Ийэм кэпсиир… (2 чааһа). Семен Маисов. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Семен Маисов
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-3154-2
Скачать книгу
кытары ылар. Онтутун Айдаҥҥа бардаҕына лааппыга туттарар.

      «Свердлов» холкуос өҥ сураҕын истэн биир эмит кыаммат, ыал устун ускаай сылдьар дьон, хайа эмэ көлөлөөххө олорсон, кэлэн хонон-өрөөн бараллар, ыал аайы солбуһа «уу-хаар» иһэн тахсаллар…

      Биир күн Өксөөн кэлэ сылдьан, киһи куйахата күүрүөх, бөрүкүтэ суох, ынырык сонуну кэпсээтэ. «Жданов» аатынан холкуос олохтооҕо Очуон Уйбаан диэн киһи Балаҕаччынан эргийэн Айдаҥҥа кэлэн иһэн, дэриэбинэ көстөр сиригэр букатын чугаһаан баран, суолга охтон, үлүйэн өлбүт. Кыыл-сүөл бадьыыстыа диэн, онуоха-маныаха, дьаһайыахтарыгар диэри Айдаҥҥа аҕалан холкуос ыскылаатын үрдүгэр таһааран уурбуттар, төһөтүн да иһин сүөһү этин кытары киһи өлүгүн бииргэ сытыарар сүрэ бэрт буоллаҕа. Өлөөччү муҥнаах аймахтардаах эбит, тыллабыр тиийбитигэр, сыарҕалаах оҕуһунан кэлэн тиэйэн бараары, түөрт намаатын саратан адаарыччы тоҥмут киһини үөһэттэн түһэрэллэригэр, бэйэлэрэ да нэһиилэ иэҕэҥнэһэ сылдьар сордоохтор, мүччү тутан, тоҥ чигдигэ хас да тарбаҕын тосту түһэрэн кэбиспиттэр, ону торуттубут сонун сиэбигэр уган илдьэ бараахтаабыттар…

      Ыаллыы нэһилиэктэргэ, холкуостарга «хара сурук» өтөр-өтөр кэлэр. Ити курдук, үксэ хобдох сураҕы, сонуну мэлдьи истэбит.

* * *

      Олунньу ортото «Свердлов» холкуостан сэриигэ барбыт Баһылаайап Сөдүөт диэн киһи эмиэ араанньы буолан, анал хамыыһыйа сыыйан, дойдутугар төннөн кэллэ. Сөдүөт дьонноох-сэргэлээх киһи: ийэтэ, аҕата Айдаҥҥа олороллор, бииргэ төрөөбүт түөртэр, үс балтылаах. Сөдүөт кытта төрөөбүттэриттэн улаханнара. Хаҥас илиитэ бүлгүнүн ортотунан суох. Кыра төҥүргэс оҕото орпутун, дайбаннаҕым буолан, атын аҕайдык чороҥолотон хаамар. Сэриигэ барыан иннинэ, хайа да хара үлэни кыайа-хото тутар, холкуос биир төһүү үлэһитэ эбитэ үһү. Эргиллэн баран, Балаҕаччыга лааппыга харабынайдаата, иккиэ буолан түүҥҥү өттүгэр солбуһа сылдьаллар диэн эмээхсин кыыһа Маарпа кэпсиир…

      Тарбытын эмти охсон киллэрэн лыыбаҕа, үөрэҕэ булкуйан сиэн ыраатыннардыбыт. Кэлбит-барбыт, быстарбыт дьоҥҥо эмээхсин туох баарынан-суоҕунан аһыттан бэрсэр, онон тарбыт олунньу ыйга тиийэн бүтэн хаалла. Лыыбабыт холбо үс гыммыттан биирэ билигин да баар. Бурдук тардыыта – мин үлэм, күннээҕинэн, сиирбитин оҥостон олорон суорунаҕа лүһүгүрэтэбин. Нэчимиэн сииктээх туорааҕын, анал тимир лиискэ кутан баран, сирэй оһох суоһугар ыйаан куурдабын. Бурдук куурдар лиис түөрт өттүгэр тирбэҕэ быалаах буолар, онтуттан көхөҕө ыйанар. Туорааҕы хатарбатахха суоруна кыайан хоппот, ньаҕайдаан кэбиһэр. Үчүгэйдик ситэ куурбут, хаппыт бурдук туорааҕа ыстаатахха лыс гынар. Куурбут бурдугу, кэлиигэ соҕоҕунан сынньан баран, улахан чабычахха кутан сиксийэбин, оччоҕо сыыһа-буора ыраастанар. Чабычахтаах бурдукпуттан сабардаан ыла-ыла суорунам хайаҕаһыгар кутан сэмээр тардабын. Олус үлүһүйэн түргэнник тартахха куруппалаан кэбиһэр, ол иһин ыксаабаппын, наҕылыччы үлэлиибин, киҥинэйэн муннум анныгар буолары-буолбаты ыллыыбын, добуоччу уһуннук олоробун. Тардан бүтэрим саҕана сирэйдиин, баттахтыын