Икки апельсинтан ураты туга да суох көннөрү билсэ кэлбит буоланнар, сонно төннөн, күөх баһаарга тэбиммиттэрэ. Онно сиэх быһаҕас ырбаахылаах, килэрийбит-молоруйбут грузин дуу, армян дуу киһититтэн сүүрбэ биэс солкуобайга көтөх муҥунан сибэкки атыыласпыттара. Грузин уол оҕо төрөөбүтүн истэн: «О, багатырь будэт!» – дии-дии сыҥалаан туран, элбэх сибэккини биэрбитэ. Дина төрөөтөҕүнэ, сэниэ киллэрэригэр наада буолуо диэн, барыта толуонунан хаарчахтаммыт кэмҥэ Ксенья эрдэттэн Дьарааһынтан көрдөһөн, куурусса этэ булларан хаһааммытын, холодильнигыттан таһааран мииннээбитэ, уулаах отонтон муорус оҥорбута, эбии фрукта атыыласпыттара.
Итинник оҥостон, төрүүр дьиэҕэ иккистээн тиийбиттэрэ. Кинилэр уруйдаан-айхаллаан, эҕэрдэлээн, Динаҕа, оҕотугар бары үтүөнү баҕаран, күлүмүрдэс аккырыыккаҕа суруйбуттарын кэнниттэн, кумааҕы лоскуйугар харда кэлбитэ: «Махтанабын, эһигини эмиэ эҕэрдэлиибин. Оҕом наһаа улахан буолан, кыайан төрөөбөккө эрэйдээн баран, хата, этэҥҥэ быыһанныбыт, билигин иккиэммит туруга үчүгэй, туох да мэһэйдэспэтэҕинэ, балыыһаттан кэмигэр тахсарбыт буолуо».
Арыгы эмиэ толуоҥҥа эрэ көстөрүнэн, Бэргэн таайыттан көрдөһөн, биир бытыылка кыһылы аҕалан, дьиэлэригэр иккиэн бэлиэтээбиттэрэ. Бэргэн сотору-сотору: «Уол төрөөтө, дьэ бу дьол, хоту дойду булда-аһа дэлэй, улааттаҕына мин батыһыннара сылдьыам, иккиэн бултуохпут», – диэмэхтиирэ.
– Ким диэн ааттыыбыт? – диэн Ксенья ыйыппыта.
– Саха аймаҕы төрүттээбит ытык кырдьаҕас Эллэй аатын бириэххэ диэн мин уруккуттан ыраланабын.
Иһиттэрин-хомуостарын хомуйан баран, илиилэрин хардары-таары санныларыгар ууран куустуһан, түннүгүнэн одуулаһан олорбуттара. Ыаллара Дьарааһын эмиэ тугу эрэ суумкатыгар ыадаччы сүгэн кэлэн, дьиэтигэр киирбитэ.
– Кымырдаҕас курдук үлэһит киһи ээ, – диэбитэ Ксенья, хайҕыыра-сирэрэ биллибэттик.
– Оттон ол иһин кэм сэниэлээхтик олорон эрдэҕэ, – Бэргэҥҥэ бүгүн киһи барыта олус үчүгэй, туох барыта сырдык эрэ сыдьаайынан сандаарыйан көстөр.
Дьарааһынтан ураты тэлгэһэ иһигэр тыынар тыыннаах биллибэт этэ, арай барабыайдар сирилэһэн кэлэн, ыһылла түһэн, хадьымал төрдүттэн аһылык көрдөөн туора-маары сырсан догдоҥноспуттара, киһи ити чыычаахтары баардылаабат, хамсыыр харамай эрэ быһыытынан сыаналыыр, оттон кинилэри – дьону эмиэ үөһэттэн аллара көрөр улуу үрдүкү күүс киҥкиниир киэҥ халлааҥҥа баара буолуо дуо? Улуу өй дуу, күүс дуу баар буоллаҕына, тоҕо бу кинилэри оҕолонор дьолтон матарда? Туох буруйу оҥорбуттарын иһин? Чэ, ону көннөрөр кыах суох, ол иһин биир эрэ нөрүөн-нөргүйэн көрдөһүү баар – күн анныгар бүгүн кэлбит оҕолорун аһыннын, харыстаатын… Эбэтэр Таҥара