Эр киһи уонна дьахтар. Егор Неймохов. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Егор Неймохов
Издательство: Бичик
Серия: Билиҥҥи кэм прозата
Жанр произведения:
Год издания: 2010
isbn: 978-5-7696-3310-2
Скачать книгу
хаҕыс күүс саҕатыттан ылан, умса баттаан, аньыылаах-харалаах сиргэ төнүннэрбитэ, уку-сакы сөмөлүөккэ киирэн олорбута уонна көмүскэтэ хараҕын уутунан туолан, ып-ыраас таммахтар мөлбөрүс гыммыттара…

      Оттон ити кэмҥэ Руслан инчэҕэй хаар түһэ-түһэ уостан хаалар сиигигэр суол-иис бөҕөтө тыргыллыбыт метротун диэки хааман иһэрэ. Билигин кини бу Москваҕа аҕыйах хоноругар таптаһа сылдьыбыт кыыһа Дина Дьокуускайдаан эрэр буолуохтаах диэн ээл-дээл санаан аһарда. Кола Бельды ыҥырар тус хоту дойдутугар кэргэннээх, оҕолоох, кинилэртэн ханна да барар санаата суох. Ол эрээри бу курдук көҥүлгэ көттө да, кыыс-дьахтар аймаҕы кытта быстах көрүлээри, булчутун хаана тардан дуу – сонордоспутунан барар үгэстээх.

      Кини өйдүүрүнэн, эдэр эр дьонтон ким барыта сэнэх көрүҥнээх, хайа баҕарар дьахтары кытта таптаһарга бэлэм. Ол эрээри үгүстэргэ ол кыайтарбат, дьахталлар сүрдээх талымастар, охсубут сохсолорго мээнэ киирэн биэрбэттэр. Ол, бадаҕа, оҕону-урууну төрөтөн-ууһатан тэнитии, иитии курдук олус эппиэттээх уонна уустук сорудаҕы айылҕа киниэхэ сүктэрбититтэн төрүөттэнэр быһыылаах. Оттон Руслан хайа да бэйэлээх кэрэ дьүһүннээҕи кытта эрийсэн көрөргө бэлэмэ, биир табаарыһа этэринии, «кыргыттарга гипнозтааҕа», көрөн-истэн тырымнаттаҕына, үгүстэр кыайан тулуйбакка, бас бэринэргэ күһэллэллэрэ.

      Билсиһэн, маҥнайгы уоҕугар өйө-төйө суох тапталга ылларбыт курдук туругар да, бэйэтин Ромео дуу, Лоокуут дуу оруолун толоро сылдьардыы сананара. Оттон ыйдаҥа түүн хоһоон тылларынан саҥара-саҥара үөһэ тыыныы, сиринэн-халлаанынан андаҕайыы, үгэс курдук, биллэр дьыаланан түмүктэнэрэ, ол кэнниттэн Руслан суола сойбута баар буолара. Маннык сырыыларыттан кини кыбыстыбата, арыгы истэҕинэ, бэл чугас доҕотторугар киһиргиирэ уонна кинилэр сэҥээрдэхтэринэ, өрүү биир сөбүлүүр анекдотун кэпсиирэ: «Түөрт уонтан тахса сааһыгар хайыы-үйэ икки төгүл Сэбиэскэй Сойуус Геройа, маршалы эрэ аннынан армия генерала званиелаах, фронт командующайа Черняховскай чиккэлдьийбит көнө быһыылаах-таһаалаах, үрдүк уҥуохтаах, кыраһыабай киһи эбит. Элбэх дьахтар кутун туппут, тапталтан бэйэтэ да аккаастаммат эбит, армия генералын сырыыларын особистар биир халыҥ хара паапкаҕа тиспиттэр. Берия киирэн Сталиҥҥа дакылааттаабыт уонна паапканы биэрэн баран, тугу диирин кэтэһэн турбут. Сталин түннүк сырдыгар кыһайан, бэркэ кэрэхсээн, бүтүн чаас аҥаара дьыаланы ааҕа турбут, Берия күүтэ сатаан баран: «Что будем делать, товарищ Сталин?» – диэн ыйыппыт. Биирдэрэ кинини көрө түһээт: «А что будэм дэлать, будэм завыдовать товарищу Черняховскому», – диэн саайбыт. Онон, эр киһи күүлэйдиэн сөп, оттон дьахтар илии устун бардаҕына киниттэн сиргэнэллэр, сэлээрчэхтэн атыннык ааттаабаттар», – диэн кэпсээнин түмүктүүрэ.

      Москва хаардаах-сииктээх, массыыналара харалларынан хойуу уулуссатын кыйа тротуар устун Руслан ыраах-ыраах уурталаан, сэгэлдьитэн иһэн, хайыы-үйэ Динаны умна быһыытыйбыта. Оттон Дина куоракка кэлээт, санаатыгар Руслантан сураҕы-садьыгы күүтэ сатаабыта, киниэхэ Сэргэлээхтээҕи аадырыһын