Саҥа дьыл кэнниттэн холкуостаахтар сыллааҕы дохуоттарын үллэстибиттэрэ. Балаҕан дьукаахтыылара сэриигэ барбыт дьоннорун үлэ күннэрин аахсан ханнык эмэ эти, арыыны, бурдугу ылан үөрбүттэрэ. Сорох ыаллар сыл устатыгар эрдэ нэрээт быһыытынан бурдук, арыы, эт ылан, дуона суоҕу аахсыбыттара. Онон, кыра да буоллар, дохуот үллэстэн, дьон аччыктааһыны халбарытына түһэр курдук буолбуттара. Дьэбдьиэй кэргэнин үлэтин күнүн аахсан, дохуоттаммыт курдук санаммыта. Астарын ампаардарыгар сыа-сым курдук кичэйэн ууран, харыстаан сииргэ, күнү тарда сатыырга былааннаналлара. Хайа, уонна күһүн муҥхаҕа тиксибит, дууһаны көтүппэккэ үллэриллибит балык элбэҕи тэптэҕэ. Дьон үтүө санаалаах бэрэссэдээтэллэригэр Баһылай Кынаачайапка махтана саныыллар. Бэрэссэдээтэллэрэ балыгы фронт туһатыгар диэн маҥхааһайга уган хаалларбатаҕын, барытын дьонугар үллэрэн кэбиспитин иһин райкомҥа дьүүллэнэн улаханнык сэмэлэммитин, буруйга тардыллыбытын истибиттэрэ-билбиттэрэ. Дьонум-сэргэм туһугар, кинилэри аччыктааһынтан быыһаары аһаппытым диэн эппитин истэннэр, өссө ордук убаастыы, ытыктыы көрбүттэрэ.
Саас. Күн уһаан, дьыбар тахсар күннэрэ буолан иһэллэр. Балаҕан иһинээҕи ыаллар бэйэ-бэйэлэригэр өйөһөн-убаһан күн уһууругар кэллилэр. Дэриэбинэҕэ сэриигэ барбыттартан икки-үс «хара» сурук кэлэн айманыы, харах уута буолла. Өлбүтү кытта өлбүт суох дииргэ дылы, куһаҕан сураҕы ылбыттар ытаһан-соҥоһон, айманан баран, тыыннаах буолар, фроҥҥа кыайыы туһугар диэн үлэлээн-хамсаан бардылар. Ордук сэриигэ барбыттаах ыалларга маннык ыар сурах сүрэх-баас ыарыыта буолан дьайан киирэр. Ким быһа бааччы маннык сурук миэхэ кэлиэ суоҕа диэҕэй?! Дьэбдьиэй кэргэнин санаабатах, ахтыбатах күнэ суох. Оттон Миичэкэ оҕонньордооххо, Сөдүөрэҕэ эмиэ сурук суоҕун, кэлбэтин санаатаҕына эмиэ да уоскуйарга дылы гынар. Аны фермаҕа да, хаһаайыстыбаҕа да бу олус кырыымчык окко хайдах эмэ гынан сүөһүлэрин охтубат эрэ гынан сыл таһаарар сорук турар. Сотору-сотору бэрэссэдээтэл, биригэдьиир сылдьаннар ол эрэ туһунан кэпсэтэн, мунньахтаан тахсаллара. Фермаҕа Нээттэйи кытта өссө икки эдэр дьахтар көлөнөн от тиэйсэллэр. Күһүн ферма үлэһиттэрэ үлэ бэрээдэгин тутуһууга, үүтү ыаһыҥҥа уонна сүөһүлэри энчирэппэккэ сыл таһаарыыга былаан, сорудах ылыммыттара. Бу ылыммыт былааны толоруу – хас биирдии үлэһит мүччүрүйбэт иэһэ.
Дьэбдьиэйдээх Миичэкэлээххэ кэлэн кыстаан олороллоруттан иһигэр астынар, үөрэр. Дьиэлээхтэр биирдэ да киҥир-хаҥыр саҥарсыбакка, өйдөһөн олордулар. Кырдьаҕастар барахсаттар дьоҥҥо үтүө санаалаах дьон. Оҕонньор сарсыарда эрдэ туран, бэйэтин кунан оҕуһун көлүнэн халдьаайы тыа куруҥуттан мас тиэйэн түбүгүрэр, онтукатын күн аайы соҕотоҕун чаачар эрбиинэн эрбээн кикиритэр, хайытан, сааһылаан балаҕанын иһигэр кыстыыр. Кыһыҥҥы кылгас күн онон бүтэр. Оттон үлэҕэ сылдьар дьон соло булан көмөлөһөр да түгэннэрэ суох курдук. Аны Миичэкэ оҕонньор сохсотуттан, туһахтарыттан син сөп буола-буола кэрийэн көрөн биирдии-иккилии