Мин өс киирбэх түһэн ураҕаспар сэбэһэ быанан эбии синньигэс хаппыт уһун талаҕы кэлгийэбин уонна төттөрү тахсан илиим улук буолуор диэри хайдах да уунаҥныы сатаабытым үрдүнэн ураҕаһым былыкка тиийиэх эрэ быһыыта суоҕа.
Эһэм миэхэ анаан оҥорбут, илиибэр тутан олорон сырыһыннара оонньуур хас да мас аттааҕым. Олор сүппэт, туллубат бэйэлэриттэн буутайдаахтара, ыҥыырдаахтара, холуннаахтара, үүннээхтэрэ: силиктэрэ барыта сиппит, ыл да «миинэн барар» көлөлөр этилэр. Сорох сылгыбын чоҕунан биһэн хараардарым. Саҥа кыһыллыбыт аттарым маҥнай утаа маҥан өҥнөөхтөрө, онтон илииттэн-илиигэ уларсыкка сылдьан, арыы-сыа иҥэн саһаран хаалаллара, ону көрөн эһэм: «Оок, аппыт хайыы-сахха саарыл өҥнөммүт дуу?» – диирэ. Тарбыйахтаах талах ынахтарым, оҕустарым дэлэйэ, ийэм өссө туоһунан таллаҕар кулгаахтардаах сүөһүлэри кырыйара. Эһэм сохсотуттан, тэптиргэтиттэн ылбыт куобаҕын баһын уҥуоҕар сыҥааҕын уҥуоҕун мииннэрэн аттаах киһи гынан оонньуурум, үксүгэр сыҥаах силлэн икки аҥыы баран хаалара, оччоҕуна сабынан баайан чөлүгэр түһэрэрим. Сирэй оһох холумтаныгар бэрт элбэх «аттаах киһи» мэлдьи тупсаҕайдык кэчигирээн тураллара. Эһэм миэхэ өссө хабылык, мээрикээн, күүгүнүүр, өртүбүөй оҥороро, олорунан доҕотторбун кытта олус диэн дуоһуйа оонньуурбут. Оонньуурдарбын эргэ ыаҕаска хаалаан утуйар оронум анныгар ууран турарым.
Ийэм миигин сөп буола-буола улахан чабычахха сылаас уу кутан, ньылбы сыгынньахтаан сууннарара. Бэйэтэ такымын ааһар ыас хара суһуоҕун дьиэҕэ киһи суох кэмигэр солох уутугар оҥостон олорон кыычыгырыар диэри кичэйэн уһуннук суунара. Биир эмит дьүөгэтэ ийэм хоп-хойуу уһун суһуоҕун абылаппыттыы астына көрөн олорон: «Маарыйа, суһуоҕуҥ эчи астыгын, миэнэ да итинник буолбат ээ…» – диэтэҕинэ, ийэм саба сапсыйан кэбиһэрэ. «Инньэ диэмэ… Аньыы. Кырдьаҕастар такымын ааһар уһун суһуохтаах дьахтары дьоло суох дьахтар диэччилэр, дьоло суһуоҕар барар үһү…» – диэн харыс тылынан күөмчүлэнэрэ.
Ийэм бэйэтин лаппа кыанар тэтиэнэх дьахтар этэ. Ол эрэн мин кини күүһүн-уоҕун көрдөрбүтүн билбэппин. Ыалга оҕолору кытта оонньуу сылдьан, дьон: «Бүөтүр эдьиийэ Маарыйа дьэ кытаанах дьахтар, ордук илиитигэр үчүгэй быһыылаах…» – диэн бэйэлэрин ыккардыларыгар кэпсэтэллэрин истэрим. Урут көрбөтөх, харахтаабатах дьонум миигиттэн: «Ким оҕотоҕунуй?» – диэн ыйыталлара. «Ньууньаала Маарыйа кыыһынабын», – диэтэхпинэ, «Ээ, кини кыыһа эбиккин дии…» – диэн баран устунан ийэм туһунан кэпсэтэн бараллара. Ийэм тарбаҕар чахчы да кыахтаах этэ. Хаппыт ынах тириитин сиигирдэн баран маҥнай үрүөҕүнэн үрэрэ, онтон оҥостон олорон эт илиитинэн отой өрбөх курдук ньып-ньылыбырас буолуор диэри имитэн кэбиһэрэ.
Мин өссө төрүөм иннинэ, дьонум Кэҥэрэччи эбэҕэ олорор эрдэхтэринэ, чахчы буолбут биир дьикти түбэлтэни дьон уос номоҕо гынан, сөҕөн-махтайан кэпсэл оҥостоллоро өйбөр-санаабар хаһан да сүппэттии иҥэн хаалбыт. Ол кэпсэл маннык.
Ийэм Хочот күөлүгэр олорор Үөдэй Дьөгүөр