Куорат булчуттара. Иван Андросов-Айанньыт. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Иван Андросов-Айанньыт
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-4099-5
Скачать книгу
тэҥнэһиэй? Хайа, уонна, анды манаабыт диэн ааттыын да үчүгэй буоллаҕа. Дэҥ олус хойуу үөрдээх бараахтан таммалатаммыт, бэртээхэйдик күөстэнэбит.

      Көҥүл үс күн. Ханна даҕаны улахан ытыы буола илик. Хата, биһиэхэ, эбэлэртэн үтүрүллэн, ытыллан, умсаахтар табан ааһаллар. Сороҕор, сирэйэ-хараҕа суох курдук, түһэн ыттарар. Мончууктарбытын «кураанахтар» диэн сирбэттэр. Биһиги ол аайы үөрүүбүт муҥура суох. Хойобул гынан, ол эккирэтиһиитэ, күөйүүтэ биһиэхэ туспа көр.

      Көҥүл бүтэһик түүнүгэр, сарсыарда тахсыы саҕана, биир умсааҕы күөрэтэн, ону ылаары андаатар уйатын үктээн, ууга түстүм. Төһө даҕаны сайын буоллар, уу тымныыта сүрдээх. Ыксаан, отууну былдьастым. Тымныйымаарыбын ньылбы сыгынньахтанан, спальникка киирэн, устунан нухарыйан хаалбыппын. Икки түүннээх күн утуйбакка, барыбыт даҕаны уута муһуннаҕа. Мин кэннибиттэн өтөр буолбакка Капитан, Потап тахсан, чэй оргута сылдьыбыттар. Киин дурдаҕа Гашпай тылланан, харабылынан хаалбыт. Оттон Сааһыт, Байанайын битэ тартаҕа, дурдатыттан тахсан, Эбэтин биир өттүнэн эргийэ барбыт. Эмискэ кыырай үрдүктэн халлааны хайа суруйан, икки анды таҥнары сурулаан түспүт. Гашпай харабыл, өлүү болдьохтоох, нухарыйан хаалбыт. Киин дурда таһынан ыһыктынан, ытыллар сиринэн ааһа көппүттэр. Тардар анды мончууга суоҕуттан буоллаҕа, киирбиттэрин курдук Эбэ ортотунан ааһа көтөн, өрө күөрэйэн эрдэхтэринэ, Сааһыт биирдэрин халбыйан түһэрбит. Анды олус бөҕө көтөр буолара даҕаны, олох таастыы барбыт. Иккиһэ хайыһан даҕаны көрбөтөх, ааһа турбут.

      Хомуна сырыттахпытына, олохтоохтор эмиэ бүтэн, тахсан иһэн, анды бултаахпытын көрөн, сөҕөн ааспыттара. Үйэтигэр анды тарпат, түспэт сириттэн биһиги Сааһыппыт дьэ итинник бултаан, сөхтөрөн турар. Оттон тулатынааҕы Эбэлэр булчуттара анды өҥүн даҕаны көрбөккө көҥүлү түмүктээбиттэр этэ.

      Моонньоҕоттор

      Инники кэпсээбит саҥа тэриллэрим, бу да кэпсээри олорорум, ама да кэм-кэрдии ааһан мөлтөөбүттэрин, куччаабыттарын иһин, оччолорго киһи муҥура суох өйүн сөҕөр тэриллэрэ этилэр буоллахтара.

      Араас кус саҥатын үтүктэн ыҥырар тэрили кыһыны быһа сакаастаһан, соҕурууттан ылларбыппыт. Дьэ көрөн-истэн, улаханнык сөхпүппүт. Киһи ытыһын саҕа тэрилгэ араас кус-хаас тойуга баһаам этэ. Саҥата улахана, ырааһа, ыйааһына чэпчэкитэ үчүгэйэ бэрдэ. Ити иннинэ бобиннай магнитофону соһо сылдьарбыт. Ону да хааска эрэ анаан. Ол тэрилбит эрэйдээх кыыкынаан-хаахынаан син үлэлиирэ эрээри, саҥата кырата бэрдэ. Ону улаатыннараары бүтүн динамигы илдьэ сылдьар да кэмнэрбит бааллара. Оттон бу тэрилбитин сиэпкэ укта сылдьаҕын. Билигин бобуулаах тэриллэргэ сурулла сылдьар. Оттон ол биһиги илдьэ сылдьарбыт саҕана бобуу, хааччах суоҕа быһыылааҕа. Бэл, хаста даҕаны бэрэбиэркэлээччи уолаттар көрөн-истэн сөҕөн, ымсыыран барбыттара.

      Дьэ туран, ити тэрилбит кэлбит сааһыгар эрдэттэн тэринэн, үлэлиир тэрилтэлэрбититтэн хонук көҥүллэтэн, кустуу айаннаатыбыт. Оччолорго бултуур билиэтиҥ сыллааҕы харчытын төлөөтүҥ да, ханна баҕарар кустууруҥ көҥүл этэ. Бэрт да