Эр киһи уонна дьахтар. Егор Неймохов. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Егор Неймохов
Издательство: Бичик
Серия: Билиҥҥи кэм прозата
Жанр произведения:
Год издания: 2010
isbn: 978-5-7696-3310-2
Скачать книгу
хайа эрэ улахан учуонай саҥа тутуллубут дьиэҕэ көспүтүгэр, кини панельнай дьиэҕэ эргэ үс хостоох квартиратын ылаҕыт дуо диэбиттэрин, үөрэ-көтө ытыстарын үрдүгэр түһэрбиттэрэ.

      Судаарыстыбаттан босхо дьиэҕэ кинилэр бүтэһигинэн тииһинэн хаалбыттар эбит, онтон ыла квартиралар наар атыыланар айдааннара үөскээн, дьоннор ипотекаҕа киирэллэр, субсидия ылаллар, тыаҕа сопхуостар ыһылланнар, киһи аайы үлэ көстүбэт буолан, дьиэлэрин, массыыналарын эҥин атыылыы-атыылыы куоракка дьиэ атыылаһан киирии хойдубута. Онон Бэргэннээх куорат таһынааҕы дэриэбинэттэн куоракка көспүттэрэ, Ксеньяны дьиэлэрин аттыларынааҕы поликлиникаҕа сиэстэрэнэн ылыбыттара. Уоллара Эллээйчик үрдүк уҥуохтаах, имигэс быһыылаах-таһаалаах, хоту дойду киһитэ Русланы батан бааһынайдыы ыраас хааннаах, долгулдьуйар куудара баттахтаах, номоҕон дьүһүннээх уол буолбута. Кыра сылдьан, уларыта сылдьан араас секцияларга күүһүн холонон көрбүтэ – мэһэйдээх сирдэргэ сүүрүүнэн (ориентированиенан), футболунан, чэпчэки атлетиканан, тустуунан. Итилэргэ өр буолабакка, быраҕан иһэрэ, кэлин дьэ бэйэтэ сөбүлүүр идэтин булбута – оскуоланы бүтэриэр диэри боксанан дьарыктаммыта. Ийэтэ соҕотох оҕотун эчэтиэхтэрэ диэн тохтото, бобо-хаайа сатаабытын, Бэргэн уолун өйөөн турбута:

      – Эр киһи бэйэтин көмүскэнэр буолуохтаах, хаһааҥҥа диэри дьууппаҕынан хаххалаан илдьэ сылдьаары гынаҕын?

      Уоллара биирдэ оҕолорго куорат «Спартагар» бириистээх миэстэҕэ тиксэн, үөрэн-көтөн грамоталаах кэлиэҕиттэн ыла, Ксенья уолун буойбат буолбута: «Тэҥнээхтэриттэн хаалсыбат буоллаҕына үчүгэй, биһиги, ийэлээх аҕата, үйэбит тухары араҥаччылыы сылдьыбаппыт чахчы, онон бэйэтэ кыһалҕаттан тахсарга, уустук боппуруостары кимэхэ да сэлээннээбэккэ быһаарса үөрэннин», – дии санаабыта.

      Ону сэргэ, били төрүү илигинэ, ийэтин иһигэр сырыттаҕына, Дина төрөөрү сытан Левитан альбомун көрүүтүн сабыдыала эбит дуу – олус үчүгэйдик уруһуйдуура. Онон, оскуоланы бүтэрэригэр спортивнайга дуу, худуоһунньук үөрэҕэр киирэрэ дуу диэбиттэрэ: «Мин аҕам курдук геолог буолабын», – диэн бэйэтэ быһааран, университекка геологтары үөрэтэр хайа дьыалатын салаатыгар ситиһиилээхик туттарсан, устудьуоннаан бастакы кууруһу бүтэрэн эрэрэ.

      Онон, кинилэр куоракка бигэтик олохсуйдулар, саҥа атастар-доҕоттор да баар буоллулар, арай маҥнай кэлэн биирдэ соһуччу ыалдьыттыахтарыттан ыла, Диналарын кытта таһыччы сүтэрсибиттэрэ. Эрэ Карп бүүс-бүтүннүү бизнескэ баран, аата-суола олох иһиллибэт буолбута, үһү-таамах курдук, «омук сиригэр сылаас муора кытыытыгар сынньаналлар, Москваҕа квартира атыыласпыттар, байан-тайан сүрдэммиттэр» эҥин диэн кэпсээн тарҕанара. Оттон ис дьиҥин ким да билбэтэ – ити дьонуҥ норуот олоҕо ыараханын көрө сылдьан, «эргиэн кистэлэҥэ» диэн ааттаан, үлэлэрин, ситиһиилэрин кэпсии-ипсии сылдьыбаттар, кинилэри сырдаталларын, дьоҥҥо-сэргэҕэ баайдарын-дуолларын биллэрэри, онон өҥнөллөрүн абааһы көрөллөр. Сураҕын иһиттэххэ, Карп Москваҕа көһүөххэ диирин Дината сөбүлэспэт үһү, тоҕо