Ийэм кэпсиир… (2 чааһа). Семен Маисов. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Семен Маисов
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-3154-2
Скачать книгу
кэпсээбит биир кэпсээннэрэ итинник. Аны арҕахтан тыатааҕыны «таһаарбыттарын» туһунан кэпсээбиттэрэ бэйэтэ туспа дьикти сонун. Эһэ арҕаҕын Кыраһа булбут. Ону биир күн оҥостон тиийэн иккиэн бултаабыттар. Арҕах айаҕын титирик бысталаан бүөлээн баран иһигэр ытан өлөрбүттэр, Ылдьаа киирэн, мас ытыртаран «томторуктаан», соһон таһааран астаабыттар. Сүрдээх эмис атыыр эһэ эбит, балааккаларыттан соччо ырааҕа суох сиргэ арҕах хастыбыт.

      – Маанчык да үөрэниэх быһыылаах, Кыраһа курдук улаханыгар, кыратыгар барытыгар дьоҕурдаах, – Ылдьаа сүөгэй үүттээх хойуу чэйи иһэ-иһэ ытын хайгыыр. – Ытылла илик эһэҕэ, бүө маһын быыһынан, арҕаҕы өҥөйө сытан үрэн моргуй да моргуй, соһон таһаарарбытыгар тиистэһэн эҥин сүрдээх… Кыраһа – өйдөөх ахан ыт, мас көтөрө олорорун көрдөҕүнэ эккэлии-эккэлии киһиэхэ сыстаҥныыр, ыйылыыр, оччоҕо көтөр олорорун көрбөккө да иһэн тохтоон, таба көрөн ытан ылаҕын. Сорох ыт улары сырса сылдьан үрэр үгэстээх, олорбут маһын тарбыыр, инньэ гынан, көтүтэн кэбиһэн отой бултатааччыта суох.

      Ылдьаалаах Хабырыыл сэһэннэрэ-сэппэннэрэ элбэх. Хойукка диэри ирэ-хоро кэпсэтэн баран биирдэ утуйдубут…

      Сарсыҥҥы күнүгэр түүлээх бэрийиитэ буолла. Бултаабыт тииҥнэрин сүлэ-сүлэ тоҥорон аҕалбыттар, атын да түүлээхтэрин оннук дьаһайбыттар. Сүлүллүбүт тииҥи, инчэҕэйин ис гынан тиэрэ-тиэрэ, кытахха симэн тоҥороллор. Иһит туоллаҕына ириэрэн, хоҥнорон ылаллар уонна дьууҥҥа суулаан мунньан иһэллэр. Балаакка тимир оһох сойдо да тымныйбытынан барар, ол иһин сорох булчуттар сиргэ түүлээҕи хатарбаттар, элбэҕэ да бэрт. Саҥа дьыл эрэ иннигэр бултаабыт түүлээхтэрин аҕалан, хатаран туттараллар, таарыйа ыһык, өйүө ылан бараллар. Дьахталлар саба түһэн таҥастаһаллар, онон түргэнник бэриллэр. Тииҥи киэптээбэккэ, «тумсуттан» маамыктаҕа тиһэн, дьиэ иһигэр хатараллар. Бэлиэлээҕи айаҕынан сүлэн киэптииллэр…

      Тыатааҕыларын түүрүллүбүт тириитин ириэрэн баран, таска таһааран эркиҥҥэ тиирэн хатара ыйаатылар. Сааскы сайа охсор чэбдик салгыҥҥа хаппыт ойуурдааҕы «арбаҕаһын» Ылдьаа маҥнай соҥоһоонноото, онтон куобах тириитин курдук ньылыбырыар диэри илиитинэн имитэн баран, тэллэх гынна. Үөһүн ийэлэригэр биэрдилэр: атыырын киэнэ дьахтарга, тыһытын киэнэ эр киһиэхэ улахан эмтээҕэ былыр-былыргыттан биллэр.

      Тээтэкээннэрин этин буһардылар, күөскэ баппаҕайын кытары уктулар.

      Маарыйа эмээхсин:

      – Тоҕойуом, күөскүн эргит эрэ, – диэбитигэр, уһун уктаах хамыйаҕынан түөрэ баһан булкуйа турдахпына, арай үүт-үкчү киһи илиитин курдук эһэ баппаҕайа адаарыйан тахсан кэлбитигэр соһуйан дьик гына түстүм. «Һук!..» диэбиппин истэн эмээхсин сонньуйан ылла. Кыылбыт этин сиирбитигэр сиэри-туому тутуһан «хоок!..» дии-дии айахпытыгар утаарабыт. Ол аата «эн эккин биһиги сиэбэппит, суор сиир…» диир үһүбүт, оччоҕо тээтэкээн киһиэхэ өстөммөт диэн өйдөбүл баар.

      Булчуттар сонуннарын истээри хас да хонугу быһа ааммыт сабыллыбата, Айдаҥтан анаан-минээн кэлэн көрсөн бараллар. Тайахтарын