Ийэм кэпсиир… (1 чааһа). Семен Маисов. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Семен Маисов
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 2011
isbn: 978-5-7696-3599-1
Скачать книгу
олорор буолар. Сиһи уокка угуттуур сүрдээх үөрүйэхтээх. Ньукулай оҕонньор көхсө түөрэтэ түөн онно чэринэн чөҥөрүйэ ойууламмытын көрөн салла саныыбын. Эдэригэр бэйэтин харыстаммакка харса суох түһүөлээн эрдэ сорсуйбут киһи диэн кэпсэтэллэрин истэрим.

      «Хайа баҕарар үлэни нэмин табан, күүскэр, кыаххар холоон сөбүн көрөн, сатабыллаахтык, судургутутан, ол эрэн туппут илиигин араарбакка үлэлээтэххинэ эрэ үлэҥ үтүө түмүктээх, таһаарыылаах буолар», – диэн эһэм сүбэлиир. Кырдьык да оннук, аҥаардас хара күүһүнэн харса суох хабытайданар көдьүүһэ кыра, эт-сиин алдьанара дөбөҥ, чөлүгэр түһэрэ уустук. Ийэм да, таайым аах да маҥнай окко киирдэхтэринэ, бастакы икки-үс күн олус түһүнэн кэбиспэккэ, эттэрин-сииннэрин үөрэтэн, сөп-сөп тохтоон, сынньанан тыын ыла-ыла охсоллоро. Балаҕаннарыгар тахсан, сойо түһэн баран, биирдии чохоол кыыймыт арыы иһэллэрэ уонна иттэннэри түһэн сыталлара, өссө нуктаан, утуйан ылаллара. Оччоҕуна ол испит арыылара, бэйэлэрэ этэллэринэн, систэрин этин сааһынан бычалыйан тахсан, эттэрэ-сииннэрэ көһүйбэтин курдук сымнатара үһү. Күн аайы эптэр-эбэн үлэлэрин тэтимирдэн, устунан хатан, кииллийэн хаалаллара. Үчүгэй хатарыылаах киһи тыына-быара кылгаабат, тэптиргэ курдук сылдьар. Оннук дьон омурҕантан омурҕан ыккардыгар ууну букатын испэттэр. Омурҕаҥҥа да үчүгэйдик сойон, эттэрин суоһун аһарынан баран биирдэ эрэ утахтаналлара. Оттон тулуура суох киһи сойбут ууну иһиккэ соһо сылдьан харса суох иһэр, устунан сыыстаран уруттуур. Уруттаабыт киһи уҥаайы, ис-иһиттэн сэниэтэ суох, наар тыын ылан сынньаныан, утахтаныан эрэ баҕарар, хара аһы аанньа аһаабат, биир үксүн ол да иһин күүһэ-күдэҕэ эстэр, үлэтин түмүгэ эмиэ ол курдук.

      Мин сайын балаҕан ис-тас үлэтигэр түбүгүрэрим, оҕолору кытта оонньуурум таһынан, доҕотторум туохха эмит солото суох буолан тардылыннахтарына, наар эһэбин батыһан саппай уопса сылдьабын. Сээкэй кыраны уһанарын, туу өрөрүн, кыл илим баайарын көрөбүн. Хотоҕоско анаан туос хастыыбыт. Эһэм быһыччатын сытыы төбөтүнэн үөһэ-аллара икки сиринэн иилии суруйан баран, үөһэттэн аллара хайа сотто да, туос бэйэтэ түүрүллэн сиргэ кэлэн түһэр сүрдээх дөбөҥнүк хастанар кэмнээх, ол от ыйын эргэтэ. Тимир күөскэ субу оргуйан тахсыбыт итии ууга хотоҕос буоларынан сөбүн көрөн укпут туоһа хойуостаҥныы-хойуостаҥныы түүрүллэн хаалар, ону ылан икки ытыһынан аҥаардастыы анньан эбии хатайдыыр. Күөлбүт үрэҕин сүүрүгэ саас сир тааһын кыракый күрүлгэннэр анныларыгар, хаһырыаларга мунньан кэбиспитин ыаҕайаҕа хаалаан аҕалан таастыган гынабыт. Киһи сутуругун саҕа, өссө оннооҕор улахан да тааһы үлтү охсон эмиэ туһанабыт. Эһэм, кытыан угун эрийэн, таастыган иитэ оҥорор. Ээйгэ үүммүт мас силиһин хостоон, бысталаан тыырар, онтута ньып-ньылыбырас быа курдук буолар. Ол силиһинэн хомуйан аҕалбыт тааспытын баайан, иитигэр иҥиннэрэн туттаран кэбиһэр.

      Эһэм илимин көрөрүгэр сороҕор миигин тыытыгар мэҥэстэр. «Олох хамсаайаҕын, түөрэҥэлээйэҕин…» – диэн сэрэтэр. Кэтит көхсүгэр сиспинэн ыга сыстан чөкөллөн олоробун, оҕонньор өрө эгдэс гына-гына