Кытайдар барахсаттарга тыыннаахтыы пааматынньык туруоруох буоламмыт, күлэ-үөрэ, быыһаабыт «Роса» бытыылкаларбытын талахтарга анньыталаан кэбиспиппит.
Дьэ, итинник сырыы эмиэ баара. «Роса» бытыылката элбэхтик туһалаан турар, биирдэ автомат саа цевьетун хаппаҕа түһэн хаалан, ол оннугар ити бытыылка хаппаҕын эрийэн, кустаан турардаахпыт. Ити туһунан кэпсээн. Хайа, уонна кураанах куул иһигэр бытыылка бөҕөнү симэн, алталыы куулу бииргэ баайан, болуот оҥостубуттарын туһунан кэпсээн, билигин кими даҕаны соһуппаккын.
Сорох ардыгар
Булка араас буолара ханна барыай? Ордук атын сиргэ, атын хампаанньаны биитэр билбэт дьоҥҥун кытта кыттыстахха, өйдөспөт түгэннэр баар буолан ылааччылар. Өрүү бииргэ бултуур дьон туһунан сиэрдээх-туомнаах, бэйэлэрин истэригэр тулхадыйбат быраабылалаах буолаллара чуолкай. Хайа, уонна бэйэ-бэйэлэригэр үөрэнсэн, эппиккэ дылы, тыла суох өйдөһөр буоллахтара.
Арай туран, куобахтыы тахсаары тэриннибит. Үүрүүгэ элбэх киһи наада диэн, массыыналаах, саалаах табаарыстарбытын, доҕотторбутун ыҥырарга сүбэлэстибит. Атын хампаанньаттан сыалай биир массыына киһи барсарын биллэрдэ. Үгүстэрин көрөн, истэн билэттиибит. Бэртээхэй хамаанда, урут эмиэ бииргэ бултаан турабыт. Онон үөрдүбүт. Арай биир табаарыспыт табаарыһа, ханнык эрэ тэрилтэҕэ тос курдук тойон оҕо, баара. Табаарыспыт ол киһини бүөбэйдиир да бүөбэйдиир. Бэл, саатын хомуйан биэрдэ, «ыалдьыппыт» ботуруона да суох. Таҥаһа-саба куораттыы. Бачыыҥканан сылдьарын көрөн, саппыкы уларыстыбыт. «Чэ, кылаабынайа, булка көхтөөх эрэ буоллун» диэн үгүспүт аахайбат. Намсыырдыыр суолунан айаннатан иһэн, Кэҥкэмэ диэки түстүбүт да, бултаабытынан бардыбыт. Сирин билэр буоламмыт, суол баар сиригэр толору киһилээх биир массыынаны инники ыытан тоһуйтарабыт. Уоннааҕылар сэлэлии туран, үүрэ-үүрэ хаамабыт. Ытар баҕа баһаам,