Бүгүн эбэҕэ муҥха буолар. Дьыбардаах, ыраас халлаан. Күн үөһэ ойдо. Ыаллар дьиэлэрин оһохторуттан халлааҥҥа харбаһар унаар буруолара, дьон кэпсэтэр саҥата, сыарҕалар хаарга сыыйыллаллара, онон-манан ыттар үрэн маргыйаллара дэриэбинэҕэ олох күөстүү оргуйа турарын санатара киһи санаатын өрө көтөҔөр. Дьэбдьиэй үлэтин бүтэрэн киирэригэр уолаттара, хайыы-үйэ туран, ийэлэрин кэтэһэ сылдьаллар эбит. «Көр эрэ, эр дьон дуома буоланнар, булка сүрэхтэрэ тэбэн эрдэлээбиттэрин, хойут ыал буолан, кэргэттэрин, оҕолорун иитэр-аһатар аҕа, бас-көс дьон буолуохтара» дии санаан оҕолорун төбөлөрүттэн сыллаталаан ылла.
Сарсыарда эрдэттэн ким сатыы, ким сыарҕа аттаах эбэлэригэр киирдилэр. Атаҕар уйуттар кыахтаах барыта тиийдэ. Дьон санаата көтөҕүллүбүтэ сүрдээх. Кырдьаҕас оҕонньор-эмээхсин өттүлэрэ: «Оо, эбэбит барахсан, баайгыттан бэрис, күн-ый буол», – диэн көрдөһөр саҥалара иһиллэр. Арыый сэниэлээх, эдэр өттүлэрэ муҥха түһэрэн, нырыы ойбоннорун тэһэн үлэлээн-хамсаан бардылар. Үс муҥханы күөл илин өттүгэр дириҥэр түһэрэн, иитэн тоһуйдулар уонна арҕааттан нырыылаан үүрүү буолла. Маны барытын Баһылай Кынаачайап хас да көмөлөһөөччүлээх тэрийэн, салайан үлэлэтэр. Туона түһүүтүн, кини суолун-ииһин балыксыт, муҥхаһыт Дьөгүөссэ кырдьаҕас этиитин, сүбэтин ким да утарбат, истэн-толорон иһэллэр. Күөлгэ киирбит дьон бары, кырдьаҕастан, кыамматтан, кыра оҕотуттан ураты, нырыыга турдулар. Дьэбдьиэй уолаттарыныын нырыыга кэккэлэһэ сылдьаллар. Кыра уолу Паананы сыарҕаҕа баран олор, тоҥуоҥ дииллэрин олох истибэт, нырыылаары баҕа баһаам.
Киэһэлик муҥхалар эрдэ таҕыстылар. Төһө балык кэлбитин көрөөрү, муҥха ийэтэ тахсарыгар чардаакка үмүөрүһүү буолла. «Оо, кынакка бастакы бэриэччик собо кэллэ, үчүгэйдэтээри гынныбыт», – диэн саҥа аллайыылар иһилиннилэр. «Аргыыйыҥ, иһэр балыгы кэҕиннэримэҥ», – диэн ким эрэ буойда. Үс муҥха ийэлэрэ тэҥҥэ таҕыстылар. Соболор ийэлэр айахтарыгар ууну таһыйан лаһыгырайан оонньообуттара балык балачча баарын биллэрдэ. Дьон үөрүүтэ-көтүүтэ сүрдээх, кэлии-барыы сыыдамсыйда, эбэлэригэр махтаныылара элбээтэ. Балыгы муус үрдүгэр хаары ыраастаан куттулар.
Үллэрии иннигэр Баһылай Кынаачайап:
– Табаарыстар! Эбэбит барахсан аһатта. Бырабылыанньа быһаарыытынан, аспыт-үөлбүт ыараханынан, дьон аччыктааһына тахсыбатын диэн биир да ыалы көтүппэккэ, дууһанан үллэстэргэ, онон эбэбит биэрбит аһын сыа-сым курдук остуолбутугар тириэрдэрбитигэр быһаардыбыт. Аҕыйах куулу олох ыарахан балаһыанньабытыгар туттарга диэн холкуос ыскылаатыгар ууран эриэхпит этэ. Онно эһиги сөбүлэһэргит буолуо диэн эрэнэбин. Уонна өссө биири этэбин: нэһилиэнньэ, олохтоохтор быһаарыныыларын өйөөн, ылынан холкуос бырабылыанньата бигэргэтэр диэн мунньах боротокуолун оҥоруохпут, – диэтэ.
Дьон сөбүлэһэн «сөөп-сөп» диэн хаһыытастылар. Балыктарын улахан киһиэхэ иккилии толору биэдэрэнэн, оҕоҕо биэдэрэнэн үллэһиннилэр.
Дьэбдьиэйдээх бүтүн куул кэриҥэ инчэҕэй балыгы, бэйэлэрэ хайдах да кыайан