Эр киһи уонна дьахтар. Егор Неймохов. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Егор Неймохов
Издательство: Бичик
Серия: Билиҥҥи кэм прозата
Жанр произведения:
Год издания: 2010
isbn: 978-5-7696-3310-2
Скачать книгу
көрүдүөргэ тахсан, аҕыйахта хардыылаат, «12» диэн нүөмэри көрөн, ааны тоҥсуйбута буолан баран, аһа баттаата. Иһирдьэ түөрт остуол турар. Утары түннүк анныгар олорор кыырыктыйбыт тор курдук бытыктаах аҕамсыйбыт киһиэхэ атыллыах курдук гынна да, биирдэрэ кинини киһи киирдэ диэн кыһаллыбакка, иннигэр ууруммут кумааҕытыттан хараҕын араарбатын иһин аан ойоҕоһугар, эркини кыйа олорор буспут соломо баттаҕын кэтэҕэр эринэн кэбиспит ачыкылаах нуучча дьахтарыгар халыйда уонна норуот тыйаатырдарын туһунан саҥардыы ыйытан эрдэҕинэ, анараата бэйэтиттэн тэйитэрдии, муннукка олорор саха кыыһын диэки сапсыйан кэбистэ. Инньэ гынан төлөпүөнүнэн кэпсэтэ олорор, сүүһүгэр сарымтахтанар, санныгар ыспыт баттаҕа кытархай кырааскалаах, кулгааҕын эминньэҕэр быыкаайык кыһыл көмүс ытарҕалаах кыыска сэрэнэн чугаһаата. Кыыс төлөпүөнүнэн оҕотун мөҕөр быһыылаах: «Мин эйиэхэ саарпыккын үчүгэйдик эринээр диэбитим буолбат дуо, үрдэрдэҕиҥ дии!» Ити курдук балачча кэпсэтэн бүттэ уонна туруупкатын талыр гына ууран баран, Динаны кыыһырбыттыы көрөн кэбистэ.

      – Дорообо, – диэтэ, онуоха Дина албыннаһар быһыынан, – көр эрэ, мин Руслан диэн хоту оройуон норуодунай тыйаатырын режиссерун туһунан билиэхпин баҕарбытым, билигин кини ханна баарый?

      – Киниэхэ тоҕо наадыйдыҥ? – диэн, кыыс өс саҕа ыйытта.

      – Кини соторутааҕыта Москваҕа сырыттаҕына, билэр кыыһым сурук ыыппыт этэ, ону ылаары, – диэн Дина эрдэттэн бэлэмнэммитинэн сымыйалаан кубарытта.

      – Пахай, оччоҕо ол киһигин хоту дойду түгэҕиттэн ирдэһэҕин, Москваттан кэлэн ааспыта быданнаата… – диэн, тоҕо эрэ «ол киһигин» диэни күүскэ соҕус эппитэ.

      Кыыс олус соһуйда:

      – Ааспыта даа?!

      – Ааһымына, кэргэнигэр, оҕотугар олус ыксаан иһэрэ…

      Дина хараҕар кыыс кэпсээн оппоҥнуур кырааскалаах уоһа, сүүһүгэр лэппийбит, санныгар ыспыт кытарахай баттаҕа соҕотохто харах саатарыныы чаҕылхай, күлүмүрдэс буоллулар, онтон хаар кыыдамныырыныы, тохтоло суох маҥан кыырпахтар элэҥнэстилэр, ол кэнниттэн барыта кып-кыһыл таҥаһынан сабыллыбыт курдук кытаран-наҕаран хаалла: «Бэйи, сатанымаары гынным ээ», – дии санаат, таһырдьаны былдьаста.

      Күүлэҕэ баҕанаттан тутуһан туран, тымныы салгыны өрүһүспүттүү эҕирийбэхтээтэ, төҥкөйөн, күрдьүк хаарын ытыһан, иэдэһин суураланна, арыый дьэгдьийэн: «Оок-сиэ, охто сыстым ээ, Руслан… Адьас да ойохтоох, оҕолоох эрээри быстах көрсүү оҥосто сылдьыбыт эбит дии, букатын холостуой уоллуу туттара-хаптара дии, оо, тоҕо сүрэй, тугун куһаҕанай…»

      Кыһыл өҥ сүтэн, тулата дьэҥкэрбитэ да, сүрдээх курус буола түһэн, сүрэҕэ тымныынан хаарыйбахтыырга дылыта, иэдэһигэр сырсан тахсаат, мууһура тоҥор таммахтары үтүлүгүнэн туура сотто-сотто оптуобус тохтобулун диэки барбыта. Хоһугар киирэн, кимниин да кэпсэппэккэ, тугу да саҥарбакка, сыттыгар умса түһэн, уйа-хайа суох ытаабыта. Бииргэ үөрэнэр кыргыттара тула көтө сылдьан:

      – Хайа, туох буоллуҥ? Туох буоллуҥ? – дэһэллэрэ.

      Ытаан-ытаан баран, арыый