Ийэм кэпсиир… (2 чааһа). Семен Маисов. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Семен Маисов
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-3154-2
Скачать книгу
от тиэйэллэр. Ол иһин урут-хойут кэлэллэр.

      Биир киэһэ таска тиэргэн чигдитигэр киһи хоочурҕаан кэлэр тыаһа иһилиннэ. Кыраһалаах булка сылдьаллар, Намыынап Хабырыыл ыта иччитин кытта Айдаҥҥа барсан турар, онон өтөхпүтүгэр айанньыт иһэрин эрдэттэн биллэрэн сэргэхситиэх ыппыт суох… Этэрбэс эҥин тэбэнэр тыас иһиллибэтэ… Муус чомпой буолбут халҕаны нэһиилэ арыйан, тымныы туманын өрүкүтэн, киһи түөрэҥэлээн киирдэ. Халҕан лип гына сабыллаатын харса суох дьиэ иһигэр өрүһүспүттүү кутуллубут туман, саһа, кирийэ сатаабыкка дылы, сыҥаһа ороннор анныларын былдьаста, тута симэлийэ, дьайҕара оҕуста… Арҕаа Кыргыдайтан сылдьар хаамаайы муҥнаах эбит. Сэниэтэ эстибит, бырда быстыбыт эрэйдээх буолара тута биллэр, көмүскэлэрэ төгүрүччү иилэнэн хойуоран хаалбыттар да, дьөлө үүттээн эрэргэ дылы уоттаах харахтара бэрт сытыытык чоҕулуһаллар. Аан чанчыгынааҕы адарай ороҥҥо хапсыйан олорон, саҥата-иҥэтэ суох сарыы сонун муос тимэхтэрин төлөрүтэ сатаата… Онуоха эмээхсин остуолуттан кэлэн сыгынньахтанарыгар көмөлөстө. Киирбит киһи нэк бэргэһэтин дуомун быата сыыҥар, сырааныгар биһиллэн, тоҥон иилистэн хаалбытын син өр букунайан сүөрдэ.

      – Эрэйдээх, оо муҥнаах… иэдэйбит… – эбээ киирбит киһини аһынан хайдах да буолуон булбат.

      «Ыалдьыт» нэһиилэ сүөдэҥнээн хааман, остуолтан тайанан олох маска олордо. Сүүһүн аннынан сүргүччү көрөн саҥа-иҥэ суох, сэниэ да эстибитэ, бырда да быһа түһэн быстыбыта бэрт быһыылаах. Баттаҕын кылгас гына, тэҥэ суох «сэлэттэрбитэ» дьүһүнүн эбии дьүдьэтэр. Кырыылаах икки иэдэһин улахан тымныыга иһэлитэн, үлүтэн кэбиспитэ хараараллар. Муннун анныгар тор курдук хойуу бытыктаах, сэҥийэтигэр онон-манан, абына-табына эрэ баар.

      Быстарбыт, хаамаайы дьон өтөр-өтөр киирэн ааһар буоланнар, көрө үөрэнэн, соччо дьиктиргээбэппит. Эмээхсин чэй кутта, алаадьы бэристэ. Киһи аҕыйах омурт чэйи куолайын куллурҕатан истэ, лааппы чэйин бэрт минньигэстик амтаһыйан ыйыстар. Алаадьыны ылан быһа ытыран уһуннук ыстаан баран биирдэ эрэ дьүккүк гынар. Таҥнан олорор таҥаһа сэнэх. Сылаас дьиэҕэ киирэн ирэн, итии чэйи иһэн, имэ кэйэн кэллэ. Дьонум ону-маны ыйыталаспыттарыгар аҕыйах тылынан нэһиилэ кээҕинээн хоруйдаата.

      Мантан киэһэ эбэм муҥха эмис соботун киллэрэн алтан күөскэ ыгыччы буһарда. Эрдэ хатырыктаммыт тоҥ собону сүгэнэн төбөтүн быһа охсон баран, үөһүн быһах төбөтүнэн дьөлө хаһан ылан кэбиһэр. Күөс сэмээр кыынньар кэмигэр киирбит киһи син сээкэйи кэпсээтэ. Эдэр киһи буолан итии киллэрдэ да сэниэлэнэ түстэ быһыылаах:

      – Эһиги холкуос өҥ сураҕын истэн кэлээччи-барааччы элбэх дииллэр. Ону да арыый сэниэлээҕэ кэлээрдэҕэ… кэриимнэнээри аара охтубут да үгүс ини… Бу саас саһарардаан өлө сыспытым, хата балык быгыытыгар тиийэн өрүһүммүтүм, аны сынгаалаан саатар сатамматым ээ… Бииртэн-биир… Уһуннук ыарыһахтаан, үлэбэр тахсыбакка, абаансанан алыс «аһаан», холкуоспуттан таһаарбыттара… Хата быйылгы дьылга, туох буолан үөстэрэ тэстибитэ эбитэ буолла, муҥха балыгыттан эҥин холкуостаахтарыгар кэм тииһиннэрэр буоллулар ээ. Ол эрэн үлэни