Кыайан туттарбатах айаас сылгы дал иһигэр сүүрэн сиэлэ-кутуруга ыһыллан уйуһуйа сырыттаҕына, ханнык эрэ албаһынан, Дьөһөгөй оҕотун майгытын сатаан нэмин табан сыһытан, тутан ылан быалыыра. Эдьиийим дьонугар-сэргэтигэр сыһыана да үчүгэйэ бэрдэ, кинини да олус ытыктыыллара. Бэл аҕа саастаахтар «эдьиийбит» дэһэллэрэ. Кырдьыга да, сэрии саҕаланыаҕыттан, бу бүрүүкээбит аас-туор дьылларга салайан кэлбит холкуоһуттан биир да киһини хоргуйан өлүүгэ тиэрдибэтэх бэрэссэдээтэллээх холкуостар, арааһата, тарбахха баттаналлара дуу. Эдьиий барахсан хор ол курдук киһи киэнэ үтүөтэ, салайааччы киэнэ сатабыллааҕа, бастыҥа этэ. Кини тугу да кыайбытын-хоппутун иһин, ону сонун оҥостон кэпсэнэ, түөһүн тоҥсунан өрөйө-чөрөйө барбат олус сэмэй майгылааҕа, мэлдьи күлбүтүнэн-үөрбүтүнэн сылдьар сырдык, эйэҕэс, ис-киирбэх, номоҕон сэбэрэлээҕэ. Бэл санааҕа-онооҕо ылларан санньыйбыт түгэннэргэ Өксөөн киирэн кэллэр эрэ, аҥаардас кини тас дьүһүнүн да көрөн, киһи тута сэргэхсийэ түһэрэ.
Суут буолбута хас да хоммутун кэннэ Өксөөн ыҥыырдаах атынан дьиэтигэр кэлэн барбыта. Үгэс курдук күлбүтүнэн-оонньообутунан киирэн кэлбитин көрөн ийэтэ:
– Сэгэрим сыыһа хата этэҥҥэ… – дии-дии кыыһын сыллаан ылбыта. Өксөөн ол аайы долгуйбатаҕа, хата сонньуйбута: – Туохтан айманнаххыный ийээ… – диэн аа-дьуо унаарытан суон, модьу куолаһынан саҥарбыта, – хата, чэйгин кут, итии киллэриэҕи, халлаан да тымныыта сүрдээх, ат үөһэ олорон дьагдьайан тоҥо сыстым ээ, – диэн кэпсэтиини атыҥҥа көһөрбүтэ.
Мин Өксөөн туохтан эмит кэлэйэн, хомойон, биитэр санаарҕаан көмүскэтэ ууламмытын, ытаабытын хаһан да көрбөтөҕүм…
Тохсунньу ыйга, ороһооспо кэмигэр, сүллүүкүттэр тахсыбыттарын кэннэ, ардыгар Айдаҥҥа бара сылдьан көрдөххө көхтөөхтөр, ордук эдэрдэр, арааһы бары дьээбэлэнэллэр. Хас нэһилиэк, холкуос аайы сүрдээх сэргэх ыччаттар баар буолаллар, оннук эдэрдэр быыбарданан хомсомуол кэмитиэтин сэкирэтээрдэринэн, чилиэннэринэн талыллаллар уонна ыччаттары үлэҕэ да, үөрэххэ да иилээн-саҕалаан илдьэ сылдьар салайааччыларынан буолаллар.
Кэтиллэ илик саҥа тигиллибит этэрбэһи айаҕыттан тутан баран, тумсун хардары-таары эргитэн, аан айаҕын диэки «хаамтараллар». Онтулара «этэрбэс хаамтарыыта» диэн ааттанар эбит. Аан боруогар тиийэн этэрбэс тумса хайа диэки хайыспытынан