Эр киһи уонна дьахтар. Егор Неймохов. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Егор Неймохов
Издательство: Бичик
Серия: Билиҥҥи кэм прозата
Жанр произведения:
Год издания: 2010
isbn: 978-5-7696-3310-2
Скачать книгу
пленарнай чаас кэнниттэн секцияларынан арахсыбыттара, ол тухары устудьуоннар бииртэн биир тахса-тахса дакылааттыыллара, барыларын истэн баран, киэһэ ырытыһыы буолбута, үгүстэр бэйэлэрин билиилэрин-көрүүлэрин көрдөрө сатыыр быһыылаахтара – харса суох кириитикэлэһэллэрэ, оттон Дина бу моргуорга ууну омурпут курдук адьас кыттыспатаҕа, саҥаралларын истэр курдуга да, кулгааҕын таһынан аһара олорбута – кини өйүгэр-санаатыгар Руслан эрэ этэ… Киһи элбэх диэн киниэхэ дакылааттыырга тыл да биэрбэтэхтэрэ, дакылаатын суругунан ылалларыгар, кэмпириэнсийэ түмүгүнэн тахсыахтаах уопсай хомуурунньукка киллэриэх буолан эрэннэрбиттэрэ.

      Ити курдук биир күннээх кэмпириэнсийэтэ бүтэн, гостиницаҕа киирээт, фойеҕа суумка сүкпүт, сибэкки туппут Руслан турарын көрө түспүтэ. Мэктиэтигэр, күөх алаас сытынан дыргыйа түспүт сибэккини кыыс ылан баран, кэмчиэрийэ мичээрдээбитэ уонна уолу кытта нүөмэригэр лиибинэн айаннаабыттара. Биир миэстэлээх кыараҕас хоско орон ойоҕоһунан тумбаҕа эргэ тэлэбиисэр, төлөпүөн бааллара, остуол үрдүгэр эркиҥҥэ кыра араадьыйа ыйаммыт, онтон атын туох да суоҕа. Руслан чөрбөс гынаат, араадьыйаны улаатыннарбыта, диктор хоһоон ааҕара дуораһыйбыта:

      У лукоморья дуб зеленый

      Златая цепь на дубе том;

      И днем и ночью кот ученый

      Все ходит по цепи кругом.

      – Истэҕин дуо? Анаабыт курдук! «Руслан уонна Людмиланы» ааҕаллар, үчүгэй бит! Ол аата, биһигини Москва уруйдуу-айхаллыы көрүстэ, ити олус үчүгэй бэлиэ, Людмила!

      – Руслан, мин оонньоон эппитим, аатым Людмила буолбатах, дьиҥинэн Дина диэммин.

      – Дина? Өссө үчүгэй! Люда да, Дина да биир төрүттээх тыллар буоллахтара, «хмуриться не надо, Дина»!

      Дина ваннайга киирэн тахсыан икки ардыгар Руслан остуолга аһы тэлгэтэн, халбаһыыны, булочканы кырбаан уурталыы охсубут этэ, кыыс тахсыбытыгар остуолга аҕалан олордубута, сонно шампанскай бүөтэ «пөс» гына аһыллыбыта, тугу эрэ элбэҕи эрээри, улахан суолтата суоҕу кэпсэтэ-кэпсэтэ олорбуттара. Бүгүн көрсөөт, баччааҥҥа диэри хайдах бэйэ-бэйэбитин билсибэккэ олорбут бэйэбитий диэххэ айылаах сөбүлэһэ-таптаһа охсубут сүрэхтэр бииргэ тэбэллэригэр сөкүүндэттэн аттарыллан мүнүүтэ, онтон түмүллэн чаастан чаас ааһара, оо, түргэн даҕаны! Туох да тохтоло суох кыырайа көтөн сурулаан иһэр охтуу, бириэмэ элэстэнэрэ чыпчылҕан түгэн буоллаҕа…

      Сөмөлүөккэ тоҕо кинилэр аан маҥнай билистилэр? «Ыал буолуу киэҥ куйаар үрдүк киэлитигэр оҥоһуллар» дииллэрин курдук дуо? Аны гостиница нүөмэригэр киирэллэрин кытта уолдьах курдук, араадьыйанан кэлэ турар «Руслан уонна Людмила»… Ити барыта туох эрэ улахан дьолу түстүүр буолбатах дуо? Оттон тырымнас харахтар чүөмпэлэригэр угуйан-тардан илдьэ тураллар, бүүс-бүтүннүү тимириэх айылааххын, уой да уой…

      Сахаларын сириттэн кыраман ыраах бу бүччүм хоско оргууй аҕай сэһэргэһэ олорон, сылаастык имэрийэ көрөр харахтартан, соруйан дуу, алҕаска дуу таарыйан ылбыт тарбахтартан Дина сирэйэ итийбэхтиирэ, сүрэҕэ мөхсөрө, киһи тылынан