Күһүн хаар түһүөн аҕай эрэ иннинэ Дьэбдьиэйдээххэ Дьөгүөр убайа Уйбаан кэлэ сырытта. Өрүүтүн да икки ыанар ынахтан ордугу ииттиммэт дьон быйыл күһүн улахан ороскуокка тэбиллибиттэрин кэпсээтэ. Саамай үүттээх, аһы-үөлү биэрэр ынахтара маска атыллан сыккырыыр тыына быстаары сытарын буланнар, тыынын салҕаабыттар. Сылаас, эт буорту буолар кэмэ буолан, хаһаанан уурунарга хайдах да табыллыбатынан чугас ыалларынан үллэрэн кэбиспит. Онон үс кыра оҕолоох ыал айахтара аччаабытын, быстарбытын эттэ.
– Быйыл күһүн дулҕа, талах быыстарын сирийэн оттоон, сүөһүлэрбин айахтарын тарда соҕус аһатан, хайдах эмэ гынан сыралаһан кыс таһаардарбын диэн баҕалаах этим, – диэтэ.
Оттон Дьэбдьиэй икки ынахтааҕыттан биир ынаҕын сыл таһаарар ото суоҕун, онон хайдах быһаарыныаҕын билбэккэ олорорун кэпсээтэ. Дьэбдьиэй Уйбаан биир ынаҕы ылан сыл таһааран, аһын аһаан иитиэ дуо диэн иһигэр саныы олордоҕуна, ону эрэ сэрэйбит курдук Уйбаана:
– Оттон эн туох диириҥ буолла, мин ылан сыл таһааран көрдөхпүнэ? Быйыл уулаах сүөһүнү харыстыахха ээ. Үүтүттэн-аһыттан ордорон кыһын тоҥорон аҕалыам да этэ. Күн-дьыл, олох-дьаһах көннөҕүнэ, бэйэ икки ардыгар кэлин даҕаны быһаарсан иһиэхпит этэ буоллаҕа, – диэтэ.
– Сөп бөҕө буоллаҕа дии, – диэн Дьэбдьиэй баҔарбыт санаатын таба эттэрэн үөрэ түстэ.
Кырдьыга да оннук ээ, ынаҕы аймахтара, көмө-ама буолар киһилэрэ ылбыта ордук бөҕө буоллаҕа, ыран-сутаан охтуон эбэтэр холкуоска соҕотуопкаҕа барыан кэриэтин?
Онон Уйбаан туох да тардылыга, үгүс кэпсэтиитэ суох ол күн Дьэбдьиэйдээх саамай үүттээх ынахтарын Маҥаачыйы дойдутугар сиэтэн илдьэ барбыта. Ынахтарын атаара бары дьиэлэрин таһыгар тахсыбыттара. Маҥаачыйдара, өйдөөх харахтарынан көрө-көрө, бэрт улгумнук барса турбута.
Өктөөп бырааһынньыга тиийэн кэллэ. Урукку сылларга бу бырааһынньык олус күүтүүлээх, күндү буолара дии. Оскуола, хонтуоралар тастарыгар улахан, кыра кыһыл былаахтар бөҕө кэчигирэччи анньыллаллара, былакааттар, Ленин, Сталин мэтириэттэрэ көстүүлээх сирдэргэ ыйаналлара көрүөххэ үчүгэйэ, санаа көтөҕүллэрэ тэҥнээх буолуо дуо?! Саамай күүтүүлээҕэ оскуола киэҥ көрүдүөрүгэр дэриэбинэ дьоно, бырааһынньыктыы маанытык таҥнан, оҕолуун-уруулуун, олох кырдьаҕаһыгар тиийэ кэлэн дакылаат истэллэрэ, кэнсиэр көрөллөрө, эдэр өттө балалаайка, хормуоска тыаһыгар дуоһуйа үҥкүүлээн астыналлара.
Быйыл эмиэ сэтинньи 6 күнүгэр киэһэ 7 чаастан оскуолаҕа Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин 24 сылыгар аналлаах биэчэр, онно дакылаат, кэнсиэр, үҥкүү буоларын туһунан биллэрии оскуола,