Дьаҕыһыйа хайдах кэлбитэй да, ол курдук сиэр атын үөһэ түһэн сиэллэрэн сэксэлдьитэн хаалла. Күнүс ийэлээх эбэм чугас тыаҕа уокка оттор мас сүгэ таҕыстылар. Эһэм күөлүн үрэҕэр туутун көрө барбыт кэмэ, таайым окко. Балаҕаммар бэйэм соҕотохпун. Бу сырыыга баҕас эмээхситтэр наһаалаатылар, мин Дьаҕыһыйаҕа өстүйбүтүм диэн сүр. Арай адарай оронум үөһэ талах кыыспынан оонньуу олорон, Дьаҕыһыйа били ийэбэр оҥорбут дьэрэкээн оһуордаах хатыҥ хамыйаҕа иһит уурар долбуур анныгар, саамай көстүүлээх сиргэ, кини аҕай буолан кылбайан турарыгар хараҕым хатанна. Уус хамыйаҕа, санаабар, миигин күлүү гынан күлэн бэлтэйэргэ дылы… Мин, талах кыыспын сыттык үөһэ сытыаран «утутан» баран, Муттуйдарга сүүрдүм. Ыалым балаҕаннарын иһэ иччитэх, бэл уу кыһыл оҕолоох Суоппуйа суох, ыалга барбыт быһыылаах, уоннааҕылар түөрэ отторугар ходуһаҕа киирбиттэр. Доҕотторум ханна баалларын билэр киһи мэлдьи түмсэн оонньуур сирбитигэр, оол курдук өтөх саҕатыгар турар хотоҥҥо тэбинним. Сэрэйбитим курдук, Маарыйалаах Тахтаха саҥа сиппит кыһыл уонна араҕас өҥнөөх тиит туорааҕын ыаҕайаларыгар толору тоноон аҕалан бүгэн оонньуу олороллор…
Олорор өтөхпүт бэрт киэҥ өтөх. Бурдук бааһыналаах. Нэчимиэн ыһаллар. Маҥнай кылланан баран кэлин ас кутан саһарчы буһан, күһүнүгэр тиийэн сиккиэр тыалга уу долгунун курдук уҥа-хаҥас хоҥкулдьуйа, нуоҕаҥныы турар бурдугу көрөр олус да астыга, кэрэтэ. Бүтэй үөһээ сиэрдийэтигэр ыттан, икки илиибитин быластыы туттан, долгулдьуйа суугунуур бурдуктан харахпытын араарбакка уһуннук одуулаан туран бэйэбитин күөл үөһүнэн көтөн иһэр хопто курдук сананарбыт. Устунан испит кычыгыланан күлэн саһыгыраабытынан, сүһүөхпүтүн былдьаһан сууллумаары дьирээлэспэхтээн баран, бүтэй тас өттүгэр ыстанан кэбиһэрбит.
Өтөх соҕуруу өттүттэн саҕалаан элбэх киһи уҥуоҕа тыа диэки бачыгыраһан бараллара. Маҥнай утаа куттаммакка киһи уҥуохтарыгар оонньуурбут, кэлин дьоммут бобоннор, куттааннар чугаһаабат да буолбуппут.
Мин Тахтахалаах Маарыйаны балаҕаммар ыҥыран аҕалтаатым уонна туох соруктаахпын, санаалаахпын эттим. Кыргыттарым күлүстүлэр… Били Дьаҕыһыйа оҥорбут хамыйаҕын ыламмын, талкы баһыгар ууран, ойо быһыы оһуордаах тутааҕыттан Тахтахалаахха туттаран баран, адарай орон анныттан таайым мас мастыыр маалгы сүгэтин ылан туох да сээбэҥнээһинэ суох нэлэгэр баһын хаба ортотунан хайа охсон кэбистим.
– Дьэ билигин баҕас Дьаҕыһыйа уус баара кэһэйдиҥ ини… – диэн бэркэ астынным.
– Ыарыйда быһыылаах… – диир Маарыйа.
– Хайа барда ээ… – диир Тахтаха.
Икки аҥыы барбыт, хайдыбыт хамыйаҕы ыламмын, кистээтэҕим аатыран, оһох кэннигэр турар уулаах уһаат хаппаҕын сэгэтэн баран уган кэбистим.
Таска куйаас бөҕөтө, санаабытын сиппит дьон быһыытынан, бэркэ астынан, наҕылыйан, утаппычча ымдаан иһэн киллиргэтэн утахпытын ханнардыбыт. Бу олордохпутуна таска дьон саҥата ньамалаһара иһилиннэ, сүүрэн кэлэн, өндөҥнөһө-өндөҥнөһө,