Ийэм кэпсиир… (1 чааһа). Семен Маисов. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Семен Маисов
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 2011
isbn: 978-5-7696-3599-1
Скачать книгу
тиит мас олуга ойдон өрө кыырайан тахсан баран саннын хараҕар түспүт. Бэрт кыра дэҥтэн сылтаан Былатыанап сиһинэн моһуогуран ыалдьан, устунан уҥуоҕа ууллан босхоҥноон баҕалыы сыыллан хаалбыт уонна сотору өлбүтэ үһү.

      Сэттэ сааспар диэри Тээкиччэ өтөҕөр олорбут сылларым оҕо сааһым саамай дьоллоох кэмнэрэ этилэр. Эбэм, эһэм, ийэм, таайым бары бааллара. Мин ыал оҕото этим.

      Тээкиччэ күөлүгэр Дыыкка оҕонньор өтөҕөр биэс ыал буолан үс балаҕаҥҥа олорбуппут. Биһиги кэннэ иккис балаҕаҥҥа Мискээйэп Ньукулай (Хахалдьыйа) оҕонньор Огдооччуйа диэн бөкчөҕөр уҥуохтаах эмээхсининээн олорбуттара, улахан уоллара Көстөкүүн, иккис оҕо Элэбэһиэтэ (Кээкээ) диэн кыыс, үһүстэрэ Ыстапаан (Доодоһун) диэн уол. Мискээйэптэр бастакы оҕолорун кэнниттэн Сөдүөрэ (Көйгөөлө) диэн кыыстаммыттарын Огдооччуйа балта Оппуруоһа (Аппаҥалык) диэн дьахтар ииттэ ылбыт, бэйэтэ буоллаҕына Мискээйэптэргэ мэлдьи дьукаах. Онон Сөдүөрэ ийэлээх аҕатыттан, кытта төрөөбүттэриттэн тэйбэтэх кыыс. Ийэтиттэн түһээтин уу кыһыл оҕону Оппуруоһа бүөбэйдээн, көрөн-истэн улаатыннарбыт, ол иһин Сөдүөрэ кинини «ийэм» диирэ.

      Өтөхпүтүгэр баар үһүс балаҕаҥҥа эмиэ икки ыал дьукаах олорбуттара. Муттуй Түмэппий диэн оҕонньор элбэх саҥалааҕын иһин Батакаай Өрүүнэ диэн ааттаммыт ойоҕунаан икки кыыстаахтара: Тахтаха уонна Киристиин. Тахтаха миигиттэн биир сыл балыс, Киристиин үс сыл. Дьэкиимэп Ньукулай (Эйэҥ) диэн саас ортолоох киһи Суоппуйа диэн эдэр ойоҕунаан, Маарыйа, Борускуо диэн кыргыттарынаан Муттуйдарга дьукаах этилэр. Маарыйа Муттуй кыыһа Тахтаханы кытары саастыы. Оттон Борускуо (мин түөртээх-биэстээх эрдэхпинэ) отой да саҥа төрөөбүт уу кыһыл оҕо.

      Бары сүөһүлээхпит. Биһиги туспа хотонноохпут, оттон ыалларбыт сүөһүлэрэ, иччилэрин курдук, эмиэ икки хотоҥҥо кыттыгас кыстаан кыһыны туорууллара. Биирдии-иккилии эрэ ыанар ынахтаахпыт, үүппүт айахпытыгар син тиийэрэ. Урут бэл уон ыанньыктаах дьиэ кэргэн атах-бытах сүөһү баайдаах ыал ахсааныгар киирсэллэрэ. Кэлин артыаллар тэриллэннэр дьон үксэ сүөһүлэрин холкуоска холбооннор, ордоруммут ынахтарын хас да ыал кыттыһан биир хотоҥҥо кыстатан кыыдааннаах кыһыны туораталлара. Ону да сүөһү ордоруммут өттө. Кэлин ол ынахтара төрөөн, тарбыйахтанан, сорохтор сүөһүлэрэ сыл-хонук аастаҕын аайытын син элбээн, эбиллэн барара.

      Ийэбин, ис киирбэх, номоҕон дьүһүннээх дьахтары, хаста да ыйыттаран көрбүттэрин сөбүлэммэтэх. Мин дьүһүммүнэн ийэбэр майгыннаабат этим, арааһата, айбыт аҕабын баппыт быһыылааҕым. Ийэбиттэн аҕам кимий диэн хаһан да ыйытааччым суох. Дьыала-куолу кумааҕытыгар Кэнээрэбэ Аана Бөтүрүөбүнэ диэн сурулларым. Аҕам аатын оннугар ийэм таайым Бүөтүр аатын суруттарбыт.

* * *

      Биһиги эҥээр сири-дойдуну кэрийэ сылдьар Дьаҕыһыйа диэн улахан мас ууһа киһи баара. Тээкиччэҕэ дөрүн-дөрүн охсуллан, хонон-өрөөн ааһара. Ийэм көрдөспүтүгэр бэрт нарын оҥоһуулаах, чараас бастаах сүөгэй халбыйар хатыҥ хамыйах оҥорон биэрбитэ. Тутааҕа ойо быһыы ойуулааҕа, оһуордааҕа, төбөтүгэр тоһоҕоҕо ыйаан