Ийэм кэпсиир… (1 чааһа). Семен Маисов. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Семен Маисов
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 2011
isbn: 978-5-7696-3599-1
Скачать книгу
тыла ыйааһыннааҕа, ылыннарыылааҕа. Таайа ол иһин, үгүһү-элбэҕи ыаһыйаласпакка, абырахтыы олорбут туутун туора уураат тахсан барбыт. Тиийбитэ, табатын атыыра мөхсө сатаан баран сэниэтэ эстэн умса нөрүйэн, «пуус-пуус» тыынан икки агдата көпсөҥнүү турара үһү. Төһө да күһүөрү сайын буоллар ылааҥытыйан, куйааран, хойуу кумаар, бырдах таба ньылбаа түүтүттэн иҥнибэккэ биир кэм хара тордох курдук хараара түһэн сиэн ырааппыттар эбит. Дьөгүөр табатын муоһун хайдах да оруу, тардыалаһа сатаан баран аккаастаммыт. Муос силистээх-мутуктаах сиргэ ол курдук бэрт дьиктитик, чиҥник батары киирбитэ үһү. Дьөгүөр ыксаан, балаҕаныгар төннөн, эрбии ылан кэлэн атыырын муоһун эрбээн араарбыт. Били сэниэтэ эстэн турбут сүүлүргээн эрэр таба, төлө бараат да, боотурҕаан өҥүргэһинэн эриличчи көрө-көрө, эрбэммит муоһун төрдүттэн хаана ыһыллыбытынан киһини сыыһа-халты түһүөлээбит. Үөдэй Дьөгүөр бүтэйэ чугас буолан ол нөҥүө түһэн куоппут.

      Дьөгүөр, өтөҕөр кэлээт, үргүлдьү балтыгар ааспыт. Балаҕаҥҥа киирбитэ, ийэм таайа баарыын сарсыарда илимиттэн ылан таһаарбыт икки куоҕаһын үргүү олороро үһү. Биирин хайыы-сах ньылбы тардан ыксатыгар бырахпыт, биирин ортолуу үргээн тордурҕатан эрэр эбит. Кини куоҕаһы куруук эт тарбаҕынан көрүөх бэтэрээ ыккардыгар үргээн кэбиһэрэ.

      – Дьэ, балтым Маарыйа, чахчы сэниэлээх, кыанар кыыс эбиккин, ити бэйэлээх атыыры итинник тутарыҥ… – диэн таайа Үөдэй Дьөгүөр улаханнык саллан сөхпүтэ үһү.

* * *

      Тээкиччэ эбэ оттонор ходуһата киэҥэ, сорох эҥээрдэринэн хотойон, оҥолох-чоҥолох көрдүгэннэринэн, көлүйэлэринэн ууланан-хаарданан быста-быста, син биир сирэ үрдээн, өлгөм үүнүүлээх күөх сөлөгөй оттоох ходуһалара бэйэ-бэйэлэрин кытары сиэттиһэн күөлү эргийэ бараллара. Чугас эргиннээҕи эбэлэр бары от үрэхтэринэн ситимнэһэллэрэ, саас халаан уута хото киллэрбит кэмигэр хааларыттан тахсан дохсун сүүрүктэнэллэрэ. Уу баҕарахтары бүтүннүүтүн ылара, онтон улам-улам уостан-симэлийэн, ээр-сэмээр тардан, анаан айбыкка, соруйан оҥорбукка дылы, от ыйын ортотун эргин ситэн, бастанан эрэр от, «охсон ылыҥ» диэбиттии, бэйэтэ эрэ олорон хаалара. Сир ийэ барахсан санаатынан, дьаалатынан ол курдук сылын аайы ходуһатын нүөлсүтэн өлгөм үүнүүнү биэрэрэ. Онон кырдьаҕастар Тээкиччэ эбэ бэл былыр хоруллубутун өйдөөбөттөр.

      Сылын аайы, үгэс курдук, чопчу Бөтүрүөп таҥара күн холкуос отчуттара ходуһаҕа киирэллэрэ. Ийэм аах балаҕаммыт анныттан саҕалаан уһун манастыыр хайытан охсон бараллара. Аан маҥнай өтөхпүт иһин-таһын, уу баһа киирэр ыллык суолбут икки өттүн, дулҕалаах хордоҕойу эргиччи илэчититтэн кыһыйан хоруйаллара. Оччоҕуна, хадьымал таҕыстаҕына, сүүллээн түспүт хойуу кумаар тарҕанара, тыаллаах, чэлгиэн күн отой да сүтэрэ.

      Илин Кыргыдай «Чернышевскай» аатынан холкуоһун бырабылыанньата Тээкиччэттэн икки көстөн ордук ыраах сытар Алаас диэн күөл улахан өтөҕөр баара. Холкуос киинэ сир буолан, ордук элбэх ыал онно түмсэн дьиэ-уот туттан олохтоохтук тэринэн, олохсуйан эрэр кэмнэрэ этэ. Ол эрэн оннооҕор элбэх ыал өссө да алаас-алаас, өтөх-өтөх