Ийээ, бырастыы гын... Степан Марков. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Степан Марков
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-3898-5
Скачать книгу
тустарынан куһаҕан, ыарахан сонуннар иһиллэ тураллар. Сэриигэ барбыт дьонноох ыалларга бу олус ыарыылаахтык иһиллэр. Хаһан эмэ да буоллар, кэлэр почтаттан санааларыгар сурук оҕото кэтэһээхтииллэр. Дьэбдьиэй кэргэнэ тоҕо суруйбатый? Ханна тиийдэ? Ол эрээри сурук хантан эрэ ыраах сиртэн айаннаан кэлэрин санаатаҕына, эмиэ бэйэтин уоскутунар. Сороҕор куһаҕаны санаталаан кэллэҕинэ, хайдах да гыныан булбат… Эс, оннук эрэ буолбатар, итинник куһаҕан санаалары кыйдыы сатыыр…

      Балаҕан ыйын ортотун, Сэмэнэп таҥара күнүн саҕана этэ. Аанчык оскуолатыттан кэлэн аһаан баран, түннүк аттынааҕы остуолга уруогун ааҕа олорон:

      – Ийээ, Бүөччээн оҕонньор манна иһэр, – диэтэ.

      Дьэбдьиэй уҥа диэки ону-маны гына сылдьан, иһиттиэм-истибэтиэм диэбиттии, түннүккэ ыстанан кэлбититтэн бэйэтэ да соһуйда. Кырдьык даҕаны, Бүөччээн оҕонньор иһэр эбит. Кини ыалга улахан наадата суох мээнэ сылдьыбат. «Сурук илдьэ иһэрэ буолуо дуо?!» Дьэбдьиэй сүрэҕэ тэбэ түстэ. Оҕолор ийэлэрин сирэйин-хараҕын кэтэстилэр. Бука, долгуйбута кинилэргэ бэрилиннэҕэ. Бары чуумпуран хааллылар, кэтэстэххэ, эчи, уһунун… Сүөһү тириитэ бүрүөһүннээх аан сэниэлээхтик аһылларын кытта Бүөччээн оҕонньор киирэн кэллэ.

      – Дорооболоруҥ, ыаллар! Аҕаҕытыттан сурук аҕаллым, – диэн оҕонньор күө-дьаа саҥатыттан уонна сирэйэ-хараҕа сымнаҕаһыттан Дьэбдьиэй уоскуйарга дылы гынна.

      Үс муннуктаах суругу оҕонньор илиититтэн сулбу тардан ылла. Кэтэспит, күүппүт аҕаларын суруга, дьэ, бу кэллэ! Суругу арыйа тарпыта, кини билэр көнө, бытархай буукубалара оҕуруо курдук тиһиллэ түстүлэр.

      Таптыыр кэргэним Дуунньа, оҕолорум Аанчык, Егорка уонна Паана, миигиттэн дорообото тутуҥ!

      Мин сылдьыым үчүгэй. Кылгас байыаннай үөрэххэ үөрэнэн баран, сэриигэ киирээри олоробут. Санаам бөҕөх. Өлөр санаам олох суох. Чэ, ситигирдик. Эһиги үчүгэйдик олоруҥ. От-бурдук хайдаҕый? Туох көмө баарый? Дуунньа, оҕолоргун үчүгэйдик көрө-истэ сырыт. Оҕолорум, чэ үчүгэйдик сылдьыҥ. Аанчык, үчүгэйдик үөрэн, ийэҕэр көмө киһи буол, бырааттаргар көмөлөс. Бириэмэ суох, онон ыксаан олорон суруйдум.

      Чэ, манан бүттүм. Барыгытын сыллыыбын. Аҕаҕыт Дьөгүөр. 7.10.1941.

      Дьэбдьиэй суругу хос-хос аахта, онтон кэтэһэн олорор оҕолоругар улаханнык ааҕан иһитиннэрдэ. Аанчык, улахан киһи буолан, сирийэн аахта, оттон кыралар «сэрэниҥ, кум-хам тутаайаххытый» диэн сэрэтиинэн бэркэ боччумуран олорон тутан-хабан көрдүлэр.

      Бүөччээн оҕонньор тахсан эрдэҕинэ Дьэбдьиэй:

      – Бүөччээн, баһыыба. Ити курдук, үчүгэй сонуннаах суругу аҕала турар буолаар, – дии хаалла.

      Сурук оҕолорго илииттэн илиигэ сырытта.

      – Оҕолоруом, аҕаҕыт суругун киртитээйэххитий, алдьатаайаххытый, сотору биэрээриҥ, ууруохпут, – дии-дии, Дьэбдьиэй оҕолорун сымнаҕас, таптаабыт харахтарынан имэрийэ көрүтэлээтэ уонна бэйэтэ да билбэтинэн хараҕын уута иэдэһинэн сүүрбүтүн былаатын уһугунан сотто оҕуста, аны оҕолорум көрүөхтэрэ диэбиттии төттөрү