Ийэм кэпсиир… (2 чааһа). Семен Маисов. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Семен Маисов
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-3154-2
Скачать книгу
бараан сырыттым. Ийэм барахсаны, таайбын Бүөтүрү, эбэбин Лөкүөрүйэни, эһэбин Өлөксөйү санаатым да уйадыйан, уоһум мэрбэҥнээн, устунан харахтарым уута сонно халыс гына түһэллэрэ, ол иһин төһө кыалларынан дьонум ааҕы ахтыбакка, санаам салаҥ ситимин атыҥҥа салайан, күннээҕи түбүккэ аралдьыйа сатыырым. Миигин мэлдьи сыппах быһахтыы сулуйар, аалар да аалар ыар санааттан аралдьытар, өрүһүйэр албаһым түбүк, үлэ эрэ этэ…

      Киэһэ таска таҕыстахха чакылыччы халлыбыт хараҥа халлааҥҥа кэмэ суох бачымах сулустар сытыытык дьирибинэһэллэр. Ардыгар, киһи эрэ кэрэхсиэх, кустук араас өҥүнэн, солко таҥаһы тэлимнэппиккэ дылы, дьүкээбил ирбинньиктэнэ оонньуур. Ону көрөн Баһылайдаах: «Сотору буурҕарыыһы дуу…» – дэһэллэр. Ол эрэн халлаан тоҕо эрэ былытыра охсон биэрбэт, хата күүһүн-уоҕун ылан эбии сэтэриир, ол аата, оскуола оҕолоро бу да өрөбүллэригэр кэлэллэрэ биллибэт… Чөрбөйөн иһиллээтэххэ ханна эрэ, хайа эрэ ыаллар далларыгар от тэлгэтэ сылдьалларын курдук суугунас тыас иһиллэр. Мин урут Тээкиччэҕэ олорор эрдэхпитинэ итинник суугуну от тэлгэтэн сааҕынатар тыастара буоллаҕа дии саныырым, онтум, кэлин ыйыталаһан билбитим, тымныы тыынын суугуна эбит этэ. «Хайдах түүннэри от тэлгэтэр ыалларый» дии санаан чомпой бэргэһэм хаймыы бүүрүгүн быыһынан быкпыт кулгааҕым «лыс» гыныар диэри дьиибэргээн турарым, аны ол быыһыгар, ханна эрэ толооҥҥо хаһан аһыы сылдьар сылгылар тыбыырсар, иҥэрсийэр саҥаларын истэн, бииртэн-бииргэ аралдьыйарым да үгүһэ… Ахсынньы, тохсунньу аам-даам тымныытын сэҥээрэр, сөбүлүүр киһи арааһа аҕыйаҕа буолуо, ол эрэн бу бытархан тымныы, бэйэтэ туох эрэ ураты, киһи тылынан сатаан эппэт кэрэхсэнэр, оннооҕор күүтүллэр, кэтэһиллэр дьиктилээх. Эһэм Хара Өлөксөй этэринии, ол Саха киһитин өйүн-санаатын биир туспа уратыта эбитин кэлин биирдэ эрэ силигин ситэри сыныйан өйдөөбүтүм…

* * *

      Ахсынньы эргэтигэр Уйбаныаптар үҥсүүлэрин көрө куораттан түөрт киһи таҕыста. Суут, силиэстийэ үлэһиттэрэ, милииссийэлэр эҥин быһыылаах. Мин оҕо буоламмын, кинилэр чыыннарын-хааннарын соччо ырыта, ыаспайдаһа барбат киһибин. Куорумалаахтар кэлбит сурахтарын истэн, Маарыйа эмээхсин дьиксинии бөҕөтө. Тустаах дьоҥҥо аат-ааттаан суут үлэһиттэрэ, «ынкыбыдылар» тахсаллара – тус-туһугар ынырык суол. Сэрии кэмэ, байыаннай балаһыанньа буолан, сокуонтан, уураахтан туорааһын таҕыстар, бэрт кыра да дьиэс-куос көһүннэр эрэ, дьүүл кытаанаҕа, судургута этэ. Эмээхсин: «Хайаан да кыыспын илдьэ бараары кэлбит дьон буолуохтаахтар… Оччо айгыстан тахсыбыт дьон дэлэҕэ да мээнэ тиэстибэттэр…» – диэн ордук ыксыыр. «Оо, дьиҥ кырдьыгы анааран көрөр урааҥхайдар буолуҥ эрэ…» – диэн алгыы-алгыы уотун аһатар. «Ынкыбыдылар», үксүлэрэ да талыллан ылыллыбыт курдук, эттэрэ тардан көрбөт, хабыр майгылаах дьон буолаллара уонна сулууспаҕа оннуктары да арааһата сыымайдаан ылар быһыылаахтара. Ол ыаллыы сытар холкуостарга буолбут ынырык түбэлтэлэртэн, сурахтартан иһиллэрэ. Хата Өксөөн ол аайы кыһаллыбата, төттөрүтүн эбии холкутугар түспүккэ дылыта, «ыраас киһи ыксаабат, аньыыта суох киһи аймаммат» дииллэрэ Өксөөҥҥө көстөрө:

      – Ийээ,