа мончууктарбытын хостотолоон, бултаабыт кустарбытыгар маарыннатан, кырааскалаан дьэрэлиттибит. Бары даҕаны уруһуйга сыстаҕас соҕус буоламмыт, тулуппатыбыт. Бэрт сотору бэртээхэй мончууктар күн уотугар хатарылла уурулуннулар.

      Киэһэ саҥа мончууктарбытын эргэлэрбитин кытта анньан барылаттыбыт. «Эбэҕэ киирбит кус биһиэнэ» диэн күлүкпүтүгэр имнэнсэн кэбистибит. Уу нуурал буолан, мончууктарбыт олус үчүгэйдик көстөллөр. Кырдьык, ол түүн Эбэҕэ киирбит кус биһигини быһа ааспатаҕа. Бэркэ ыттарбыта. Сарсыарда кус көтүүтүн аҕырымныырын баттаһа кыратык тыалыран, быстах былыт ыга анньан кэлбитигэр, отуубутугар тахсан чэйдээн баран, утуйан хааллыбыт.

      Дьон саҥатыттан уһуктан кэлбитим, сылгыһыттар кэлэн чэйдии олороллор. Ардах ааспыт, күн да күн буолбут. Сылгыһыттар биһиги куурда тэлгэппит кустарбытын көрөн сөҕүү бөҕө. «Дьикти эбит. Ити маҥан мончууктаргытыгар тартараҕыт дуо? Оттон ыраахтан маҥхаһан, куһу даҕаны чугаһатыа суох курдуктар дии». Биһиги, төһө да өйдөөбөтөрбүт, уҥа-хаҥас кэпсэттибит.

      Дьоммут чэйдээт, үргүлдьү ааһа турдулар. Мин мончууктарбын көрө киирдим. Чугаһаан иһэн халампааһынан тартаран көрбүтүм, чахчы даҕаны, мончууктарбыт быыстарыгар үп-үрүҥ кустар төттөрү-таары уста сылдьаллар. Дьиктиргээммин, чуут үөмэ сыстым. Онтон өйдөөн көрбүтүм, бэйэлээх бэйэбит мончууктарбыт эбит! Сарсыарда ардах түһэн, маа бэйэлээх мааны кырааскаларбытын суурайан, кылбаччы сууйан кэбиспит. Хайыахпытый, төттөрү хомуйталаан ылан, иккистээн кырааскалаатыбыт. Киэһэ эмиэ киллэрэн, тардан кэбистибит. Киэһэтин бэркэ ыттыбыт. Арай сарсыарданан кустар, түһүөхчэ буола-буола, өрө көтөн тахсаллар. Сорохтор эргийэ даҕаны барбаттар, ааһа тураллар. Ити кэмҥэ сиккиэр