Ийээ, бырастыы гын... Степан Марков. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Степан Марков
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-3898-5
Скачать книгу
кэбистэ. Кырдьаҕас оҕонньоттор «үйэбитигэр маннык хаара суох тымныы кыһыны билбэтэхпит, сир хайыта баран тоҥуох курдук үлүгэрэ кэллэ» диэн дьиксинэн кэпсэтэллэр. Өссө иэдээнэ, маннык күнү-дьылы мэҥэстэ ас-үөл суоҕа дьону аччыктатан, хоргутан эрэрэ баар ээ. Хайаабыт да иһин, ыарахан кыстыгы туоруур улуу мөккүөр дьон олоҕор турда. Бурдук сир-сир аайы араастаан үүннэ. Ол да буоллар, кураанах аҥаардаах бурдук соломотун быһарга үлэһит илии тиийбэккэ, оҕо-дьахтар, кырдьаҕас үлэлээбитэ. Бу үлэни үлэлэтэргэ, хонтуруоллуурга оройуон кииниттэн Бөтүрүөп диэн боломуочунай кэлэн, биир туораах бурдук энчирээбэтин туһугар бааһынаҕа сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри кэтэһэн-манаһан олороро. Биир туораах бурдук сиргэ тохтон түспэтин, биир ытыс бурдук сиэпкэ, мөһөөччүккэ киирбэтин кыраҔатык кэтиирэ. Өскөтүн оннук түбэлтэ боломуочунай хараҕар түбэстэҕинэ, дьиэҕэ таарыйбакка да түрмэ диэки утаарыллалларын билэр буолан, дьон олус куттаналлар. Төһө да бурдук, килиэп өлөртөн быыһыыр ас буолалларын биллэллэр, аччыктаабыт көнө курдук. Бааһынаҕа бурдугу түүтэхтэринэн баайтаран барытын холкуос маҥхааһайын таһыгар тастаран, онно бурдугу ыраастатан, суот-учуот кинигэтигэр бэлиэтээн баран, маҥхааһайга уктаран, хататан иһэллэрэ. Ол курдук, уонча хонугунан бурдук хомуурун бүтэттэрэн, боломуочунай оройуоҥҥа барар сарсыардатыгар холкуос хонтуоратыгар кэпсэтии буолла.

      – Хомуур үлэтэ бүттэ. Үлэ кэмигэр үлэҕэ тахсыбат буолуу, бурдугу тоҕуу, кистээһин курдук улахан кэһиилэр тахсыбатылар. Ол эрээри киэһэ, түүн кистээн бааһынаттан тохтубут бурдугу хомуйуу, ону кутуйах хасааһын булбукка сигэнии эҥин суох буолуохтаах. Ыскылаакка бурдук итиэ суохтаах, наада тирээтэҕинэ бу аакка суруллубут сыыппара көрдөрөрүнэн ирдиэхпит, – диэн боломуочунай Бөтүрүөп, сөпкө быһаардым буолбат дуо диэбиттии, бэрэссэдээтэл, маҥхааһай сэбиэдиссэйин диэки кытаанахтык көрүтэлээн кэбистэ.

      Балачча ким да саҥарбата. Мохуорка табаҕын хаһыат кумааҕытыгар суон соҔустук эрийэн уматтынан, хаста да дириҥник эҕирийэн оборон баран холкуос бэрэссэдээтэлэ Баһылай Кынаачайап олохтоох соҕустук эттэ:

      – Анньыыһын Баһылайабыс, бу холкуоһум дьонун олохторугар-дьаһахтарыгар, кинилэр этэҥҥэ, тыыннаах буолалларыгар мин быһаччы сибээстээх, эппиэттээх киһи буолабын. Мин дьоммор өйөбүлүм, дьаһалтам олус наада, ону эн өйдүүгүн. Кураан кэлэн, от-бурдук үүммэтэ. Ол содулугар олох туруга мөлтөөн, дьон аччыктааһына тахсыан сөп. Дьону-сэргэни аччыктааһынтан быыһыахха наада. Туох-ханнык дьаһалы ылыахха сөбүй?

      – Фронт туһугар, кыайыы туһугар бары күүспүтүн түмэн үлэлиэхтээхпит, былаас эккэ, бурдукка, онтон да атын соруктарга былааннарын, байыаннай нолуоктары, заемнары хомуйууну күүскэ уонна булгуччу толоруохтаахпыт, ыытыахтаахпыт, ол мүччүрүйбэт иэспит буолар.

      – Ити эттэххэ дөбөҥ. Үлэтигэр нэһиилэ иэҕэҥнии сылдьар киһи төһөнү кыайыай? Ыал ото суох, чааһынай сүөһүлэрин сарбыйан туттаралларын былаас бобор. Сүөһү көнньүнэн өллөҕүнэ, ыксаатахха олору туттары көҥүллүүр хайдах буолуой?

      – Хайдах диэн этэҕин?! Былаас